“Сөҕөн, үөрэн, хоһоон суруйдум!”

02.07.2020
Бөлөххө киир:

Киһи тус санаатын араастык биллэрэр – ким эрэ кэпсэтиэ, ким эрэ сурук суруйуо.., айар куттаах киһи уруһуйдуо, муусука айыа…

Биһиги эрэллээх ааптарбыт, Уус Алдан Түүлээх диэн түгэх нэһилиэгэр олорор Полина Находкина — Полина- Победа, бу куннэргэ ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын түмүктэрин билсэн баран, биир чахчыттан  үөрбүтүн, сөхпүтүн хоһоон суруйан биллэрэр.

Өлөөннөрү мин, дьиҥэр, билбэппин… Түмүгү көрөн баран, хоту сир дьоно түмсүүлээхтэрин олус сөхтүм. Өлөөн эбэҥки национальнай оройуона 93, 46 % куоластааһыҥҥа кыттыбыт, санаатын эппит дии!

Атын сорох улуустар муна-тэнэ, мөккүһэ сырыттахтарына, уһук хоту сир олохтоохторо биирдик тыына, толкуйдуу олороллоро киһини сөхтөрөр уонна үөрдэр.

Итинник биир санааланыы,  сыһыан, өйдөбүл —улуус баһылыгын, быыбардыыр хамыыһыйа үчүгэй тэрээһиннээх үлэлэрин, нэһилиэнньэ көхтөөх позициялааҕын туоһулуур.

Чахчы, “дьон түмсүүлээх да буолар эбит!» диэн, тута хоһоон суруйан кэбистим.  Хоһоон биир үтүө “толчуоктан” итинник түргэнник тахсар кыахтаах, биитэр, итинник  түргэнник кэхтиэн эмиэ сөп. Мин бэйэм туругум ону оҥорор.., — диир ааптар Полина Находкина.

Дьэ, онон, күндү ааҕааччылар, Полина-Победа өссө биир саҥа айымньытын билсиэҕиҥ!

ӨЛӨӨННӨРГӨ ЭҔЭРДЭ!

Өлөөн маһа өрө үүммүт

Өлөөн дьоно бастыҥнар!

Сөхтүм норуот көҕүлүн,

Хоту киһи көрүүтүн!

Уһук хоту дьонноро

Уһукталлар урутаан,

Үгэс курдук хотулар

Хоһууннарын көрдөрдө.

Харыйаны таҥнары

Соһор дьоннор буолбатах —

Харыйалаах көрдөрбүт

Саамай үрдүк бырыһыан!

Өлөөннөргө эҕэрдэ!

Саҥа санаа дьонугар,

Сарсыҥҥыга эрэли

Саҕа сылдьар норуокка!

Полина-Победа,

Уус Алдан.

02.07.2020с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0