Мин сэбиэскэй кэмнээҕи сайылык оҕотобун. Сайылыкка көһүү, сайыҥҥы сынньалаҥы сайылыкка атаарыы, түптэ дыргыл сыта, дьукаахтаһан олоруу, аҕабыт тымтайга балык аҕаллаҕына, аттынааҕы ыалбытыгар бэрсэ сүүрүү – бу барыта кэрэ өйдөбүл буолан, мин сүрэхпэр сөҥөн сылдьар.
edersaas.ru, Дойдууна
“Сүлүһүннээх таптал” диэн сериал миэхэ тугу биэрдэ? Суох! Барытын төттөрү эргиттэ! Манна барыта атын: салалта тымныы сыһыана, баҕарбат буола-буола сайылыкка көһүү, ыаллар өстөһүүлэрэ, күнүүлэһии, хаҕыс сыһыан, ыалдьыты тэлгэһэҕэ киирэн истэҕинэ “тоҕо кэллиҥ?” диэн уолуктааһын, этиһии-охсуһуу… Дьэ, бу аата тугуй? Сэбиэскэй эрэ диэн түһэрэ сатааһын дуу? Ити өссө кырата – манна, бу киинэҕэ, саханы омук быһыытынан түһэрии көстөр. Былыр-былыргыттан саха киһитэ ыалдьытымсах, сиэр быһыытынан киирбит ыалдьыкка чэй кутан биэрэр үтүө айылгылаах буолуохтаах этэ.
Саатар, кэлбит биригэдьииргэ чэй кутан биэрбэтилэр.
Дьөгүөр ийэтин уобараһа мин өйбөр олох баппата: ама да уолун Маайаҕа чугаһатыан баҕарбатаҕын да иһин, алыс баламаттык быһыыланна, хаста да төхтүрүйэн дьааты туттубут. Аата сүрүн ньии! Бу оҕолор, бүтүн дьиэ кэргэн аһылыгар дьаат куттаҕа үһү.
Аны өссө биир түгэн: Атастыыраптар да, Сиипсэптэр да син балай саастаах дьон. Сэмэй саха дьоно, буолаары буолан күрүлүүр күнүс итинник быһыыламматтара чахчы.
Киинэ туох сыаллаах уһуллубутун билбэтим. Иитэр суолтата олох суох. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Дария Ивановна ийэтин олох ытыктаабатын көрдөрдө. Эмээхсин эрэйдээх кырдьаҕастар дьиэлэригэр барыан баҕарар.
Билигин тыа сиригэр улахан болҕомто ууруллан эрэр кэмэ. Сайылыктааһын боппуруоһа бырабыыталыстыба таһымыгар көрүллэр. Маннык хамсааһын тахсан эрэр кэмигэр “Сүлүһүннээх таптал” сериал тахсыбыта соччото суох дии саныыбын.
Дойдууна
Хаартыска Интэриниэттэн.