С.Новгородов алпаабытынан суруллубут айымньыны ааҕыыга күрэстэстилэр

Ааптар: 
13.02.2019
Бөлөххө киир:

Сахалартан бастакы тыл үөрэхтээх учуонай, уhулуччулаах сырдатааччы, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи, сахалыы тылынан бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут, бэчээттэтэн таһаарбыт Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүн көрсө, П.А. Ойуунускай аатынан литература судаарыстыбаннай түмэлигэр олус интэриэһинэй тэрээһиннэр буоллулар.


Ол курдук “Өбүгэ суруга-бичигэ” экспозиция арылынна. Өлүөнэ өрүс сүнньүгэр барыта 23 руническай сурук баара биллэр. Бу суругу VIII-X үйэлэргэ суруйбуттара сабаҕаланар. Сорох суруктар өссө эрдэ IV-V үйэлэргэ суруллубут буолуохтарын сөп. Өлүөнэ-Байкал руна суруктарын чинчийии 30-с сыллартан саҕаламмыта. Аан бастаан Байкал күөл таһыгар көстүбүт сап хатарга аналлаах икки төгүрүк таас суруктарын финн учуонайдара К. Доннер уонна М. Рясянен, саха бастакы этнограф-учуонайа Г.В. Ксенофонтов, биллиилээх тюрколог С.Е.Малов чинчийбиттэрэ.
П.А. Ойуунускай Орхон графемаларыгар сөп түбэһэр 17 бэлиэ баарын быһаарбыта. 1941 с. А.П. Окладников, И.И. Барашков, Н.К. Антонов аҥаардас руна суруктарын эрэ буолбакка, рунаҕа майгынныыр бэлиэлэри эмиэ үөрэппиттэрэ. Оттон И.И. Барашков Өлүөнэ руникатыгар 45 руническай бэлиэ баарын, онтон 26-та Орхон-Енисей мэҥэ таастарын графемаларыгар майгынныырын бэлиэтээбитэ…
А.П. Окладников, В.Д.Запорожская, Е.С. Сидоров, А.И. Гоголев, Н.К.Антонов, Г.Г. Левин чинчийиилэригэр олоҕуран, кэрдиис кэмнэргэ наардаан, түмэн оҥоһулунна, аныгы олох ирдэбилинэн сахалыы уонна нууччалыы тылбаастанан электроннай киоскаҕа киирдэ.
Маны тэҥэ Күл Тэгин мэҥэ тааһыгар суруга, б.э.и. V үйэҕэ олоро сылдьыбыт, Казахстаннааҕы Иссык курганын хаһыыларыттан көстүбүт Сака буойун көмүс суругун тылбааһа көрдөрүүгэ турда.
Билэрбит курдук, Күл-Тэгин пааматынньыгы 1889 с. Н.М. Ядринцев Орхон өрүс биэрэгэр (Байкалга түһэр Селенга өрүс салаата) арыйбыта. 1958 с. саҕалаан Монголия-Чехословакия холбоһуктаах археология экспедициялара хаһан үөрэппиттэрэ. Ол түмүгэр пааматынньык маҥнайгы көрүҥэ маннык эбит. И.В. Стеблева быһаарыытынан, Күл-Тэгин мэҥэ тааһын кыра суруга хоһоонунан 110 строкалаах, улахан суруга 428 строкалаах. 1891 с. Арассыыйа Наукаларын Академията аатырбыт тюрколог, академик В.В.Радлов баһылыктаах улахан экспедицияны тэрийэн Монголияҕа ыыппыта. Руна сурук алпаабытын билиигэ В.В. Радловы кытта Дания учуонайа В.Томсен ордук ситиһиилэммиттэрэ. В.В. Радлов 14 буукуба суолтатын билбитэ. В. Томсен уонна кини бэйэтэ арыйбыт алпаабыттарынан биир стела суругун ааҕан тылбаастаабытын туһунан Арассыыйа Наукаларын Академиятын мунньаҕар дакылааттаабыта.
Бу П.А. Ойуунускай аатынан литература судаарыстыбаннай түмэлин “Өбүгэ суруга-бичигэ” экспозицията түмэл чинчийэргэ туһаайар ураты бырайыага буолар. Научнай  кэнсиэпсийэтин тыл билимин хандьыдаата, билим ыстаарсай сотруднига Ангелина Кузьмина, Cаха сирин Суруйааччыларын cойууһун чилиэнэ, бэйиэт, литератураны ырытааччы,
тылбаасчыт Н.Е. Винокуров-Урсун оҥордулар. Тыл билимин дуоктара И.Е. Алексеев-Хомус Уйбаан “Саха алпаабыта бэҕэһээ уонна бүгүн” тиэмэҕэ сэһэргээтэ.
Онтон С.А. Новгородов алпаабытынан дьыктаан суруйуутугар күрэс буолла. Дьыктаан С.А. Новгородов, Н.Е. Афанасьев уонна П.А. Слепцов 1923 с. таһаарбыт «Сурук бичик оҕо ааҕар кинигэтиниин» кинигэҕэ баар «Көнө оҕо» тэттик кэпсээнинэн буолла. Ирдэбилэ: оччотооҕу алпаабыт буукубаларын тутуһан суруйдулар. Түмүккэ суруналыыс Ирина Ханды, куорат олохтооҕо Павел Егоров, ХИФУ магистраннара Светлана Аргунова, Павел Егоров «5» сыанаҕа суруйан кыайыылаах аатын ыллылар.
Дьүүллүүр сүбэ быһыытынан, бэрэпиэссэр, тыл билимин дуоктара И.Е.Алексеев, тыл билимин хандьыдаата И.Н.Сорова сыаналаатылар. Маны тэҥэ С.А.Новгородов алпаабытынан суруллубут айымньыны таба ааҕыыга күрэс буолла.
Ангелина КУЗЬМИНА, түмэлгэ билим ыстаарсай сотруднига
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан
Хаартыскалар: П.Ойуунускай аатынан литература түмэлэ
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0