Үһүс оҕоҕо – мөлүйүөнү!

Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин Уһук Илин эрэгийиэнигэр олорор дьиэ кэргэттэр саҥа төрүүр үһүс уонна онтон кэлэр оҕолоругар 1 мөлүйүөн солкуобайы биэрэр туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Бу көмө туһунан этиини вице-премьер Юрий Трутнев көҕүлээбитэ.

Сэтинньи 1 күнүгэр диэри премьер-миниистир Михаил Мишустин Уһук Илиҥҥэ олорор дьиэ кэргэттэри өйүүргэ эбии миэрэлэр тустарынан дакылааты бэрэсидьиэҥҥэ бэлэмнээн киллэриэхтээх. Ол эбэтэр, өссө эбии көмө баар буолуон сөп.

Бу биирдэ бэриллэр 1 мөлүйүөннээх көмө сүрүн усулуобуйата – саҥа төрөөбүт оҕо Уһук Илиҥҥэ баар ЗАГС-ҕа регистрацияламмыт буолуохтаах. Бу харчыны төрөппүттэрэ олорор сирдэригэр дьиэ атыылаһалларыгар, эбэтэр тутталларыгар эрэ ыытар кыахтаахтар.

Маны таһынан, Саха сиригэр үһүс оҕоломмут ыал федеральнай Ийэ хапытаалын иккис оҕолоругар ылбыттарын кэннэ, эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын – 139,8 тыһыынча солкуобайы, сир учаастагын ылаллар.

Үһүс оҕоҕо ый аайы төлөбүр бэриллэр буолуоҕа. Саха сирэ федеральнай бүддьүөттэн субсидия көрүллэр 59 эрэгийиэн иһигэр киирдэ. Бу субсидия үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, 3 сааһын туолуор диэри ый аайы бэриллэр. Тустаах ыйааҕы РФ Бырабыыталыстыбата таһаарда. Маннык көмөнү хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут орто дохуоттан (42,1 тыһыынча солкуобай) намыһах дохуоттаах дьиэ кэргэн ылар кыахтаах.

Бу ый аайы бэриллэр төлөбүр кээмэйэ эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһэр. Саха сиригэр төлөбүр суумата 18 559 солкуобай буолар. Маннык төлөбүрү 10 633 оҕо ылар кыахтаах. Федеральнай бүддьүөттэн эбии 405,8 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөхтээх. Билигин үп-харчы хаамыытын, сөбүлэһиини түһэрсии кэнниттэн, сэтинньи ортотуттан бу төлөбүрү төлөөн барыахтара.

Элбэх оҕолоох ыаллар мантан да элбэх федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи көмөнөн, чэпчэтиилэринэн туһанар кыахтаахтар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0