Бүгүн Таатта эрэ улууһун дьоро күнэ буолбатах. Бүгүн «мин сахабын» диэн этинэр киһи барыта билэр, сөҕөр, сүгүрүйэр НЕУСТРОЕВ Б.Ф.- Мандар Уус 75 сааһын туолар үөрүүлээх күнэ диэн билэр.
edersaas.ru, Полина Находкина
«Таатта уола талах курдаах» уолтан бүтүн өрөспүүбүлүкэ билинэр, киэн туттар киһитэ буола үүннэ.
Тимир курдук матырыйаалы талбытынан ыллатар талаанын үүнэр үгүс оҕолору, ыччаты уһуйда, үүннэрдэ.
Биир хайысханан буолбакка киһи ситэн тиспэт талаана талба, билиитэ киэҥ, дьоҕура сөҕүмэр дьикти сэмэй саха киһитин кэрэһэлиир кэрэ киһи!
Мааны киһини МАНДАР Ууһу дьоһун сааһынан эҕэрдэлиэҕиҥ, сүгүрүйүөҕүҥ, махтаныаҕыҥ, алгыаҕыҥ!
СҮГҮРҮЙҮҮ ХОҺООН
/Мандар Ууска ананар/
Талба талаан ахсаанын,
Аатын-суолун аахпаппын
Тылым татым буолуоҕун
Сэрэйээхтиир сүрэҕим.
Киһи киэнэ килбиэнэ:
Уһуйааччы, ойууһут,
Сэһэнньитэ, мындыра
Барытыгар дэгиттэр.
Көстүүм, хаалтыс куттаабат —
Кууһар кыахтаах ким бары,
Кэрэмэһин кистиирдии
Олус сэмэй тас көстүү.
Баайга-дуолга да биэрбэт
Баайаҕалар баайдара!
Таатта талыы киһитэ!
Бөлүһүөгэ, билиитэ.
Тимир ууһун ууһатта,
Оҕо саастан такайда.
Саха кутун манньыта
Турда моҕол ураһа.
Дьэрэкээнэ, ойуута
Дьүкээбиллии кэрэтиэн!
Талаан тардар талааны,
Үтүө өрүү үтүөнү.
Уруй буоллун Мандарга
Дьоһун мааны сааһынан!
Уһун сырдык олоҕу
Түстүүр норуот киниэхэ!
Полина-Победа
Уус Алдан
08.10.2020с.