Сүөһүгэр цеолитта сиэт

01.06.2017
Бөлөххө киир:

Сүөһүгүн төлөһүтүөххүн, элбэх үүтү ыаххын баҕарар буоллаххына, цеолит таас туһалыа. «Сунтаарцеолит» ХЭУо ынах сүөһүгэ аналлаах бородууксуйатын Сунтаар улууһугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Кириэстээх» ТХПК эрэ саамай киэҥник туттар-туһанар. Ону хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын илэ көрөн-истэн, итэҕэйдим.

https://edersaas.ru.

SONY DSC

Кэпэрэтиип 400-чэ ынахтаах, мантан аҥаара – Алтайтан аҕалыллыбыт кыһыл истиэп боруода. Хаһаайыстыба бастыҥ көрдөрүүлээх ыанньыксыта, «Үлэ Албан аата» уордьан толору кавалера Владимир Михайловтан (хаартыскаҕа көр) цеолит төһө туһалааҕын ыйыппыппар: «Цеолиты сиэбит ынах үүтэ тута 2-3 киилэ эбиллэр, өҥнүүн-түүлүүн тупсар», – диэн хоруйдаабыта. Арай, Африканович, аһара элбэҕи сиэттэххэ, сүөһү таҥкычаҕар мустарын, ол иһин нэдиэлэҕэ икки-үс төгүл 250-300 кыраам цеолиты уотурбаҕа булкуйан сиэтэллэрин быһааран кэпсээбитэ.

«Кириэстээх» ТХПК бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Егоров этэринэн, цеолиты сүөһүлэригэр үһүс сылын сиэтэллэр. Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын агротехнологияҕа факультетын уопсай зоотехнияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, доцент Наталья Черноградская салалтатынан кэпэрэтиип исписэлиистэрэ, үлэһиттэрэ олохтоох симментал уонна кэлии Алтай сүөһүлэриттэн ылыллар үүтү-эти дэлэтэр итиэннэ бородууксуйа оҥоһуллан тахсар ороскуотун кыччатан, ас-үөл ырыынагар сыана намтыырын ситиһэр инниттэн чэпчэки сыаналаах цеолиты эбии аһылыкка хото туттар үөрүйэхтэммиттэр.

Наталья Матвеевна 2014 – 2015 сылларга мониторинг ыыппыт. Ол уопут түмүктэрэ манныктар: айылҕа цеолитын эбии аһылык быһыытынан сиэттэххэ, симментал боруода бургунас үүтэ 9,5 бырыһыан эбиллэр, оттон кыһыл истиэп боруодалаах киэнэ – 11,1 бырыһыан. Иккиһинэн, олохтоох симментал тиҥэһэлэргэ аһылыктарыгар цеолиты эптэххэ, ыччат сүөһү төлөһүйүүтэ 9,1 бырыһыанынан үрдүүр, оттон кыһыл истиэп боруодалаахтарга – 15 бырыһыанынан. «Онон, цеолиты кыһыл истиэп боруода сүөһү ордук ылынар эбит итиэннэ бу боруода ыччат сүөһүтэ I кылаас стандартыгар сөп түбэһэр. Маны «Кириэстээх» ТХПК төлөһүтэр ыччат сүөһүтэ сайдарыгар, улаатарыгар цеолит үчүгэйдик сабыдыаллыыра көрдөрөр», – диэн түмүк оҥорор учуонай.

«Кириэстээх» кэпэрэтиип аҥаардас чинчийиинэн муҥурдаммакка, цеолиты күн аайы туттуллар эбии аһылыкка кубулуппута кэрэхсэбиллээх. Хаһаайыстыба салайааччыта Владимир Егоров бэлиэтииринэн, цеолиты туһанар буолуохтарыттан ыла сүөһү саас ахсын «сыптарыҥ эмэһэ» буоларын, ырыганныырын, оккураҥ төрүөхтэнэрин умнан кэбиспиттэр. Өссө көдьүүстээҕэ баар, Алтай кыһыл истиэп боруода тиҥэһэлэрэ тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр кэлбит маҥнайгы сылларын сүтүгэ суох туораабыттар.

«Ханнык баҕарар харамай чэгиэн-чэбдик буолара аһылыгыттан, кини ас буһарар уорганыттан тутулуктаах. Онон сүөһү аһылыгар күннэтэ хараххытын хатыы сылдьыҥ уонна цеолиты эбии аһылык быһыытынан дэлэччи туһаныҥ», – диэн Владимир Семенович атын хаһаайыстыбалар салайааччыларын ыҥырар. «Кириэстээх» ТХПК салалтата сүөһү аһылыгын куукунатын тэрийэр былааннааҕын олоххо киллэрдэҕинэ, хаһаайыстыба сүөһүтэ 60 бырыһыан инчэҕэй, сииктээх аһылыкка көһүөҕэ. Ол – сэбиэскэйдии эттэххэ, өлгөм үүт, эмис эт!

Кэпэрэтиип Кириэстээххэ баар эргэ таас хотонугар биһигини, суруналыыстары, управляющай дуоһунаһыгар үлэлии сылдьар эдэр исписэлиис, Кутана уола Кирилл Данилов арыаллаан илдьэ сырытта. Эколог идэлээх эбит гынан баран, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр сыстан, баһылаан эрэр. Кирилл Владимирович цеолит сүөһү аһылыгын рационугар хайаан даҕаны баар буолуохтааҕын күннэтэ ирдиир, хонтуруоллуур (видеоҕа көр).

Василий НИКИФОРОВ, https://edersaas.ru.

ВИДЕО:

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0