Үһүс оҕоҕо — 729 434 солкуобай

28.01.2020
Бөлөххө киир:

Оҕолоох ыалларга көмөлөһөр миэрэлэр уларыйа, эбиллэ тураллар. Ол курдук, Владимир Путин Анал этиитин кэнниттэн, элбэх уларыйыы киирдэ.

edersaas.ru

Саха сиригэр үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала 2011 сылтан төлөнөр. Суумата — 139 717 солкуобай. Ону тэҥэ, 2019 сылтан төрөөбүт үһүс оҕоҕо ипотека кирэдьиитин төлүүллэригэр 450 тыһыынча солкуобай бэриллэр буолбута. Онон үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөбүтүн кэннэ, дьиэ кэргэн 589 717 солкуобайы олорор усулуобуйатын тупсарыыга ыытыан сөп.

Онтон 2020 сылтан саҥа төрөөбүт үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо ый аайы 17 660 солкуобай төлөнөр буолла. Бу төлөбүрү хас биирдии чилиэнигэр тиксэр 42 119 солкуобайтан намыһах до­­хуоттаах дьиэ кэргэттэр ылар кыахтаахтар. Оҕо 3 сааһыгар диэри ый аайы ыллахха, бу босуобуйа уопсай суумата 635 760 солкуобайга тэҥнэһэр. Өссө үрдүөн сөп, тоҕо диэтэр, босуобуйаны тиийинэн олоруу алын кээмэйинэн ааҕаллар, ол сыл аайы кыратык үрдүүр.

Бу кэнниттэн оҕо 7-гэр диэри эмиэ босуобуйаны ылыан сөп. Владимир Путин кыаммат ыалларга оҕо 3-тэн 7 сааһын туо­луор диэри ый аайы босуобуйа төлөнөрүн туһунан иһитиннэрдэ. Суумата — 8900 солкуобай.

Онон үһүс уонна онтон кэлэр оҕолоро саҥа төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэн үс сыл устата 1 225 477 солкуобайдаах көмөнү судаарыстыбаттан ылыан сөп. Бу бастакы, иккис оҕолоругар ылбыт көмөнү аахсыбакка туран.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

хаартыска интэрниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0