Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа сокуоҥҥа олоҕуран үлэлиир
Өрөспүүбүлэкэ Ил Дархана Айсен Николаев кулун тутар 23 күнүнээҕи брифинигэр коронавирус дьаҥын быһаарар үһүс лаборатория Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһаҕа үлэтин саҕалыырын туһунан иһитиннэрбитэ.
edersaas.ru
Оттон бэҕэһээ, кулун тутар 24 күнүгэр, биир сонуну киэҥник тарҕатар Интэриниэт-таһаарыыга бу балыыһа лабораторията коронавируска тиэһи оҥорор кыаҕа суоҕун туһунан суруллубута.
Маннык иһитиннэрии олоҕо суоҕун туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниическэй балыыһа салалтата иһитиннэрдэ. Ол эбэтэр, балыыһа лабораторияларыгар COVID-2019 чинчийиилэр сыстыганнаах ыарыы сибикитэ суох уонна коронавирус инфекциялаах ыарыһахтары кытары хантаага суох дьонтон (дьиэлэригэр кэлбит киин үөрэх кыһаларын устудьуоннарыттан) эрэ ылыллыбыт матырыйааллартан оҥоһуллаллар. Лабораторияҕа уустук генетическэй чинчийиилэри оҥорор кыахтаах, COVID-2019 инфекцияны быһаарарга стажировкаламмыт уонна ыйыыны-кэрдиини анаан ылбыт исписэлиистэр үлэлииллэр.
РФ Роспотребнадзорын кылаабынай судаарыстыбаннай санитарнай бырааһын уурааҕын олоххо киллэрэр туһуттан, COVID-2019 инфекциятын быһаарарга санитарнай-эпидемиологическай түмүктээх эмтиир тэрилтэлэр лабораториялара үлэлииллэрэ көҥүллэнэр. Онон, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килииничэскэй балыыһа бэйэтин үлэтин РФ сокуонугар олоҕуран толорорун туһунан иһитиннэрдэ.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru