Маннык санаалаах Сунтаартан кэлэ сылдьар “Кириэстээх” ТХПК бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Егоров. Владимир Семенович бу көрүүтүн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна ТХМ Уопсастыбаннай сэбиэтин холбоһуктаах мунньахтарыгар тыл этэригэр эмиэ быктарда.
“Хаһаайыстыбаларга үлэһит илии тиийбэт кыһалҕата барыларыгар баара кистэл буолбатах. Холобур, биһиэхэ эдэрдэр хотоҥҥо чугаһаабаттар, 50-60 саастарын ааспыт дьон үлэлии сылдьаллар. Киэн туттар аатырар ыанньыксыппыт Владимир Африканович Михайлов быйыл 65 сааһа туолбутун далааһыннаахтык бэлиэтээтибит. Маннык дьоммут күүс үлэтиттэн туораатахтарына, аны, 5-10 сылынан биирдэ “хоос” гынар туруктаахпыт. Онон, тыа хаһаайыстыбатыгар чэпчэтии оҥоруу сиэринэн Россия таһыттан кэлэр дьоҥҥо патеннарын кыччатан, кинилэр күүстэрин сүөһү-хотон үлэтигэр туһаннахпытына эрэ олохтоох аспыт-үөлбүт оҥоһуллар кэскилэ кэҥиэ диэн үрдүттэн салайса-дьаһайса сылдьар салайааччы быһыытынан быһаччы этэбин”, — диир Владимир Егоров.
Кырдьык, бу этиини Ил Түмэн таһымыгар көрөн-үөрэтэн, сөптөөх быһаарыы ылыллыан наада эбит. “Кириэстээх” ТХПК аҕыйах сыллааҕыга диэри сүөһүгэ уонна бааһынаҕа, оҕуруокка өрөспүүбүлүкэ таһыттан кэлбит дьону наймылаһан үлэлэтэрэ. Онтон кэлии үлэһит баһыгар хаһаайыстыбаттан 8-тыы тыһыынча солкуобай кээмэйдээх патены төлөтөр буолуохтарыттан тохтоторго күһэллибиттэрэ. “Кириэстээхтэр” маннык үлэлэтэ үөрүйэхтээхтэр. Бэрэссэдээтэл саныырынан, Саха сирин тыйыс, кытаанах усулуобуйатыттан саллыбаттарын уонна салҕыбаттарын курдук, биирдии сыл үлэлэтэ-үлэлэтэ утааран, атыттарынан солбуйан иһиллиэхтээх.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru