Үс күннээх Төрүт ыһыаҕа – умнуллубат түгэн

Ааптар: 
03.02.2017
Бөлөххө киир:

Өбүгэлэрбит төрүт сирдэригэр кэлэн, үксүбүт да кэрэхсии көрдүбүт — Тарын нэһилиэгин историятын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылга олохтоох дьаһалта салалтата хара мрамор таастан бэртээхэй өйдөбүнньүгү туруорбут эбит.

Улуус муниципалитетын баһылыга Михаил Захаров бу өйдөбүнньүк аттыгар туран санаатын маннык тиэртэ:
— Хас биирдии омук бэйэтин-төрдүн ууһун билбэт, үөрэппэт, чинчийбэт буоллаҕына, билиҥҥи үйэҕэ омук быһыытынан эстэр, кэхтэр суолга киирэрэ чахчы. Онон биһиги бэйэбит төрүппүтүн, өбүгэбитин ытыктыырбыт – тулхадыйбат иэспит. Санаан көрүҥ, Тарын курдук нэһилиэккэ 600-чэкэ киһи олоро сылдьыбыт! Бу үтүө дойдуттан Саха сирэ эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа киэн туттар дьоно үөскээн тахсыбыттара. Ол курдук, меценат атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкын-Ньукулай Оҕонньор, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, аатырбыт сылгыһыт Герасим Кырбаһааҥкын-Дьоруой Дьарааһын, поэт Пантелеймон Тулааһынап курдук ааттаах-суоллаах дьон — Тарын олохтоохторо. Кинилэр олохторун төлкөтө бу манна түстэммитэ.
Ил Дархан Егор Борисов 2016 сылга өрөспүүбүлүкэ биллиилээх дьонун үбүлүөйдээх сылларын бэлиэтииргэ аналлаах ыйаах таһаарбыта. Ол суолталаах дьон ортотугар биһиги биир дойдулаахпыт Пантелеймон Тулааһынап аата эмиэ киирбитэ. Саха аатырбыт поэтын үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ бу сыл бүтүөр диэри ыытыллыахтара. Онон бастакы тэрээһин Пантелеймон Тулааһынап төрөөбүт түөлбэтиттэн, Өймөкөөн Тарыныттан саҕаланна.
… Салгыы төрүттэр баһылыктарын этиитин истэн баран: ”Айылҕа  Тулааһынап үбүлүөйүн Тарыҥҥа ыытарбытын бэйэтинэн оҥорон биэрдэ. Ардах түспэккэ, Индигир Эбэбит уолан хаалан эрэйдиэ диэбиппит. Оччотугар мотуордаах оҥочонон сылдьарга уустук буолуо этэ. Хата, манна кэлиэхпит иннинэ икки күнү субуруччу ардаан, Эбэ хаатынан буолан, Тарын бэйэтин анныгар тиксэн, кырдььаҕастарбыт да хаамар сирдэрин аччаттылар. Онон дойдута Паана үбүлүөйдээх тэрээһинэ мантан саҕаланыахтааҕын анаан оҥордо”, — диэн түмүктээтилэр. Төрүттэр Тулааһынаптарын бары “Паана” диэн ааттаан, хайдах эрэ поэты бэйэлэригэр чугаһатарга дылылара истиэххэ үчүгэйэ! Төһө да кыра оҕо сааһыгар бу дойдуттан дьоно көһөрөн илтэллэр, төрүттэр ааттаах-суоллаах поэт кинилэр Тарыннарыгар төрөөбүтүнэн киэн туттуулара мантан да көстөр.
Нэһилиэк баһылыга Семен Босиков Пантелеймон Тулааһынап 100 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинигэр өссө иллэрээ сылтан бэлэмнэммиттэрин бэлиэтээтэ: “Нэһилиэк убаастанар олохтооҕо, бокуонньук Петр Атласов: “Тулааһынаппыт 100 сыллаах үбүлүөйүн хайаан да ылыахтаахпыт. Онно эрдэттэн бэлэмнэниэҕиҥ”, — диэн тоһоҕолоон этэн, бары ыытыллар бэлиэ күннэр Пантелеймон Тулааһынап үбүлүөйүгэр бэлэмнэнии курдук хайысхаланан барбыттара. Саамай үөрүүлээҕэ, бу маннык суолталаах тэрээһин буоларын истэ-билэ сылдьан, төрөөбүт Тарыннарын көрө-истэ ыраахтан кэлбит кырдьаҕастарбытын ахтар-саныыр дойдуларыгар үктэннэрбиппит буолар. Бэйэҕит да көрөҕүт дии, кырдьаҕастарбыт барахсаттар “Оҕонньор хайатын” көрөөт, сирэйдиин-харахтыын сырдаабыкка дылы буоллулар. Биһиги, Төрүт нэһилиэгин олохтоохторун үгүспүт өбүгэлэрэ мантан төрүттээхтэр. Онон Тарын барыбытын биир ситимниир”.
Баһылыктар киирии тылларын кэнниттэн төрүттэр күндү ыалдьыттара, Николай Винокуров-Урсун бэйэтин санаатын маннык эттэ: “Саха дьоно Пантелеймон Тулааһынап дьиҥнээх төрөөбүт Тарыныгар үктэниэхтээҕэр, ол сир хаартыскатын да көрбөтөхтөрө чахчы. Ол туһунан ханна да ахтыллыбат. “Мин Тулааһынабым” диэн суруйуулаахпын. Уопсайынан, Пантелеймон туһунан суруйуу суоҕун тэҥэ. “Чолбон” сурунаал 5-с нүөмэригэр “Бөдөҥ лирик-поэт” диэн бэйэм улахан ыстатыйабын таһаартардым. Кини туһунан аймахтара бэчээккэ кинигэ бэлэмнии сылдьаллар. Ол онно мин киирии тыл суруйбутум таһынан, ол кинигэни эрэдээксийэлээбитим. Хомойуох иһин, ол Пантелеймон Тулааһынап дойдутугар буолар ыһыаҕы баттаһа тахсыбата. Балачча улахан кинигэ тахсан эрэр. Манна поэт аҥаардас хоһоонноро эрэ буолбакка, кини туһунан ыстатыйалар, ахтыылар, литературоведческай суруйуулар киирбиттэр”.
Тустаах дьон санааларын үллэстибиттэрин кэнниттэн, ыалдьыттар уонна олохтоох дьон Тарыны кэрийэ бардыбыт. Сотору буолан баран биһиэхэ: “Пантелеймон Тулааһынап төрөөбүт өтөҕүн омооно бу баар”, — диэн көрдөрдүлэр. Мин ол дьиэ аттыгар туран Ньукулай Урсунтан: “Поэт өтөҕөр туран туох санаа эн дууһаҕар саҕылынна?” – диэн ыйыппыппар, сэһэргэһээччим маннык хоруйдаата:
— Саха биир талааннаах поэта Пантелеймон Тулааһынап төрөөбүт-үөскээбит сиригэр кэлэн турарбыттан улаханнык үөрэбин. Кырдьыга даҕаны, бу кырдал улахан киһи үөскүөн сөптөөх үтүө дойдута эбит. Меценат-атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкын өтөҕүн кытта Паана үөскээбит өтөҕө кэккэлэһэ турбут эбит.

Мин Байаҕантай улууһуттан төрүттээх буолан, өймөкөөннөрү кытта биир силистээх-мутуктаах дьон буоллахпыт. Ол да иһин, мин Өймөкөөн улууһун төрдө буолбут Төрүккэ уонна Тарыҥҥа хайаан да сылдьыахтаахпын диэн сананан кэллим. Пантелеймон Тулааһынап айымньытын да аахтахха, дьон да кэпсээнинэн көрдөххө, сүрдээх нарын дууһалаах киһи эбит. Дэлэҕэ да Семен Данилов: “Тыйыс да кэмнэргэ чараас сүрэхтэр үөскүүллэр”, — диэн Тулааһынапка сыана быһыа дуо? Кырдьык да, поэт олорон ааспыт кэмигэр өрөбөлүүссүйэ, гражданскай сэрии, репрессия ыар сыллара, онтон Аҕа дойду сэриитэ буолан ааспыттара. Дьэ, бу маннык кэмҥэ нарын да нарын хоһооннору суруйан ааспыт лирик поэт “сулустаах чааһа” умайбыта. Хомойуох иһин, кини тыыннааҕар икки эрэ кинигэни суруйан хаалларбыта. Ол эрээри ол кинигэлэрэ саха литературатын, саха поэзиятын кыһыл көмүс фондатыгар бэйэлэрин миэстэлэрин булбуттара. Саамай кылаабынайа уонна үйэлээҕэ – кини ырыалара баччааҥҥа диэри норуот уоһуттан түспэккэ ылланаллар, кини хоһооннорун саха дьоно сыттана сытан ааҕаллар. Бу маннык дьолго уһуннук да олорбут поэттар үгүстэрэ тиксибэт. Оттон кини баара суоҕа 33 эрэ сыл олорбута. Таптал лириката, айылҕаны хоһуйара, гражданскай лириката – олус үчүгэй айымньылар!”.
… Урсун ити тылларыгар уйдаран, сөрүүн тыалга бигэнэн, чочумча саҥата суох турдубут. Ол кэмҥэ оҕолорун уонна сиэннэрин кытта ытык кырдьаҕас Зинаида Местникова аттыбытыгар чугаһаата. Кинилиин кэпсэтиим – туспа кэпсэээн. Бу биир киһи олоҕо буоллаҕа. Ол туһунан — хаһыат кэлэр нүөмэригэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0