Сүппүт дьахтар көһүннэ

Бөлөххө киир:

Сэтинньи 5 күнүгэр Дьокуускайга Лермонтов уулуссатын 156/1 аадырыска олорор 46 саастаах дьахтар, үлэтиттэн төннөн иһэн оҕотугар төлөпүөннээн айаннаан эрэрин иһитиннэрбит. Ол кэннэ дьахтар ууга  тааһы бырахпыттыы сүппүтэ.

Полиция үлэһиттэрэ бу дьахтары уон хонук устата көрдөөн, дьэ, буллулар. Бэлиэтээн  этэр буоллахха, бу иннинэ Дьокуускайга эдэр дьахталлар сүтэн, куорат олохтоохторо дьиксинэ санаабыттара. 46 саастаах сүппүт ийэ урукку өттүгэр маннык сүтэр идэлээх эбит. Ол эрээри, уон хонук устатыгар бастакытын сүппүт.

Дьахтар билинэринэн, кини уон хонук устата аһыы утаҕы иһэ-иһэ билэр эр киһитин дьиэтигэр олорбут. Ким да кинини онно күүһүнэн хаайан олордубатаҕын иһитиннэрбит.

Ульяна Захарова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0