Былыр ыраахтааҕы саҕана Өлүөхүмэ улууһугар Маарыйа диэн атыыһыт баай дьахтар олорон ааспыта. Өлүөнэ өрүһү таҥнары устан ааһар борохуоттартан эти, арыыны туттаран мэнэйдэһэрэ, эргинэрэ. Бодойбоҕо тиийэн түүлээх туттаран көмүскэ эргитэрэ. Булчуттары наймылаһан бултатара. Саха дьахтарыгар сытыы-хотуу, хоһуун киһи этэ.
Маарыйа хантан ылбыта, аҕалбыта биллибэт биир аарыма биэлээх этэ. Бука, соҕурууттан аҕалан үөскэппитэ эбитэ дуу. Ол биэттэн биир ыас хара дьүһүннээх кулун төрөөбүтэ. Кулунчук аҕыйах ыйыгар бэлиэр иккилээх тый саҕа буола улааппыта. Үс сааһын туоларыгар орто уҥуохтаах киһи эҥил баһа өрөҕөтүнэн сылдьара. Эҥин араас сылгыһыттар айааһыы сатаабыттара да, кыайан тутан үүннээн миинньибэтэхтэрэ. Сапсыйан баран төттөрү бараллара. Арай биир иитиэх хамначчыт уолчааны кулун эрдэҕиттэн билэр буолан, хаҥыл соноҕос туран биэрэрэ. Уол үүн кэтэрдээт, төбөтүгэр олорсоро, онтон көтөхтө даҕаны арҕаһыгар хатаастара. Уол соноҕоһу Харас диэн ааттыыра. Харас өссө улаатан, төлөһүйэн, хаҥыл атыыр ааттааҕа буолбута. Хойуу уһун сиэллээҕэ, будьурхай уһун кутуруктааҕа. Хамначчыт уол Марҕачча диэн ааттааҕа. Атыыһыт Маарыйаҕа иитиэх оҕо буолбута. Дьоно элбэх оҕолоох, дьадаҥы ыал атын нэһилиэккэ олороллор. Маарыйа ырааҕынан да буоллар эдьиийэ эбит. Марҕачча биирдэ ынахтарын сылгылыы сылдьан Хараһы көрдө. Үөр сылгылар аттыларыгар аһыы сылдьар. Эмискэ үөр атыыра, саалын окуруччу туттубутунан Хараска сүүрэн кэллэ. Иккиэн хаһыҥыраабытынан утарыта күрдьүөттэһэллэр. Сүүһүнэн үөрдээх атыыр, Хараска холоотоххо, аҥаарынан эрэ сылдьар, кулун курдук көстөр. Иккиэн, сэргэ өрө тураат, туйахтарынан табыйыстылар. Харас солуур саҕа туйаҕынан төбөҕө таппытыгар, атыыр эһиллэн баран түстэ. Умса бүдүрүйбүтүнэн турда. Баһын булкуйар уонна эмиэ кулгааҕын ньылаппытынан ытыраары сүүрэн кэллэ. Харас эргиллэ биэрээт икки атаҕынан тэбиэлээтэ. Бүтэй тыас «күп-күп” гынар, быыл бурҕайар. Ойоҕос тостор тыаһы даҕатан атыыр күөлэһийдэ. Тыынын ыла сатыыр. Харас ньылайбытынан сүүрэн кэлэн истэҕинэ Марҕачча иһиирэн буойда. Уолу көрөн тохтоото, онуоха Марҕачча ат сиэлин имэрийдэ. Холун таптайда. Харас дьэ атыыртан үөрүн итинник былдьаан, сүүсчэкэ биэлэннэ. Кэнники Марҕаччалаах бэйэлэрин биэлэрин аҕалтаан эмиэ холбообуттара. Күһүн бастакы хаар түһүүтэ Харас үөрүгэр бөрөлөр түстүлэр. Биэс аһыҥастаах сүүрэн иһэр сылгылары күөйэ көтө сатыыллар. Кытыттары бултаһаллар. Харас сүүрэн кэллэҕинэ куота көтөллөр. Биир күчүмэҕэй түбэлтэҕэ түбэһиннэрэн, Харас баһылык бөрөнү арҕаһыттан ытыран өрө баһан таһаарда уонна иннинээҕи туйаҕынан эҥил баска табыйда. Биир бөрө такымыгар түспүтүн тэппитэ эһиллэн баран түстэ. Сыҥааҕа тостон, тылын туора ытарда. Баһылык бөрөнү хаарга батары киириэр диэри туйаҕынан биликтээтэ. Атын бөрөлөр саллыбыттыы дьаадьыйан биэрдилэр. Үөр биэлэр муҥ кыраайдарынан хаары өрүкүтэн, сүүрэн тибилийэ турдулар. Харас кэннилэриттэн сиэлэн тамаһыйда. Аарыма лөкөйдөөҕөр улахан сылгыттан бөрөлөр чаҕыйан салгыы эккирэппэтилэр. Хаан сытын ылан, хантаарыҥнастылар. Баһылык бөрө нэһиилэ тыынан көппөҥнүү сытарын, тырыта-хайыта тыытан сиэн киирэн бардылар. Марҕачча ыһыах кэмигэр Хараһы тутан баайан сүүрдэр. Билиҥҥитэ түөрт түөрэм атахтааҕы, Харас, иннигэр түһэрэ илик. Сүүнэ сылгыны көрөөрү, сүүрдэн маһыйаары араас нэһилиэктэн дьон бөҕө ыһыахха кэлэр. Атыыһыт Маарыйа атын суон сураҕа алаас аайы тарҕанна. Кини иитэр аарыма атыыр сылгытын улуус барыта билбит. Биирдэ Харас киһи илиитинэн нэһиилэ кууһар суоннаах кутуругар туох эрэ сөрөнөн иилистэн, сылдьарын көрбүттэр. Маарыйаҕа тыллаабыттарыгар, Марҕачча уол биир сылгыһыттыын барбыттар. Уол атын иһиирэн ыҥыран ылан көрбүтэ, арай кутуругар өлбүт бөрө сөрөнөн сылдьар эбит. Дэлби уҥуоҕа тостурута тэбиллэн, кутуругар эриллибитинэн сылдьар. Кутуругун төрдүттэн ытырбыта, ытыстыбытын сүгэнэн эттээн нэһиилэ араардылар. Кырдьаҕас сылгыһыт көрбөтөҕүн көрөн сөрү диэн сөхпүт, бэри диэн бэркиһээбит. Дьоҥҥо кэпсээбиттэрин сорохтор итэҕэйбэтэхтэр. Бүгүн ыһыахха ат сүүрдүүтэ саҕаланна. Уонча буолан сүүрдээри тураллар. Биир барыларыттан ат аҥарынан улахан сылгы багдайан көстөр. Бу — Харас. Марҕачча уол сүүрдээри хамаанданы күүтэр. Атын аттар түһээри уоҕурҕаан тэлэкэчийэллэр. Харас улахан сылгы сиэринэн хойут уоҕун ылар. «Чээ!» диэн хамаанда кэннэ аттар түстүлэр. Харас үгэһинэн бүтэһик хаалла. Уол сирэйигэр туйах иһэхтэрэ кэлэн түһэллэр. Харас үгэһинэн бастакы атаҕар, кэннигэр хааларын билэр буоланнар атын сүүрдээччилэр, дьарыктааччылар күөйдэрэр санаалаахтар. Харас уһун тыыннаах буолан биэтэккэ мэлдьи бастакы кэлэр. Марҕачча иннигэр аттар кутуруктара сыыйыллан көстөр. Харас үгэһинэн дьэ уоҕун ылан барда. Уол аты соруйбат, таһыйбат даҕаны. Өйдөөх ата бэйэтэ билэр. Атыгар эрэнэр, ат иһэхтэриттэн хаптайан атын хойуу сиэлигэр кирийэр. Биир аты ойоҕолоон ааһалларыгар сүүрдээччи кэннин хайыһан күөйдэрдэ. Харас кэлбит уоҕар, инники иһэр акка күөнүнэн өттүккэ кэтилиннэ. Инники ат торбостуу күөлэһийэн бурҕайда. Икки бастакы иһэр аты эмиэ ситэн тибилиннэрэн кэллилэр. Иккиэн сүбэлэспиттии кыптыыйдыы күөйдэрдилэр. Харас ортолорунан көҥү көтөн таҕыста. Аттар икки аҥы адаарыйдылар. Сүүрдээччилэр атахтара эрэ күөрэс гыннылар. Марҕачча эмиэ охто сыста. Нэһиилэ атын сиэлиттэн хапсан хаалла. Аттары ырааҕынан хааллартаан, бастакы кэллилэр. Сорох дьон «аттары соруйан түҥнэри көттө» диэн баайсан мөккүөр тартылар. Кэлин сүүрдээччилэр бэйэлэрэ күөйдэрбиттэрин быһааран, син кыайыыны биэрдилэр. Марҕачча биир улахан сис баай оҕонньор өлбүтүн иһиттэ. Сураҕа «баайбын барытын дьоҥҥо үллэрээриҥ» диэн кэриэһин эппит үһү. Уол тиийбитэ — нэһилиэк дьоно бары мустубут. Марҕачча туох эмэ таҥаска, баҕар, тиксээйэбин дуу, диэн кэлээхтээтэ. Биир эмэ ырбаахы таҥаһын биэрдэхтэринэ, ол да киниэхэ улахан. Баай оҕонньор эмээхсинэ, аҕыйах сыллаахха өлбүт эбит. Мутугунан быраҕар муҥур үйэлэригэр кинилэргэ оҕо-уруу үөскээбэтэх. Кэннигэр хаалар нэһилиэнньигэ суох буолан, оҕонньор баайын дьоҥҥо биэрэр санааҕа киирдэҕэ. Аны туран оҕонньор баайын дьиктитик үллэрэр буолбуттар. Нэһилиэк кинээһэ дьаһалымсыйар, оҕонньору тиһэх суолугар атаарар күннэригэр. Дьиэтиттэн киһи уҥуоҕар диэри баайын суолга ууран иһиэхтээхтэр эбит. Бу хаһан да буолбатах дьикти быһыыны, баайдар сүөргүлүү санаабыттар. Бука, барытын бэйэлэригэр иҥэриэхтэрин баҕардахтара. Оннук да буолуохтааҕын сэрэйэн, оҕонньор «аттаныан» иннинэ биир улуу ойууну ыҥыттаран кэрэһит оҥорбут. Бука, онтон дьаарханан, тустаах киһи этиитинэн оҥордохторо. Бастаан араҕалларыгар сүөһүнү, сылгыны, көмүс харчыны, биллэн турар, бас-көс дьон ылбыттар. Онтон уҥуохха чугаһыылларыгар, кулуну, тамыйаҕы, алтан болуусканы, иһити-хомуоһу дьадаҥы дьон ылбыттар. Марҕачча биир олус үчүгэй оҥоһуулаах ыҥыырга тигистэ. Бэртээхэй диэн ат өрүү кымньыыта, ыҥыырга иилиллэ сылдьар эбит. Оҕонньору харайан, тиһэх остуолугар олордохторуна, биир холуочуйбут чаҕар киһи «оҕонньор уурумньу билииккэ көмүстээх буолуохтаах этэ» диэн чап гыннарда. Ону истээт, дьон тыымматтыы иһийдилэр. Кулуба көхсүн этитээт, сөбүлээбэтэхтии, эппит киһини кынчарыйда. «Бар өссө испиирдэ уулаан аҕалыҥ эрэ»-кэпсэтиини атыҥҥа иэҕэн сөҥөдүйдэ. Ити кэннэ ким эрэ, тугу эрэ көрдүү, хаһа сылдьан оһолго түбэһэн суорума суолламмыт сураҕа иһиллибитэ. Кистэммит көмүс үчүгэйгэ көстүбэт. Син биир саҥаран, алҕаан баран кистииллэр. Харас биир алааска үөрүн мэччитэ аҕалла. Ону көрөн биир тыатааҕы үөмэн иһэр. Барыларыттан кэбиһиилээх от курдук үрдээн, томтоллон көстөр атыырдарын талан үөмэр. Харас сыт ылан, кулгааҕын чөрбөҥнөттө. Таныытын тартаҥнатан хаһыҥыраата. Сэрэтии биэрэн кистээн дьырылатта. Тыатааҕы «чугаһаатым, сөп буолуо» диэбиттии атыырга сүүрэн көөһөлдьүйдэ. Үөр сылгылар кутуруктарын хороппутунан тамаһыйа сиэлэ турдулар, бөтөрөҥ түстүлэр. Харас куотуохтааҕар, эһэҕэ утары тэбиннэ. Хаһан да манныгы көрсүбэтэх тыатааҕы, утары сүүрэн кэлбит атыырга өрө ыстанаат, моонньугар хатана түстэ. Баппаҕайынан сырбаталаата, дэгиэ тыҥырахтар хойуу сиэлгэ хатаннылар. Моонньун хадьырыйаары гыммыта айаҕа сиэлгэ бөттө, ардай аһыылара илиһиннилэр. Өйдөөх сылгы эһэҕэ моонньун хатаннарбытынан, тэбинэн кэлэн чоройон турар мутуктардаах, аарыма харыйаҕа күөнүнэн саалынна. Эһэ хатан часкыыра тыаны аймаата. Сиһэ тостон сыылаҥхайдаата. Харас өрө тура-тура туйаҕынан табыйда. Тыатааҕы үрүҥ күнэ өлбөөдүйэн, сиэх-аһыах санаата уостан, тыын былдьаһан иэһэр, сыгынах быыһыгар үнүөхтээтэ. Харас кынталдьыйа сиэлэн, үөрүн сырсан тамаһыйда. Харас үөрүттэн биир да иринньэх кулун энчирээбэтэҕэ. Дьон кинини көрөн таптыыр, хайгыыр буолбуттара. Биэлэрин Маарыйаттан көрдөһөн, кини үөрүгэр биэрэ сатыыллара.
edersaas.ru саайтка анаан Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан.
Хаартыска – интэриниэттэн.