Сүлдьүкээргэ уонна Солоҕоҥҥо баһаар суоһаабат

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэҕэһээҥҥи туругунан, үс нэһилиэнньэлээх пуунтан чугас бара турар баһаардартан бүгүн Горнай улууһугар уонна Мииринэй оройуонугар умуруорулуннулар.

Бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников бэлиэтээбитинэн, бэҕэһээ тыал хайысхатын уларытан Мииринэй оройуонун Сүлдьүкээр бөһүөлэгэр ойуур баһаара чугаһаабыта. Манна Ойуур хаһаайыстыбатын, Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин, Мииринэйдээҕи баһаар сулууспатын исписэлиистэрэ үлэлии сылдьаллар. Билиҥҥи туругунан, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа баһаар кутталы үөскэппэт.

Оттон Горнай улууһугар Солоҕон нэһилиэгэр турбут баһаарга олохтоох нэһилиэнньэни таһынан “Якутлесресурс” тэрилтэ уонна Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин этэрээтэ кэлэн көмөлөһө сылдьаллар. Баһылык Никита Андреев этэринэн, билигин балаһыанньа көнөн нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0