Сүппүт ыалы буллулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Полиция үлэһиттэрэ от ыйын 25 күнүттэн сибээскэ тахсыбатах ыалы буллулар. 

Кэргэнниилэри уонна кинилэр тастыҥ балтыларын Алдан оройуонун Улуу сэлиэнньэтиттэн 8 км тэйиччи баар сиртэн буллулар.

«Бу кэм устата кинилэр сынньана сылдьыбыттар, сир астаабыттар, сибээс хаппат сиригэр сылдьыбыттар», — диэн Саха сиринээҕи ИДьМ иһитиннэрэр.

Ыал сүппүтүн туһунан иһитиннэрии от ыйын 28 күнүгэр Хаҥаластааҕы ИДьМ салаатыгар киирбит.

Саха сиригэр ыал сураҕа суох сүттэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0