П.А. Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр устуоруйаҕа бэлиэ суолу хаалларбыт дьон ааттарын үйэтитэр сыаллаах чинчийэр бырайыак үлэлиир.
Бу бырайыак чэрчитинэн, «Г.В. Попов саха тылын уонна литературатын үөрэтиитэ” диэн филология билимин кандидата, кыраайы үөрэтээччи Попов Гавриил Васильевичка аналлаах тэрээһин буолла. Гавриил Попов кинигэтинэн Манчаары ырыаларын, тойуктарын «Арчы дьиэтин» этно-фольклорнай бөлөҕө толордулар. Салайааччы — “Манчаары тойуктаах ыллыктара” бырайыак ааптара Евдокия Ивановна Павлова-Кылыһах Далбар.
Онтон төрүччүтүн туһунан Алтан орто оскуолатын учуутала, психолога, “Нэһилиэк сайдыытыгар үтүөлэрин иһин” бэлиэ хаһаайына, “Алтан нэһилиэгэ” кинигэ ааптардарыттан биирдэстэрэ Любовь Егоровна Попова уонна Алтан орто оскуолатын үөрэнээччитэ Сахаайа Попова билиһиннэрдилэр. Бииргэ үлэлээбит доҕоро, филология билимин дуоктара Спиридон Алексеевич Иванов дириҥ ис хоһоонноох ахтыы оҥордо. «Аал луук мас» биэрииттэн киинэни көрдүбүт. Киинэ ааптара, филология билимин кандидата Евдокия Игнатьевна Избекова Гавриил Васильевич тылдьыты оҥорууга, саха устуоруйатын чинчийиигэ улахан кылаатын туһунан иһирэхтик кэпсээтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуот бэйиэтэ Иван Васильевич Мигалкин, түмэл научнай-сырдатар отделын сэбиэдиссэйэ, П.А. Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата Николай Егорович Винокуров-Урсун, норуот суруйааччыта Семен Андреевич Попов, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Иван Иванович Осипов, кыраайы үөрэтээччи Николай Аржаков—Боло Уус, биир дойдулаахтара Саргылаана Саввична Адамова, Оксана Ильинична Слепцова, Вера Аркадьевна Тимофеева, үөрэппит оҕолоро, педагогика билимин кандидата Татьяна Семеновна Сантаева, түмэл дириэктэрин солбуйааччы Линда Николаевна Иванова истиҥ ник ахтан-санаан туран, сүдү учуонай, саха саарына Гавриил Васильевич Попов бу дьыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр төрөөбүтэ 90 сылын туолуутун бэлиэтииргэ туһааннаах этиилэри киллэрдилэр. Кыыһа, биллэр суруналыыс, суруйааччы Ираида Гаврильевна Попова аҕатын тутта сылдьыбыт малларыттан: харандаас угарын уонна ачыкытын түмэлгэ бэлэхтээтэ, аатын үйэтитэргэ үлэ хайысхатын торумнаата.
Ангелина Кузьмина,
филология билимин кандидата, түмэл научнай үлэһитэ.