Лөкөчөөн кыраныыссатыгар киирэн иһэн, киһи тута кута-сүрэ тохтуур, дууһалыын ылынар сиригэр кэлбиттии сананар.
edersaas.ru
Бу ис иһиттэн ыраас, сайдыы балысханнык баран эрэр дойдута. Ол туоһута — толору хааччыллыылаах саҥа дьиэ үгүһэ. Кэлиҥҥи сылларга Лөкөчөөҥҥө ордук эдэр ыал дьиэ туттара элбээбит. Олохтоох салалта быһаарарынан, сэбиэскэй кэмҥэ сэбиэттэр кэтэх дьиэ туттар ыалларга 4,5-5 тыһ. кв. м иэннээх уһаайбалары араараллар эбит. Манна хотонноро, сибиинньэ-көтөр ииттэр хаһаайыстыбалара, баанньыктара, тэпилииссэлэрэ барыта киирэрэ. Лөкөчөөҥҥө элбэх оҕолоох ыал үгүс буолан, бары кэриэтэ улахан уһаайбалаахтар, дьиэлээхтэр.
Биһигини саҥа толору хааччыллыылаах дьиэни туттубут Николаевтар дьиэлэрин көрдөрө аҕаллылар. Тиэргэҥҥэ киирээт, үс дьиэ кэккэлэһэ туралларын бэлиэтии көрдүм. Бу үс көлүөнэ ыал олорор уһаайбата. Дьэ, улахан тиэргэн эбит! Эдэр хаһаайын төрөппүттэрин дьиэтэ бу хаартыскаҕа көстөр дьиэлэр утары турар буолан, кыайан үс дьиэни тэҥҥэ бииргэ түһэрбэтим. Онон манна биир дьиэ көстүбэт.
Мин иннибэр үс көлүөнэ дьиэ турар: 60-с сылларга эдэр ыал аҕата Станислав Николаев эбэлээх эһэтэ Нифонт уонна Мария Николаевтар 60 кв. м иэннээх дьиэни туттубуттар. Билигин бу дьиэ — саҥа көлүөнэ Николаевтар аҕа баһылыктара тиэхиньикэтин туруорар гарааһа. 80-с сылларга Станислав төрөппүттэрэ Октябрина уонна Вячеслав Николаевтар 100 кв. м иэннээх дьиэни туттубуттар. Билигин бу дьиэҕэ эдэр ыал ийэлэрэ олорор. 2016 сыллаахха дьонун уһаайбаларыгар аны түөрт оҕолооох Станислав 145 кв. м иэннээх икки мэндимэннээх дьиэ туттубут. Онон оҕолор эбэлэригэр күн аайы сүүрэн киирэ тураллар. Сүүрбэлии сыл буола-буола биир уһаайбаҕа тутуллубут дьиэлэр Лөкөчөөн нэһилиэгин сайдар историятын кэрэһитинэн буолаллар диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо. Аны 4-с көлүөнэ — сиэннэр дьиэлэрэ да манна тутуллууһу. Миэстэ билигин да элбэх. Кэнэҕэс Николаевтар көлүөнэлэрин уһаайбалара бэйэтэ туспа нэһилиэк биир түөлбэтинэн буолсу диэн көрдүм.
Биһиги толору хааччыллыылаах саҥа дьиэни көрө киирэбит. Аҕа баһылык үлэлии сылдьар буолан, дьиэтин ыал ийэтэ Анна көрдөрөр. Үс уол (онтон иккитэ – игирэлэр), биир кыыс оҕолоох ыалга сөрү-сөп дьиэ: дууштаах, туалеттаах, таҥас суунар массыына ититии ситимигэр холбонон турар.
Итии уу сүүнэ улахан баахтан хачайданар. Былырыын нэһилиэккэ сэтинньигэ саҥа хочуолунай тутуллан киирбит. Онно 36 ыал холбоммут. Николаевтар дьиэлэрэ нэһилиэк хабыллар ортотугар турар буолан, киин хочуолунайтан итиинэн туһанар. Нэдиэлэҕэ биирдэ уу баһар массыына кэлэн баахха тута уу кутар бордууһуналаах гына оҥоһуллубут. Дьиэлээх хаһаайка Анна Николаева бааҕын аттыгар туран, уу кутар емкоһы кэргэнэ бэйэтэ оҥорбутун киэн тутта кэпсиир.
Кыһыҥҥы өттүгэр Николаевтар мууһунан ууланаллар. Дьиэ кэргэн аҕата күһүн 5 бырысыап мууһу хаһаанан кэбиһэр. Онон эдэр ыалга харчы өттүнэн улахан өйөбүллээх. Аныгы үйэҕэ барыта суот-учуот буоллаҕа. Дьиэтин бэйэтэ туппут Станислав төһө уу баранарын учуоттаан, уутун бааҕын биэс буочука киирэр гына суоттаммыт. Буочука уутун кээмэйин аҕалара төһө тутталларынан быһа холуйан быспыт. Алта киһи суунара-тараанара, аһыыра элбэх буоллаҕа. Итии ууну носуос буочукаттан туалекка, дуушка, таҥас суунар массыынаҕа тиийэ барар турбаҕа хачайдыыр. Хачайдаммыт 50 л уу күнү быһа “титаҥҥа” сылыйар.
– Аҕабыт дьиэ тутарга үөрүйэх. Дьоҥҥо дьиэ тутуһааччы. Онон ууну хачайдыыр ситими бэйэтэ “боруобалаан” диэн тардыбыта олус бэркэ табыллыбыт, — диэн үөрэ-көтө кэпсиир дьиэлээх хаһаайка. Николаевтар саҥа дьиэлэригэр көһөн киирэн, үрдүттэн олорон эрэ иккис мэндиэмэннэрин бүтэрэ-оһоро олороллор. Онон дьиэ иккис этээһигэр уот тардылла илик. Хараҥа соҕус да буоллар, түннүк сырдыгар сирдэтэн, кирилиэһинэн оҕолор хосторугар тахсабыт. Кыра дьоҕус пластик түннүктэн оҕо саада, хочуолунай, спортивнай саала көстөр. Хосторун Дьокуускайтан тиэнэн, “евровагонканан” оҥорбуттар. Уолаттар сүүрэллэригэр-көтөллөрүгэр бэртээхэй киэҥ хос буолсу.
— Дьиэбитин бэйэбит сирбит-уоппут маһыттан туттубуппут. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эдэр ыалларга бэртээхэй өйөбүлү оҥорор буолан, бэйэбит туспа дьиэлээхпит үчүгэй баҕайы. Дьиэбин тутта таарыйа бааһынай хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо үлэлэстим. Онон аны бэйэм “Саҥа саҕалыыр фермер” быраагыраамаҕа кыттан, бэйэ дьыалатын тэриниэм, — диэн санаатын үллэстэр Станислав Николаев.
Эксперт санаата:
Анна ДОРГОНОВА, “Лөкөчөөн нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга:
— Нэһилиэккэ 17 ыал толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорор. 2013 сыллаахха улуус уонна нэһилиэк бүддьүөттэриттэн хардарыта тыыран, 4 тыыл бэтэрээнигэр босхо толору хааччыллыыны киллэрбиппит. Онтон сыыйа эбэн, билигин 9 бэтэрээн толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорор. Кэлиҥҥи сылларга ыал үксэ толору хааччыллыылаах дьиэни туттар. Ол иһин олохтоох дьаһалта кирдээх ууну оботторор, анаан ититиллэр емкость оҥотторбуппут уонна МТЗ тыраахтардаах урбаанньыт туттарбыппыт. Тиэхиньикэлээх киһи буолан, үлэтигэр эбии үлэ эбэн, олохтоох ассенизатор эбээһинэһин сүгэр. Предприниматель толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ оҥорор өҥөтүгэр 1 тыһ. солк. ылар. Онон сотору-сотору бэйэтэ көрөн, ол емкоһу оботторон ыраастыыр. Онон Лөкөчөөн ыаллара толору хааччыллыылаах дьиэни тутарга интэриэстээхтэр.
Бүлүү улууһун Лөкөчөөнүн олохтооҕо Станислав Николаев баҕа санаатын толорон, дьиэ кэргэнин уйалаан, эдэр киһи аны хаһаайыстыбатын кэҥэттэр туһунан санаалаах. Мин дьоруойум курдук ыччаттар төрөөбүт Лөкөчөөннөрүгэр олохсуйан, силистэрин-мутуктарын тэнитэн, толору хааччыллыылаах дьиэлэри туттан иһиэхтэрэ буоллаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар уонна Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриилэрэ.