Сүлдьүкээргэ уонна ыаллыы турар Светлэй бөһүөлэгэр Екатерина Даниловна Попова арыйбыт “Илкэн” маҕаһыыннара дьон махталын ылыан ылаллар.
Екатерина Даниловна бэйэтэ маннык кэпсиир: “2014 с. ыам ыйыгар маҕаһыын тэринэрбэр дьиэ кэргэним, чугас дьонум-сэргэм күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолбуттара. Сүлдьүкээрбит эбэҥки сирэ буоларынан, маҕаһыыммытын “Илкэн” (“Бэлиэ”) диэн ааттаан үлэбитин саҕалаабыппыт. Олохтоох дьаһалта мэктиэлээн, Мииринэй оройуона бэйэ дьыалатын саҥа тэринэргэ өйүүр бырагыраамаларыгар кыттыһан, үп-харчы ылбыппыт. Ол улахан тирэх буолбута. Онтон кэҥээн, “Илкэн” маҕаһыыны ыаллыы Светлэйгэ арыйбытым”.
Мииринэй оройуонун Светлэй бөһүөлэгэ – Саха сирин эдэр бөһүөлэктэриттэн биирдэстэрэ. ГЭС тутааччыларыгар анаммыт толору хааччыллыылаах дьэндэспит таас дьиэлэрдээх, хатыҥ чараҥ хадьааһыннаах, толуу тиит тулааһыннаах, ыраахтан тунаарыйан көстөр тоҕойдордоох, бүгүл-таҕыл бүүрүктээх, бөлүөһэр сардаҥа долгуннардаах Бүтэй Бүлүү кытылыгар үүнэн-үөскээн тахсыбыт, 3000 тахса нэһилиэнньэлээх, араас омук олохсуйан олорор бөһүөлэгэ.
Бөһүөлэк турар сиригэр-уотугар аастыйбыт үйэлэр да саҕана кыргыс илбиһэ түспэтэх, сэрии сэтэ-сэлээнэ ааспатах. Ол иһин, ыраас, бүтэй, сырдык дьайыҥнаах. Былыр арай дэҥҥэ булчуттар буур тайаҕы, кыыл табаны сырсан, үрүҥ-хара түүлээҕи батыһан, дьулҕан дьолуо аргыстанан, Баай Байанайдарын маанылаан, алгыс бастыҥын алҕаан ааһаллара үһү. Ол алгыстар сыа-сыҕарым тылларыгар биһиктэнэ биэбэйдэнэн, чэчик талыыта, күөх күндүтэ, көтөр-сүүрэр арааһа силигилии-чэчириир сирэ-дойдута.
Кэрэ, сырдык эйгэлээх дойдуга Катя маҕаһыына дьиэл тэлэйэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ сибиэһэй сир аһын, Бүлүү Эбэ, улуу күөллэр балыктарын, таба этин, оннооҕор, хоҥор хаас талыытын атыылыыр. Маҕаһыыҥҥа мэлдьи “Новай” сопхуос арыыта, кууруссатын этэ, сымыыта, үүт аһылыгын арааһа дэлэй. Ону таһынан, пельмен, кэтилиэт, тиэптэл, миин нобуора, о.д.а мэлдьи баар.
Дьол табата — эбэҥки ырыатын ымыыта
Катя – Изабелла Михайловна уонна Данил Афанасьевич Поповтар күҥҥэ көрбүт соҕотох оҕолоро, “көрдөр харахтарын дьүккэтэ, көтүрдэр тиистэрин миилэтэ” буолбута.
Катя эһэлээх-эбэтэ төрүт-уус Туой-Хайалар. Кинилэр төрөөбүт дойдуларын харах уулаах ахтыбатах-санаабатах күннэрэ диэн суоҕа. Дэлэгэй бултаах-астаах, кэрэттэн кэрэ айылҕалаах дьиҥ ырай сирэ этэ диэн кэпсииллэрэ. Оннук үтүө дойдуга чөл куттаах, ыраас дууһалаах дьон олорбуттара. Мастара үрдүктэрэ, баараҕайдара, кэрэлэрэ! Бу сиргэ ирбэт тоҥ суох буолан, от- мас, сир аһа силигилээн аҕай үүнэр эбит. Виноград саҕа улахан хап-хара моонньоҕону хомуйаллара, малина, дьэдьэн, сугун, отон дэлэйдик үүнэрэ.
Маннык үтүө-мааны дойдуга үөскээбит-төрөөбүт сырдык-ыраас, булчут-алчыт, табаһыт дьонтон сыдьааннаах кыыс оҕо 1974 сыл бэс ыйын 29 күнүгэр күөх окко кылбас гына түспүтэ. Уһун уруйдаах, ытык ыйаахтаах кыыс кылааннааҕа орто туруу дойдутун оһуор-мандар олбоҕор оройунан түһээт да, күлүмүрдэс күнүгэр, абыраллаах аал уотугар кэлбитин биллэрэн, ытаан эһинньэхтээбитэ.
Ол дорҕоон сардаҥалаах дьүһүлгэн буолан, аан Ийэ дойдутун кэтит-килбиэн иэнигэр дьүрүһүйбүтэ, үөрүү буолан үрүлүйбүтэ. Поповтар сырдык алаһаларыгар, аал уоттарыгар, алтан сэргэлэригэр айыы сирин аалай сырдык быалыга дьэрэлийбитэ, күн сирин күндэлэс күһэҥэтэ чэмэлийбитэ. Аҕата “буур тайаҕы муннуттан сиэтэр, хагдаҥ эһэни сабырҕаҕыттан ылар” аатырбыт булчут, Дайыла, саҥа төрөөбүт кыысчаанын алыкылаан айхаллаабыта, аал уотун аһаппыта, аман өһүн амалыйан, алҕаабыта- силээбитэ.
Катя борбуйун көтөҕөөт да, айбыт аар аҕаккатын аллаах бууругар мэҥэстэн, солотуунан дуйданар арылы көмүс күөллэрдээх, кытыгырас сүүрүктэрдээх кылыгырас үрэхтэрдээх, кэҥкэмэлээх сис тыалары бысталаан, тайалҕаннаах тайҕалары тайаныталаан, айылҕаҕа абылаппыта. Тыаҕа сылдьан, айылҕа тыаһын-ууһун, ойуур суугунун, тюн тыа ураты тыынын, кыыл-көтөр саҥатын истэрэ, кутугар-сүрүгэр иҥэринэрэ. Аар айылҕатын ыйдана толбонноох ыллыктарын, туос ураһаҕа тыкпыт сардаҥалаах халлаан толбоннурар сырдыктарын, уйуһуйа сиэлэр кыыл табалары, мэҥэ халлаантан сыыйыллар абылаҥ дорҕооннору, дьэнкир уу ырыаһыт дьиримнэрин уйадыйа таптаабыта.
Ол саҕана ытык ыраахтан илдьит буолан, сах саҕаттан мэнээктээбит, сиккиэр буолан мэниктээбит сайаҕас тыаллар аргыстаһарга дылылара. Үрдүк халлаан үтүө санаанан үрүлүйэ, аламай сарыалыттан ааттаан ыыппыт алгыһа буолан, сандалас сарпа сардаҥаларын көмүс сүүмэхтэринэн күлүмүрдүү тохтон, кыысчаан уу дьулайынан киирэн уллуҥаҕын хараҕар диэри угуттуу устара.
Кыысчаан Баай Барыылаах Байанай маанылаах оҕото буола улааппыта. Аҕатын кытта кустуура, хаастыыра, мас көтөрдүүрэ, кыһын сохсолуура, туһахтыыра, тииҥниирэ, киистиирэ, улахан да бултка сылдьыһара. Балыксытынан кимиэхэ да иннин биэрбэтэ: туулуура, илимниирэ, бэрэмээттиирэ.
Ийэлээх аҕата өбүгэлэрин дойдутугар аттаммыттарын да кэннэ, ынахтарын, сылгыларын хамсаппакка тутан олорор, сайынын өрүс уҥуор оттуур. Отун мотуордаах тыынан бэйэтин кытылыгар, эр бэрдин курдук, таһан, кээһэн элэҥнэтэр. Мотуордаах тыынан Бүлүү Эбэ дохсун долгуннанар, хаҥыл сүүрүктэнэр, эриллэҕэс ытыырданар сиринэн көҥүл көтүтэр. Хаардаах кэмҥэ “Бураныгар” олордо да, Долгунча “сыыдам табатын ньуоҕулуурунуу, “сындыыс курдук көтүтэр”.
Оҕо сааһыгар таба элбэҕэ. Ыал үксэ табалааҕа. Билигин Сүлдьүкээргэ таба суох.
«Дьол табата!
Саргы-дьол саҕыллар сарпата,
Эбэҥки ырыатын ымыыта,
Сандалас ыратын табата
Кыымнанар кырдалга көрүлүүр,
Муоһугар күн уота үҥкүүлүүр!
Күн табата!
Көмүс чугдаар хоболооххун,
Дорҕоон тойук кынаттааххын,
Түҥ үйэлэртэн соргулааххын,
Сындыыс тэҥэ айаннааххын,
Дьолу түстүүр аналлааххын!
Таҥара табата!
Төрүт хааным уһуктан,
Туос тордохпун тэлэйэн,
Мин тиэтэйдим эйиэхэ –
Номох буолбут бэйэлээххэ,
Кэтит кэскил кэһиилээххэ!
“Таба суох – эбэҥки суох”, — диир хап-харанан чоҕулуччу көрбүт, номоххо кэпсэнэр көмүс туйахтардаах дьол табатын курдук, кынтаҕаркаан бэйэлээх эбэҥки кыыһа Катя.
Хара улар – Сүлдьүкээр эбэҥкилэрин ийэ көтөрө
Эбэҥкилэр былыр-былыргыттан сүгүрүйэр кыыллаах эбэтэр көтөрдөөх этилэр, Сүлдьүкээрдэр хаан тардан тамайар ийэ көтөрдөрө (тотемнара) – улар. Улар Сүлдьүкээр эбэҥкилэрин итэҕэлигэр үс философскай кээмэйи көрдөрөр:
— Айыы көтөрө;
— Дойду иччитэ;
— Ийэ көтөр.
Бу үс философскай кээмэй сүрүн хайысхата – улар орто дойду олоҕун тыынныыр, харыстыыр, көмүскүүр, киэргэтэр, чэлгитэр ыраас, сырдык Ытык Ийэ көтөр. Улар кутуругун кэрэ ойуутун үтүгүннэрэн, оҕуруонан тиһэн национальай киэргэл оҥостоллор.
Катя төһө да булчут буоллар, улары бултаабат, төрүттэрин курдук уларга дириҥник сүгүрүйэр.
Кини туһунан учуутала Розалия Григорьевна Васильева маннык кэпсиир:
“Катя билиҥҥэ диэри мэлдьи саныыр, холобур туттар, оскуолабыт киэн туттар чаҕылхай үөрэнээччитэ буолар. Бастыҥ спортсменка, уһун тыыннаах сүүрүк этэ. Атын да спорт көрүҥнэригэр барытыгар дэгиттэрэ, кыанара, сылайбата-сындалыйбата – дьиҥ айылҕаттан анатыылаах кыыс. Үөрэҕэр уһулуччу дьоҕурдааҕа. Ордук математика, тыл биридимиэттэригэр олимпиадаларга, НПК-ларга иннибитигэр уктар, күөн туттар кыыспыт буоллаҕа дии. Майгыта элэккэй, үөрүнньэҥ, киһи быһыытынан сиэрдээх, дьоһуннаах буолан, мэлдьи хайҕалга сылдьара.
Катя сатаабатаҕа диэн суох, оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэриттэн уол оҕо курдук, бултуура-алтыыра, балыктыыра, от охсон куһуйан, саастыылаахтарын барыларын баһыйара. Аны асчыта, иистэнньэҥэ, табаҕа сыстаҕаһа – дьиҥнээх эбэҥки кыыһа.
Оскуоланы бүтэрээт да, нэһилиэк дьаһалтатыгар буҕаалтыр көмөлөһөөччүтүнэн киирбитэ. Мииринэйдээҕи политехническэй институт математикатын салаатыгар үөрэммитэ. Онтон дьаһалтаҕа кассир, буҕаалтыр, кылаабынай буҕаалтыр дуоһунастарыгар үлэлээбитэ. Үлэтигэр наар хайҕалга эрэ сылдьыбыта, нэһилиэгин дьонун дириҥ ытыктабылын ылбыта. Кэлин нэһилиэк баһылыгын солбуйааччытынан талыллан үлэлээбитэ. Билигин икки маҕаһыыны аһан, Сүлдьүкээргэ, Светлэйгэ үлэлэтэр. Дьэ, баай-дуол маҕаһыыннар, булт-алт этин эгэлгэтэ, балык арааһа, сир аһа, үүттэн оҥоһуктар, “Хоту ас” эриллибит эттэн аһылыктара, халбаһыылара о.д.а. мэлдьи дэлэй. Бэйэтэ ханнык да тиэхиньикэттэн иҥнибэт буолан, массыынатынан айаннаан тиийэн, Дьокуускайтан, Өлөөнтөн, Сунтаартан, “Новай” сопхуостан аҕалар.
Екатерина Даниловна Попова – улар ийэ кыыллаах аҕа ууһун тумус туттар чулуу кыыһа”.
Москваҕа олохтооҕо Елизавета Семенова Куличкина маннык кэпсээтэ:
“Катя – мин тапталлаах саҥаһым, бииргэ төрөөбүт убайым Семен кэргэнэ. Убайым кэпсээбитинэн, кини Катяны аан маҥнай эбэҥки норуотун национальнай бырааһынньыгар “Бакалдыҥҥа” көрбүт. Үрүҥ күнү айхаллаан эйээрэр сээдьэҕэ киирэн, тэҥҥэ көтүһэн, дэгэлдьийэн иһэн, сир симэҕин курдук кыыска хараҕа хатана түспүт. Сибэкки кэриэтэ кэрэ кыыс сиртэн-буортан тэйэн, дьиктинэн-кэрэнэн абылаан, өрө көтөрө, арылыччы көрөрө төлөн иэйии буолан, Семен сүрэҕэр-быарыгар саҕыллыбыт.
Кулуһун курдук курбуу таһаатын өссө ордук тупсарар тэһитэ-тэһитэ ойуулаах сиитэс ырбаахыта тэлээрэн, кыыс сээдьэ олугунан үөрэ-дьүөрэ үктэнэн көтөн-мөҕөн истэҕинэ, хонуу сиэдэрэй үрүмэччитин санатара. “Сирдээҕи олохпут сиэдэрэй ньууругар кэрэхсэнэр кэрэ кини эбит” диэн санаатыттан уолан сүрэҕэ битигирии тэбэн барбыт. Тулата барыта сиитэс ырыатынан ылаарбыт, сиитэс тойугунан тупсубут, сиитэс алыбынан алаарбыт, сиитэс алгыһынан аараабыт. Сиитэс уонна эдэр саас ураты эйгэни оҥорор, уран куту умсугутар, уһуну-киэҥи толкуйдатар, уйулҕаны уйадытар да буолар эбит!
Маннык улахан тапталга бигэнэн, ыал буолан, уһун буруолара күөх халлааҥҥа унаарбыта. Ол эрэн, дьоллоох кэм уһаабатаҕа, Семен эрдэ олохтон туораабыта…
Катя соҕотох хаалан да баран, маҕаһыыннарын саппакка, ынаҕын, сылгытын ыспакка, хаһаайыстыбатын барытын тутан олорор. Өссө бултуур-алтыыр, иистэнэр, ыраах сирдэринэн тэлэһийэн таһаҕас аҕалар буолан, маҕаһыына мэлдьи баай, киһи саныыра барыта баар.
Катя сааһыламмыт санаалара олох туһунан дириҥник толкуйдаталлар. Үлэни өрө тутар эрэ киһи кэскиллээҕин, уйгу-быйаҥ үлэттэн эрэ дэлэйэрин, дьол-соргу дьоһуннаан олохсуйарын, саргы-дьаалы салалларын, сайдыы-үүнүү сардаҥата сандаарарын үүннээх-тэһииннээх тылларынан мэлдьи такайар.
“Эбэҥки – айылҕа оҕото” диэн өбүгэтин өһүн өрө тутар. Мандар-силик айылҕабыт эгэлгэ сибэккилэрэ, күөх суугунунан үөрдэр мааны чараҥнара, кэриигэ-тыаҕа чуопчаарар ырыаһыт чыычаахтара, наскыйар сиккиэринэн илгийэр салгына, күҥҥэ көөчүктэнэр кылыгырас уулаах үрүйэлэрэ, Хотун Эбэлэрэ – бары биир эт-хаан курдук бэйэ-бэйэлэриттэн ситимнээхтэрин иэйэн-куойан эдэр көлүөнэҕэ өйдөтөр.
Биһиги Катябыт уус төрүттэрин батан, сарыыны да таҥастыыр, туохтан да иҥнибэккэ иистэнэр, түүлээҕи да тигэр, оҕуруонан дьэрэкээн оһуордары да анньар, быысабайдыырын да сөбүлүүр, быһатын эттэххэ, “тыһы таба хоҥоруутун үстэ түмэ тардар”. Былыр имигэс тарбахтардаах бастыҥ иистэнньэги итинник сыаналыыллара.
Дьиэтигэр сырыттахха, күлэ-үөрэ, күлүмүрдүү, билигин умнуллан эрэр эбэҥки төрүт астарынан – үлээҥкинэн, ургухтанан, дьуухаланан күндүлээччи.
Быһатын эттэххэ, эбэҥки норуотун төрүт култууратын, сиэрин-туомун, сатабылын барытын илдьэ сылдьар, тарҕатар киһинэн буолар. Биһиги аймах бары Катянан киэн туттабыт!”. Сардаҥалаах кынаттардаах, сарыаллардаах хаастардаах, кылбачыҥнас куорсуннардаах, толбон оонньуур кутуруктаах хара улар талыыта алардарга оҕустун, дьолу түстүү, Катяҕа анаан күлүмүрдэс сыдьаайдары сандаарыта тула ыстын!
«Саха сирэ» хаһыкка, edersaas.ru саайтка анаан суруйааччы
Александра ГРИГОРЬЕВА-САНДААРЫЙА.
Ааптар хаартыскалара.