СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ нэһилиэнньэни кытта көрсүөҕэ

Ааптар: 
26.09.2017
Бөлөххө киир:

Сарсын, ол эбэтэр балаҕан ыйын 27 күнүгэр (сэрэдэҕэ), СӨ Ил Дархана “Бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү күннэрин ыытар туһунан” дьаһалыгар олоҕуран, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү тэриллэрин туһунан, тустаах министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. edersaas.ru

Ол курдук, министиэристибэҕэ сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18 чааска диэри биирдиилээн дьону кытта көрсүөхтэрэ, ону тэҥэ видео-конференц-сибээс, видео-сибээс, аудио-сибээс, сибээс о.д.а. көрүҥнэринэн хааччыйыахтара.

Биирдиилээн көрсүһүү уочарат быһыытынан барар. Пааспаргытын илдьэ тиийэргитин умнумаҥ.

Эрдэттэн Ленин проспегын 30 №-дээх дьиэтин, 210-с, 222-с хосторугар суруйтарыаххытын сөп. Билсэр нүөмэргит: 506-928.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0