«Сүрүн ыйытыы»: дьоҥҥо тустаах көмө күүһүрүөҕэ

24.05.2017
Бөлөххө киир:

“Сүрүн ыйытыы” бырайыакпыт ыам ыйынааҕы таһаарыытыгар Ил Дархан Егор Борисов социальнай көмөҕө туһуламмыт боппуруостарга хоруйдаата. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ 18 % дьадаҥытык олорорун бэлиэтээн туран, социальнай көмө тус сыаллаах, аадырыстаан тиийиэҕин туһунан иһитиннэрдэ. Ону сэргэ, нэһилиэккэ саҥа үлэ миэстэтин таһаарыыга, хаачыстыбаны тупсарыыга санааларын эттэ.

 Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Нэһилиэнньэ 18 % дьадаҥы

Кирилл Алексеев: Бу сырыыга үгүс боппуруос социальнай эйгэҕэ киирбититтэн көрдөххө, дьон-сэргэ көмөнү ылыыга санаатын уурар эбит. Онон бүгүн бу тиэмэ туһунан кэпсэтиэхпит. Бу соторутааҕыта Эн икки ыйаах таһааран тураҕын. Кэпсэтиибитин онтон саҕалыахха.

Егор Борисов: Бастатан туран, бу сыллаах үлэбит-хамнаспыт сыалын-соругун туһунан этэн аһарыам этэ. Былырыын Анал этиибэр инники күөҥҥэ тутуллар икки хайысханы ыйан турабын: олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы уонна кыаммат буолууну суох оҥоруу туһунан. Төһө да биһиги дохуот чааһыгар, хамнаһы, биэнсийэни, атын да дохуоттары аахтахха, дойду үрдүнэн бастыҥнар ахсааннарыгар кииристэрбит, хомойуох иһин, билигин нэһилиэнньэбит 18 % дьадаҥытык олорор. Үгүс киһи тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра хамнастаах. Манна ордук элбэх оҕолоох ыаллар оҕустараллар.
Кэнники сылларга улуустарга сылдьан элбэх оҕолоохтору кытары элбэхтэ көрүстүм. Тус бэйэм эмиэ элбэх оҕолоох ыалга улааппыт буолан, кинилэр кыһалҕаларын олус үчүгэйдик билэбин, өйдүүбүн. Ити кэпсэтиилэр түмүктэринэн кинилэргэ көмөлөһөр суолу тобулуохха наада эбит диэн санааҕа кэлбитим.
Ол иһин бу соторутааҕыта социальнай көмөҕө туһуламмыт ыйаахтарбын таһаардым. Бастатан туран, элбэх оҕолоох ыалга көмөлөһүүнү киллэрдибит. Ол курдук, уонтан элбэх оҕолоох ийэҕэ “Дьоруой ийэ” диэн аат иҥэриллиэҕэ. Бу манна биирдии мөлүйүөн төлөнүөҕэ. От ыйыгар диэри бырабыыталыстыба туох баар механизмын оҥорон, от ыйыттан бу үлэни саҕалыаҕа диэн эрэнэбин. Ону сэргэ “Ийэ Албан аата” аакка бастакы, иккис, үһүс истиэпэннээх диэн киллэрэн биэрдибит. Манна эмиэ материальнай көмөлөөх буолуоҕа. Ону таһынан, араас чэпчэтиини оҥордубут. Ол курдук, култуурунай, социальнай эбийиэктэргэ оҕолорго чэпчэтии көрүлүннэ. Бу уларыйыылар сыл бүтүүтүттэн саҕалаан үлэлээн барыахтара.

Уһук Илин региоҥҥа бастакы

Кирилл Алексеев: 2016 с. ахсынньы 1 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 21 тыһ. тахса элбэх оҕолоох ыал баара биллибитэ. Кинилэр 18 саастарын туола илик 72 тыһ. тахса оҕолоохтор. Регионнары ылан көрдөххө, киһи ахсаанынан эбиллиибит хайдаҕый?

Егор Борисов: Дойду үрдүнэн уонча региоҥҥа нэһилиэнньэ ахсаана оҕо төрөөһүнүнэн эбиллибитэ көстөр. Ол иһигэр Саха сирэ эмиэ киирсэ сылдьар. Кэнники уонча сыл иһигэр Уһук Илин регионнарга биһиги бастакы миэстэҕэ иһэбит. Билэбин, өрөспүүбүлүкэттэн көһөн барыы билигин да баар. Ол эрээри нэһилиэнньэ ахсаана оҕо төрөөһүнүнэн элбии турар. Ону сэргэ олоруу орто көрдөрүүтэ үрдээтэ, өлүү-сүтүү да аҕыйаата. Уонна статистика көрдөрөрүнэн, биһиги бэйэбит испитигэр көһүүбүт быдан кыччаата.
Ити социальнай эйгэттэн улахан тутулуктаах. Кэлиҥҥи сылларга тыа сириттэн дьон-сэргэ киин сиргэ көһөн кэлэр диэн айманар эбит буоллахпытына, билигин ити тохтоон эрэр. Итиннэ, биир үксүн, дьон-сэргэ олорор усулуобуйатын тупсарыыга үлэни-хамнаһы ыыппыппыт улаханнык сабыдыаллаата.

Түөлбэлэр кыттыһыахтара

Кирилл Алексеев: Социальнай көмөнү биэриигэ тус сыаллаах, аадырыстаан көмөлөһүү диэн киирдэ. Социальнай сулууспа хайдах үлэлиэҕэй?

Егор Борисов: Тустаах ыйаахтарбар социальнай сулууспалар сорох боломуочуйаларын нэһилиэк таһымыгар биэрэргэ диэн этэн турабын. Тоҕо диэтэргин, бу сулууспа үлэһиттэрэ оройуон киинигэр олороллор уонна нэһилиэккэ ким, хайдах олорорун билбэттэр. Бу хайысханы нэһилиэк баһылыгыттан ураты ким да билбэт. Онон билигин социальнай көмөҕө наадыйар киһи баһылыкка сүүрэн тиийэн ыйыталаһар, көмө көрдүүр буолуоҕа. Онуоха баһылык социальнай сулууспалары кытары үлэлэһэр бырааптаныаҕа.
Бу көмө хайдах барыаҕай? Бастатан туран, аадырыстаан көмөлөһүүнү күүһүрдүөхпүт. Ол аата көмө ордук наадыйар дьоҥҥо туһуланыаҕа. Ол иһигэр дьиэ кэргэн дохуотуттан көрөн көмөлөһүү диэн киириэҕэ. Холобур, икки тэҥ дохуоттаах ыал үс дуу, алта дуу оҕолооҕуттан улахан тутулуктаах. Биллэн турар, алта оҕолоох ыалга улахан ноҕурууска ууруллар. Ол иһин манна уларытыыны киллэрэр туһуттан федеральнай таһымҥа тиийэ боппуруоспутун туруорса сылдьабыт.
Бу боппуруоска өссө биири бэлиэтээн эттэххэ, социальнай көмөнү биэриигэ уопсастыбаннаһы кытары үлэлэһии күүһүрүөҕэ. Холобур, иһэр-аһыыр дьоммут эппиэтинэһи сүгэллэрин наадатыгар, баһылыктары кытары уопсастыбаннас, түөлбэлэр кыттыһан үлэлииллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Хаачыстыбаны ирдиибин

Кирилл Алексеев: Кыра дохуоттаах буолуу, биир өттүнэн, үрдүк хамнастаах үлэ миэстэтэ тиийбэтиттэн буолуон сөп. Саҥа үлэ миэстэтин тэрийиигэ туох үлэ барарый? Бу туһунан наһаа элбэх киһи ыйытар.

Егор Борисов: Манна икки суол баар диэн көрөбүн. Өрөспүүбүлүкэбитигэр урут-уруккуттан олохсуйан хаалбытынан, промышленнай тэрилтэлэр быдан үрдүк хамнастаахтар, оттон тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир дьон (тыа сирин дьоно) хамнастара кыра диэн өйдөбүл баар. Ити баар суол. Промышленнай тэрилтэлэр аан дойду таһымыгар үлэлиир буоланнар, ырыынак эйгэтигэр түргэнник киирбиттэрэ, оттон тыа хаһаайыстыбатыгар ырыынак сокуона олус бытааннык киирэн эрэр. Тоҕо диэтэргин, бу эйгэ бэйэтин ис айылгытынан туспа, ураты. Ити биһиэхэ эрэ буолбатах эбээт, аан дойду үрдүнэн барытынан баар көстүү.
Ол иһин билигин бу эйгэни өрө көтөҕөн, киһи үлэлиир, олорор усулуобуйатын тупсарыыга үлэни ыытабыт. Тыа хаһаайыстыбатыттан үрдүк дохуоту ылыыга биһиги тиийиэхтээхпит. Онуоха холобур быһыытынан былырыын Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр бара сылдьан аатырбыт ыанньыксыппыт Владимир Михайловы кытары кэпсэтиибитин аҕалыахпын баҕарабын. Владимир Африкановичтан дохуотун туһунан ыйыппыппар, кини сайыҥҥы бириэмэҕэ ыйга 120 тыһ. солк. аахсабын диэн хоруйдаабыта. Кини итини хайдах ситиһэрий? Ситиһэр суола биир: ынахтан элбэх үүтү ыан ылар. Сайыҥҥы кэмҥэ биир ынахтан 3,5 тыһ. киилэттэн кыраны ыабат эбит.
Ол иһин этэбин, билигин биир ынахтан 1,5-2 киилэ үүтү ылабыт дии олорон, үрдүк хамнастаныахпыт диэн кэпсэтэрбит табыллыбат. Үрдүк хамнастаах буоларбытыгар, бастатан туран, оҥорон таһаарыыны үрдэтиэхпитин наада. Онтон атын суолу көрбөппүн. Көдьүүстээх үлэ дохуоту аҕалар. Ол иһин билигин хаачыстыбаны тупсаран, ахсааны ылыыга ылсыахтаахпыт.
Аны үлэ миэстэтин таһаарыы туһунан эттэххэ, олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыахпыт диэн этэн турабын. Ити бары хайысхаҕа барытыгар сыһыаннаах. Дьоҕус, орто бизнеһи сайыннаран, үлэ миэстэтин таһаарыыга үлэлэһиэхтээхпит.
Оттон промышленнай тэрилтэлэргэ олохтоохтору үлэҕэ ылыы туһунан этэн аһардахха, манна хампаанньалары кытары дуогабар түһэрсэн үлэни ыытабыт. Биллэн турар, сүрүннээн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан кэлбит дьоҥҥо бараҥҥын промышленноска үлэлээ диир уустук. Ол эрээри манна эдэр дьон күүскэ ылсыахтаахтар. Билигин улахан хампаанньаларбытыгар олохтоохтор бары эйгэҕэ киирэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Мирнэй, Ленскэй буоллун барытыгар. Ол эрээри бэйэбит дьоммутун оробуочай, орто сүһүөх үлэлэргэ эрэ буолбакка, биһиги салалтаҕа эмиэ көрүөхпүтүн баҕарабыт. Промышленноска үлэлэһэрбитин онон сыана быһабыт. Ол эрээри үлэһит салайар үлэҕэ тахсарыгар хас да түһүмэҕи, хас биирдии үлэ миэстэтигэр улахан күөн көрсүһүүнү ааһыахтааҕын өйдүөхпүтүн наада.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0