Сөрүө тоҕо аҕыйаҕый?

Ааптар: 
05.05.2020
Бөлөххө киир:

Сахалар атын омуктарга букатын майгыннаабат туох ураты маллардаахтарый? Үчүгэйдик толкуйдаатахха, син элбэҕи ааттыахха сөп буолуо. Дьиҥэр, таҥас-сап, иһит-хомуос, сэп-сэбиргэл барыта кэриэтэ араас омук алтыһыытыттан ­айыллыбыт буоллаҕа. Онон сорох, саха халадаайа “холодайка” диэн нуучча омук таҥаһыгар олоҕуран айыллыбытын соһуйа истиэҕэ, атыттар хомус курдук үнүстүрүмүөн сүүһүнэн омукка баарын дьиктиргии ылыныа. Хата чорооҥҥо майгынныыр иһит кимиэхэ даҕаны суох быһыылаах дуу? Ол эрэн, бүгүн сахаҕа эрэ баар оҥоһук туһунан кэпсэтиэххэйиҥ. Саха омугун мааны көбүөрүн – сөрүө туһунан.

edersaas.ru

Көбүөр дуу, циновка дуу?

Аныгы мусуой тиэрминнэригэр сөрүө тоҕо эрэ “циновка” диэн оҥоһуктарга киллэриллибит. Дьиҥэр, тиэрминнэри ырытан көрдөххө, сөрүө, туох даҕаны саарбаҕа суох, оҥоһук быһыытынан “ковёр” буолар.

Циновка диэн тугуй? Циновка – имиллибит үүнээйиттэн өрүллэр судургу соҕус оҥоһук. Үгэс курдук, кулуһунтан, соломоттон, синньигэс талахтан өрүллэр, дьоҕус кээмэйдээх буолар. Циновканы үксүн ­муостаҕа тэлгииллэр, ол эрэн, билиҥҥи кэмҥэ дьиэ киэргэлэ буолуон сөп.

Көбүөрдэри үксүн солкоттон, кыыл түүтүттэн, кылтан өрөллөр. Уустук оһуордаах, улахан үлэни уонна сатабылы эрэйэр өр кэм иһигэр айыллар уус-уран суолталаах оҥоһук. Көбүөр хайаан даҕаны түүлээх буолбат. Соҕуруу Дагестан маастардара “сумахи” диэн оҥоһуктара, кумыктар “дум” диэн ааттанар тэлгэхтэрэ түүтэ суох көбүөрдэргэ киирсэллэр.

Онон сөрүөнү “циновка” диэн ааттыыр кыра сэнээһиннээх курдук иһиллэр.

Баай ыал тэллэҕэ

Сөрүө былыр даҕаны, билигин даҕаны улаханнык тарҕамматах, аҕыйах эрэ ыалга баар көбүөр. Ити төрүөтэ оҥоһуута уустугар, үлэтэ элбэҕэр, онтон сылтаан сыаната ыараханыгар сытар. Уонна өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн элбэх сыллар усталарыгар сөрүө өрүүтэ умнуллан, олох даҕаны сүтэ сылдьыбыта.

Саха омук былыр-былыргыттан баайынан киһиргиир адьыната суох, баардааҕын кистиир, көрдөрбөт үгэстээх. Ол эрэн, уруулаһыы кэмигэр саҥа аймахтар иннилэригэр төһө сэниэлээхтэрин көрдөрөр үгэстээхтэр. Онно сөрүө биир бэлиэ мал буолар эбит. Кийиит кыыс сүктэригэр илдьэ барар сүҥ сөрүөтэ диэн баар. Үһүйээн быһыытынан кыыс оҕо төрөөтүн кытта сылгы түүтүн тараан, өҥүн арааран, мунньан бараллар үһү. Бу сөрүө кыыстаах уол бастакы бииргэ уту­йар түүннэригэр тэллэх буолар үһү. Маннык сиэл тэллэххэ таптал имэҥнээх буолар, онно үөскээбит оҕо доруобай буолар диэн суолталаах.

Ити үһүйээнтэн көстөр – сөрүө хас даҕаны сыл тухары оҥоһуллар, күндү мал буолара. Кыыс сөрүөтэ сырдык “хонуулаах” туспа ойуулаах буолар. Өссө биир туспа аналлаах сөрүө, дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын оронугар тэлгэнэр хараҥа “хонуулаах” сөрүө. Сиэлтэн оҥоһуллар биэс араас сөрүө баара биллэр: нэктэл сөрүө, ыалдьыт сөрүөтэ, тойон сөрүө, кыыс сөрүөтэ уонна ыал сөрүөтэ. Оҕо сөрүөтэ диэн эмиэ баар, ол гынан баран кинини кулун тириититтэн өрөллөр эбит.

Биллэн турар, ыал барыта сөрүө араас көрүҥүн муспатаҕа чахчы. Дьиҥ баай, төлүүр кыахтаах эрэ дьон элбэх, үчүгэй оҥоһуулаах сөрүөлээх буолаллар.

Сөрүө тоҕо аҕыйаҕый?

Билиҥҥи тот олоххо харчылаах дьон син элбэх эрээри, сөрүө атыылаһан дьиэтин киэргэтэр үгэс соччо элбэҕэ суох курдук. Тоҕо оннугуй? Төрүөтэ элбэх эрээри саамай сүрүнэ – өрөр уран тарбахтаах аҕыйах.

Бэйэтин кэмигэр бу уустук сатабыл олох даҕаны симэлийэ сыспыта. Олох аҕыйах уус дьахтар сүтэрбэккэ илдьэ сылдьан, кэнники дьону үөрэтэн, бу сатабылы сөргүппүттэрэ.

Холобур, дьоҥҥо киэҥник биллэр норуот маастара, Чурапчы Хадаарыттан төрүттээх Евдокия Пинигина сөрүөнү өр сылларга өрбөккө сылдьан баран, 70-с сылларга биэнсийэҕэ тахсан эрэ баран өрөр буолбута. Кэнники төрөппүт кыыһын, сиэннэрин бу идэҕэ үөрэппитэ. Ону таһынан, сөрүө өрүүтүн бэйэ эрэ аймах кистэлэҥэ оҥостубакка, үгүс үөрэниэн баҕалаах дьоннору үөрэппитэ. Билигин киниттэн үөрэммит дьон кэлэр көлүөнэни үөрэтэ сатыыр, холобура, Евдокия Семеновна кыыһа Акулина Кривошапкина Хадаар нэһилиэгэр сөрүө өрүүтүн куру­һуогун ыытар.

Ол эрэн, үөрэнээччи барыта бу идэни ылыммат эбит. Тоҕо диэтэххэ, сөрүөнү оҥоруу уустук уонна ону таһынан, ыарыылаах даҕаны.

Хайдах оҥоһулларый?

Сөрүөнү сүүһүнэн синньигэс ситиилэртэн өрөллөр. Ол ситиини сыгынньах сотоҕо эрийэн хаталлар. Ити олус ыарыылаах, киһи ти­­риитин бааһырдар ньыма. Билиҥҥи кэм маастардара ити ыарыылаах түһүмэҕи солбуйар атын ньыманы көрдөөбүттэрэ ыраатта. Сорохтор массыына көлөһөтүн эрэһиинэтигэр хатары талаллар. Ол эрэн, ити ньыма мөлтөх өрүттээх – үрүҥ кылы хараардар. Уонна сорох сөрүө өрөөччүлэр этэллэринэн, ситии бөҕөтүн киһи бэйэтин сыгынньах этинэн билбитэ ордук дииллэр. Онон улахан маастардар билигин даҕаны сотолоругар хаталларын ордороллор.

Сөрүө ойуутун маастар эрдэттэн былаанныыр, ол былааҥҥа сиэттэрэн, хайдах өҥнөөх кыл төһө барарын суоттуур, таҥар. Ортотунан биир орто сөрүөнү өрөргө 4 киилэ кэриэтэ саамай туйгун хаачыстыбалаах кыл баранар. Хара, кугас, маҥан, бороҥ өҥнөөх наардаммыт, сууйуллубут кыл туһаҕа тахсар. Ити 4 киилэни куул муҥунан кылтан сүүмэрдээн ылаллар, туһаҕа тахсыбата элбэх буолар.

Дэйбиир сыананы үрдэттэ

Маастардар этэллэринэн, сылгы сиэлэ, кутуруга уруккуттан ыарахан сыаналаах матыры­йаал. Сэбиэскэй былаас кэмигэр кыл табаар быһыытынан атыыламмат буолан, сылгыһыттары, хол­куоһу кытта туспа кэпсэтэн булуллар эбит. Билигин чааһынай дьон сылгыланан, атыылаһар кыах баар буолбут эрээри, аны сыаната куруук үрдүү турар эбит. Урут биир сылгы кутуруга уонна сиэлэ балтараа тыһыынча солкуобай кэриҥэ эбит буоллаҕына, билигин биэс тыһыынчаҕа тиийэ сыаналанар эбит. “Ити дэйбиир иилинэр муода үөдүйбүтүттэн ыла, кыл сыаната өрө барбыта, – диэн кэпсиир Акулина Семеновна, — дэйбиири оҥорор быдан дөбөҥ буоллаҕа, оттон сыаната тос курдук, онон быдан барыстаах курдук”.

Оттон сөрүө сыаната төһө буолар эбитий? Сэбиэскэй кэмҥэ, 1983 сыллаахха Акулина Семеновна этэринэн, үксүн мусуойдар сакаастаһан оҥортороллор эбит. Биир сөрүөнү анаан-минээн атыыга диэн анаан ийэтиниин оҥорбуттарын өйдүүр. Матырыйаал көрдөөһүнүгэр, үлэтигэр уопсайа сыл кэриҥэ ба­­раан баран, оҥорбут сөрүөлэрин 900 солкуобайга атыылаабыттар. Кырдьык, улахан харчы. Ол эрэн, икки үрдүк таһымнаах маастар биир сыллааҕы үлэлэрин соболоҥо дии санаатахха, наһаа элбэҕэ суох.

Билиҥҥи кэмҥэ сөрүөнү му­­суой эрэ атыыласпат, кыахтаах киһи барыта атыылаһыан сөп. Нам нэһилиэгэр олорор норуот маастара Мария Рехлясова этэринэн, бэлэм баар матырыйаалтан, атыҥҥа аралдьыйбакка эрэ үлэлээтэххэ, биир үчүгэй сөрүөнү 3 ый иһигэр өрүөххэ сөп диир.

Мусуой үлэһиттэриттэн “сөрүөнү төһө сыанаҕа атыылаһаҕыт?” диэн ыйытыыга эп­­пиэттиири ыарырҕаттылар. “Маастар аатыттан, оҥоһук кээмэ­йиттэн, хаачыстыбатыттан тутулуктаах, биир анаммыт сыана суох” диэтилэр. Сөп. Биир биллэр маастар атыыга тахсыбыт сөрүөтүн сыанатын көрүөҕүҥ. 1 миэтэрэ 72 сантымыатыр усталаах, 56 сантымыатыр кэтиттээх улахан сөрүө 100 тыһыынча солкуобайга атыыланар эбит. Матырыйаал сыанатын, үлэ уустугун, баранар бириэмэтин аахтахха, кырдьык, сөп сыана этиллибит. Дьиҥнээх уус санаатын күүһүнэн айбыт, сатабылын көмөтүнэн оҥорбут айымньыта чэпчэки буолбата чахчы. Ол эрэн, саха дьиҥнээх көбүөрүн атыылаһаары, төһө киһи итиччэ харчыны уунан биэрэрэ эбитэ буолла?

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Егор Карпов, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0