Чэбдигирдэр сүүрүү (СҮБЭЛЭР)

Ааптар: 
30.08.2017
Бөлөххө киир:

“Күүстээх буолуоххун баҕараҕын – сүүр, кыраһыабай буолуоххун баҕараҕын – сүүр, өйдөөх буолуоххун баҕараҕын – сүүр”. Бу дириҥ ис хоһоонноох тыллар Түҥ былыргы Элладаҕа үрдүк очуос тааска ойо быһыллан суруллан турбуттарын үһүйээн кэпсиир. Ол этиини кытта Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээх Дьокуускай куорат олохтооҕо, П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥ институтун геоинформацияҕа бөлөҕүн салайааччы, география наукатын хандьыдаата, ультрамарафонец Ярослав Торговкин толору сөбүлэһэр.

edersaas.ru


Лидьярд, Гилмор сүбэлэринэн

 Алта уонус сыллар бүтүүлэригэр саха оҕото барыта тустуунан үлүһүйэрэ. Мин эмиэ онтон туора турбатаҕым. Бэл, үөрэнээччилэр күрэхтэһиилэригэр миэстэлэһэн турардаахпын. Бу санаатахха, дойдубар, II Нөөрүктээйигэ, физкультура учууталларынан үтүөкэн дьон үлэлээбит­тэр эбит. Кинилэр сүбэлэринэн аһаах бэ­йэм сүүрүүнэн дьарыктанар буоллум. Артур Лидьярд, Гарт ГилморБег ради жизникинигэлэрин булан аахтым. Сүүрүү киһи этинсиинин бөҕөргөтөр эбит диэн санаа ол кэмтэн төбөбөр олорон хаалбыт. Оччо­лорго уон алталаахпын, тохсуска үөрэнэбин. Дэриэбинэм кыракый саалатыгар быысхайаҕас көһүннэҕинэ сүүрэбин. Арыт оскуола көрүдүөрүгэр доҕотторбу­нуунинибии Валера, Саша Платоновтары кытта дьарыктанабыт. Кэлин иккиэн сахалыы ыстаныыларга маастар буолбуттара.

 Сүүрүүм аармыйаҕа туһалаабыта  

 Кырабыттан геолог буолар ыралааҕым. Онон оскуола кэнниттэн докумуоннарбын СГУ-га биэрдим. Соһуйуом иһин, мед-көрүүнү ааспатым, маннык идэҕэ доруобуйаҥ мөлтөх эбит диэтилэр. Тэҥнэһиэм дуо, дойдубар тахсан биир сыл сопхуоска үлэлээтим. Онтон аармыйаҕа ыҥырылынным, онно аһааххын диэбэтилэр, ыллылар. Байкальскай куоракка сулууспалаабытым. Онно сүүрүү бары өттүнэн туһалааҕын эппинэн-хааммынан билбитим.

«Мин соҕуруунан-хотунан син элбэх күрэхтэһиигэ кытынным. Олорго сылдьан тэҥнээн көрдөхпүнэ, биһиэхэ даҕаны улуус, кулууп таһымыгар кыахтаах уолаттар бааллар ээ. Ол эрээри дьоҕурдарын салгыы үлэлээн сайыннарбаттар, харах далыттан сүтэн хаалаллар. Кинилэргэ көҕүлүүр күүс суох дуу диэн көрөбүн. Онон агитациялыыр үлэ утумнаахтык ыытыллыан наада дии саныыбын.»

 Ультрамарафоҥҥа суолу тэлии

Мин спорка үрдүк көрдөрүүнү ситиһэргэ дьоҕурум да, бириэмэм да суох. Доруобуйам да ону кыайбат. Ол да буоллар, хас биирдии сүүрүүнэн дьарыктанар киһи бэйэтигэр хайаан да туох эрэ сыалы-соругу туруорунуохтаах: ыйааһын түһэриниитэ буоллун, үөлээннээхтэргиниин илин-кэлин түсүһүү буоллун, сааһыран баран эдэрдэри кытта тилэх баттаһа сылдьыы буоллун… Туох эрэ көҕүлүүр күүстээх, интэриэстээх буолуохтааххын.

Оскуолаҕа физкультура учууталлара дистанцияҕын хайаан да түмүктүөхтээххин, урукку көрдөрүүгүн ситиһэргэ, тупсарарга дьулуһуохтааххын диэн такайаллара. Ол эмиэ сөп эбит.

70-80-с сыллартан сүүрүү туһунан анал литэрэтиирэ элбээн барбыта. “Советский спорт” хаһыаты, “Физкультура и спорт”, “Легкая атлетика” сурунааллары ааҕабын. Биллиилээх стайердар Пааво Нурми, Абебе Бикила, Лассе Вирен, Мирус Ифтер тустарынан суруйуулары, академиктар Александр Микулин, Николай Амосов эти-сиини чэбдигирдии туһунан үлэлэрин кытта билистим. Дьарыкпар олорунан сирдэтинэр буоллум.

СГУ-га үөрэммит сылларбар Алексей Пестряков салалтатынан хайыһарынан дьарыктанаммын, кэлин “Дьулуур” сүүрүүнү сөбүлээччилэр кулууптарыгар сылдьаммын, бэйэбэр элбэҕи иҥэринним, киһи, сүүрүүк быһыытынан үүннүм дии саныыбын. “Дьулуурдар” ыытар тэрээһиннэрин, күрэхтэһиилэрин көтүппэппин. Өрөспүүбүлүкэтээҕи да куоталаһыыларга кытта сатыыбын. 1989 сыллаахха Саха сирин уон көскө бастакы уонна бүгүҥҥү күҥҥэ соҕотох күрэхтэһиитигэр күүспүн холонон көрдүм. Ол быыһыгар бэлисипиэтинэн эмиэ дьарыктанным. Кэнники сылларга интэриниэттэн ультрамарафон туһунан ааҕан биллим. Дьарыгым методиката да онно сөп түбэһэр курдук. Москваҕа тиийэн күүспүн холоннум. Үөлээннээхтэрбэр бастаатым. Онтон ыла икки сылга биирдэ бэриллэр борогуоммун туһанан, соҕуруу ыытыллар GOLDEN RING 100 Ultra Trail ультрамарафоҥҥа, марафоннарга, триатлоннарга кытта сатыыбын.

 Барыта кыраттан саҕаланар

 Сүүрүүнэн дьарыктаныан баҕалаахтарга “Үс П (Постепенность. Постоянство. Прилежность)” бириинсибин тутуһалларыгар сүбэлиэм этэ. Кыраттан, сыыйа-баайа саҕалыахха наада, өйдөөн-төйдөөн, бэйэ кыаҕын билинэн сүүрүөхтээххин. Биирдэ түһүнэн кэбистэххинэ, силгэҕин ууннарыаххын, эт быстыаххын сөп. Бэ­йэм холобурбуттан ылан эттэхпинэ, киһи этэ-сиинэ биир, икки нэдиэлэнэн халымыр эчэйиини бэйэтэ оһорунар буолар эбит. Кыра эчэйииттэн сылтаан дьарыгы тохтотору сыыһанан ааҕабын. Сүүрэн иһэн, таах сылдьан эккин-сииҥҥин кытта кэпсэтэ, истэ сылдьыахтааххын диэн спортсменнар сүбэлииллэр. Баһаалыста, ыалдьыма, тулуйуохха диэн. Арыт, кырдьык, биирдэ өйдөөбүтүҥ, ааһан хаалбыт буолар. 

 Таҥаһы, аһы көрүнүү

 Кыһынын таһырдьа сүүрэ сатыыбын. Үлэ чааһын кэнниттэн дьиэбиттэн чугастыы Сайсары күөлү кыйа бэдьэйэбин. Эргиирэ биэс биэрэстэ курдук. Арай улахан тымныыларга эрэ “Триумфка” киирэбин.

Билигин термобелье, хайыһар көстүүмүн эгэлгэтэ, талбытыҥ барыта баар. Урут биһиги саҕана түөскэр хаһыаты хаттыктана-хаттыктана сүүрэр курдук буолуо дуо. Уолаттар Норвегия, Финляндия хайыһар көстүүмнэрин ордороллор эбит. Мин горнолыжник­­ киэнин кэтэбин. Кылаабынайа, бэйэҕэр сөрү сөп олоруохтаах, киэҥ биитэр ыга тута сылдьар буолуо суохтаах. Сирэйбэр саал былааты баанабын. Тууна буолбакка, айахпыттан арыттаах гына. Оччоҕуна тыынарга чэпчэки буолар, кырыарбат. Интэриниэтинэн кыһыҥҥы кроссовканы сакаастаан ылбытым. Онон абыранным. Шипылаах буолан халтарыйбат, эбиитин сымнаҕас, чэпчэки. Уонна халыҥ буолан, биир наскылаах сылдьабын.

Сааһын, сайынын ыырым кэҥиир. Чочур Мыраанынан, Көтөр фабрикатынан, Күөх Хонуунан эргийэн кэлэбин. Күннэтэ кырата балтараа көһү сылдьабын.

Аска борбун диэххэ сөп. Мин санаабар, хас биирдии киһи этэ-сиинэ араас аһы атын-атыннык ылынар. Уонна мин өлө-тиллэ сүүрбэт итиэннэ ханнык эрэ үрдүк көрдөрүүнү эккирэтиспэт буолан, араас диеталары тутуһа сатаабаппын, сөбүлүүрбүн барытын сиибин. Тоҕо эбитэ буолла, арай аармыйа кэнниттэн үүтү испэт буолан турабын.

«1969 сыллаахха быһыылааҕа, дэриэбинэбит кулуубугар “Трудные старты Мехико” киинэни көрбүппүн билиҥҥээҥҥэ диэри умнубаппын. Спортсменнар диэн дьон баалларын онно саҥа билбитим. Дьиэбэр кэлэн омун-төлөн буолан аҕабар кэпсээбиппэр, эн даҕаны спордунан дьарыктаннаххына, эрчилиннэххинэ, оннук буолуоҥ диэн төбөбүттэн имэрийэн ылбыта. Бэйэтэ сэрии оҕото, детдомҥа иитиллибит, 40-гар оһолго түбэһэн Күн сириттэн күрэммит аҕам инники дьылҕабын өтө көрбүт курдук эппит.»

 Сиэммэр холобур буоларга кыһаллабын

 Сүүрүүнэн дьарыктанар киһи ис туругун, сүрэҕин үлэтин куруутун хонтуруоллана сылдьыахтаах. Улахан ноҕуруускаттан киһи арыт утуйбат буолан хаалааччы. Оччотугар сынньаныаххын наада. Итиэн­нэ тэтимнээхтик сүүрэр эмиэ сэрэх­тээх. Уонна хайаан да кэмиттэн кэмигэр мед-көрүүнү барыахтаах. Саҥа саҕалааччылар сүрүн алҕастара итиннэ сытар. Доруобайбын дии-дии сүүр да сүүр буолаллар.

Лаппыйан эттэххэ, сүүрүүнэн дьарыктанааччы бэйэтигэр чопчу сыал-сорук туруорунуохтаах. Күн аайы, сайын куйааска, кыһын тымныыга сүүрэ тахсарыгар туох эрэ интэриэстээх, көҕүлүүр ис күүстээх, баҕа санаалаах буолуохтаах. Ити элбэҕи быһаарар. Холобур, миэхэ билигин биир көҕүлүүр күүһүнэн бастакы кылааһы бү­тэрбит сиэним Юра буолар. Сүүрэргэ олус аллаах, кыһаллар ахан. Куорат күрэхтэһиилэригэр куруутун кыттабыт.

Биэс сиэним, үс оҕом, кэргэним Прасковья Николаевна эмиэ сүүрүүнү өрө туппут дьон. Онтон мин эһээ, аҕа киһи үөрэбин эрэ.

 Тыалы кытта сырсан

 Устудьуоннуу сылдьан көрөр бэтэрээн сүүрүүктэрим күн бүгүҥҥэ диэри улаханнык уларыйбакка, кырдьыыга бэриммэккэ сүүрэ сылдьалларын көрө-көрө испэр үөрэбин. Биһиги да иннибит уһун, кинилэр саастарыгар эмиэ сүһүөхпүт үрдүгэр сылдьан бэдьэйиэхпит буоллаҕа диэн. Күөх дуолга эти-сиини тэнитэн дуоһуйа сүүрэртэн, сирэйгэр чэбдик тыал утары үрэриттэн ордук туох баар үһүө!

Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0