Сүүрбэччэ даачаны халаабыт уоруйаҕы туттулар

Ааптар: 
03.11.2017
Бөлөххө киир:

Сайтпытыгар бу дьыл от ыйын 31 күнүгэр «Ойуурга олорор уоруйах» диэн төбөлөөх иһитиннэрии бэчээттэммитэ. Онно Сунтаар улууһугар  сирэ, дьиэтэ-уота суох буолан, ойуурга олорор уоруйаҕы туппуттарын туһунан суруйбуппут. Кини бородуукта уонна эрбии уорбут этэ.

edersaas.ru

Итиниэхэ маарынныыр түбэлтэ Ленскэй оройуонугар таҕыста.

Биир киһи кини даачатыгар массыынатыттан суумкатын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Суумкатыгар баан каарталара, төлөпүөн уонна харчы баар эбит –  барыта 26 тыһ. солк. суумалаах хоромньуламмыт.

Бу уорууга уорбаланан, Өлүөхүмэттэн төрүттээх 28 саастаах киһи тутуллубут.

Кини билиммитинэн, биир даача тэлгэһэтигэр «УАЗ Патриот» массыына турарын көрбүт. Тулатын эргиччи көрүнэн-үөрэтэн баран, хаһаайын баанньыкка баарын таайбыт. Онно тиийэн, уорарбар мэһэйдээбэтин диэн, баанньык аанын маһынан баттаппыт. Уонна аана хатамматах массыынаҕа сытар суумкаттан баан каарталарын, төлөпүөнү уонна харчыны уорбут.

Уорбаланааччы полицейскайдарга быһаарбытынан, кини Ленскэй куоракка икки ый анараа өттүгэр кэлбит, түөтэтигэр олорбут. Онтон түөтэтиниин кыыһырсан баран, ханна да барар, олорор сирэ суох буолан, биир кураанах турар даача дьиэтигэр киирэн, биэс күн онно олорбут.

Ол кэм иһигэр аттынааҕы, чугас эргин турар сүүрбэччэ дьиэттэн бородуукта, итирдэр утах, баар харчыны барытын уорбут. Быһаарбытынан, дьиэтигэр төннөрүгэр билиэт харчытын, 6 тыһ. солк. сууманы, мунньа сатыы сылдьыбыт.

«Уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ.

СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата: 

–   Убаастабыллаах гражданнар! Күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмнэргэ даачалартан уоруу элбиир. Онон, сыаналаах малларгытын сайыҥҥы дьиэлэргитигэр хаалларымаҥ! Сэрэхтээх буолуҥ!

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0