Сүдү киһи Александр Ильич Борисов туһунан…

Ааптар: 
03.08.2020
Бөлөххө киир:

Быйыл атырдьах ыйын 3 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ инфокоммуникационнай тиһиктэр сайдыыларын кэмигэр сибээс уонна Саха сирин кэрэ айылҕатын, манна олорор норуоттар тустарынан аан дойдуга аатырдыбыт теле-араадьыйанан биэрии сайдыыларыгар сүҥкэн кылааттаах Борисов Александр Ильич 60 сааһын туолуо этэ.

Биһиги сибээс эйгэтигэр уонна 90-с сыллардааҕы үп-экэниэмикэ кириисиһин кэмигэр бииргэ үлэлээбиппит. Кини оччолорго олох эдэр киһи ТЦТР ГУП генеральнай дириэктэринэн анаммыта бу баар курдук харахпытыгар көстөр.

2010 сыл бэс ыйыгар Александр Ильич Борисов Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Е.А.Борисов Ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыы­талыстыбатын Бэрэссэ­дээтэлин солбуйааччынан анаммыта. Бу үрдүкү дуоһунаска ананыыта соһуччу буолбута, кини бэйэтэ хаһан даҕаны үрдүкү дуоһунастарга дьулуспатаҕа.

Эппиэттээх дуоһунаска ананаат, тэрээһин-структура боппуруостарын бастакы уочарат быһаарбыта: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сибээскэ уонна иһитиннэрэр-көрдөрөр технологияларга судаарыстыбаннай кэмитиэт, Судаарыстыба сокуупкаларын батарыыга судаарыстыбаннай кэмитиэт тэриллибиттэрэ. Сүрүннүүр салааларын сайдыыларын сүрүн хайысхалара чопчуламмыттара, сибээскэ уонна бэчээккэ судаарыстыбаннай бырагыраамалар торумнаммыттара. Александр Ильич Арассыыйа Сибээскэ уонна коммуникацияларга министиэ­ристибэтин кытта хардарыта бииргэ үлэлээһини, сибээс бары федеральнай оператордарын кытта ыкса сибээһи олохтообута. Ити түмүгэр кэскиллээх инфраструктурнай боппуруостар кэмигэр быһаарыллар кыахтаммыттара.

Биһиги Александр Ильич си­­бээс салаатын салайбыт кэмигэр үлэлээбиппититтэн астынабыт. Бу иһитиннэрэр технологияларга сүҥкэн уларыйыылар кэмнэрэ этэ. Салайааччы быһыытынан хамаандатын иннигэр чопчу, киэҥ хабааннаах эрээри, олоххо киирэр сыаллары туруорара. Идэтин дэгиттэр баһылаан, бу сыалы толорор туһугар хайдах дьаһанары, ханнык нормативнай – быраап аактарын оҥорору билэрэ уонна сатыыра. Сыалын ситиһэр туһугар тиһиктээхтик, ис сүрэҕиттэн кыһаллан туран үлэлиирэ. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ аныгы инфокоммуникационнай технологиялар олоххо киирбиттэрэ, судаарыстыбаннай сокуупка эйгэтин тиһигэ тэриллибитэ. Интэриниэт тиһигин хаачыстыбата тупсубута, түргэн буолбута, электроннай бырабыыталыстыбаны олоххо киллэ­риигэ инфраструктура тэриллибитэ. Улуустарга Судаарыстыба уонна муниципальнай өҥөлөрү оҥорууга элбэх өҥөнү оҥорор киин тиһигэ тэриллибитэ олус туһалаах буолбута.

Билигин дьон 2011 сыллаахха суотабай сибээс өрөспүүбүлүкэ 265 нэһилиэнньэлээх пуунугар баарын өйдүүрэ дуу. Өрөспүүбүлүкэтээҕи теле-араадьыйа биэрии производственнай уонна технологическай баазата саҥардыллыбыта, цифровой тэлэбиидэнньэ бырагырааматын тарҕаныытын тиһигэ тутуллубута. Оттон билигин хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо бу өҥөнөн туһанар. Судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох сала­йыныы уорганнарыгар сибээс өҥөтүн оҥоруу кииннээн тэриллибитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Чахчыларын түмэр киин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Быһыыны-майгыны сүрүннүүр киин үлэҕэ киирбиттэрэ. Туох-ханнык иннинэ Саха сиригэр буоста сибээһин материальнай-тэхиньиичэскэй баазата уонна үлэтэ тупсубута.

Александр Ильич федеральнай оператордары Саха сиригэр кэлэн сибээс саҥа ситимин тутарга итэҕэппит үтүөлээх. Кини саҕана ТрансТелеКом уонна Ростелеком хампаанньалар сибээстэрин волоконнай-оптическай линиялара Дьокуускайга кэлбитэ. Саха сирин арҕаа өттүгэр уонна илин эҥэргэ тыһыынчанан килэмиэтир түргэн волоконнай-оптическай линия, Саха сирин Магаданы кытта ситимниир оптоволоконнай трасса тутуллубуттара.

А.И.Борисов сибээс олохтоох оператордарын мэлдьи өйүүрэ, кини өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хам­­паанньалар тэриллибиттэрэ. Куйаар ситимэ Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Мииринэйгэ, Чернышевскайга, Бэрдьигэстээххэ, Аммаҕа, Бороҕоҥҥо, Чурапчыга, Ытык Күөлгэ тиийбитэ. “Халыматааҕы экспресс”, Бүлүүтээҕи экспресс”, “Кэбээйитээҕи экспресс” курдук киэҥ хабааннаах инфраструктурнай бырайыактары олоххо киллэрии күүскэ, тэтимнээхтик саҕаламмыта.

Бары биир дьиэ кэргэн курдук буоламмыт, Александр Ильич көмөтүгэр уонна өйөбүлүгэр мэлдьи эрэнэрбит. Биһигини куруук Ильич хамаандата диэн ааттыахтара. Сынньалаҥмытыгар бары бииргэ бултуу, балыктыы, өрүһүнэн уста барааччыбыт, таарыйа ­аатырбыт “Охота и рыбалка в Якутии” теле-бырагыраамаҕа матырыйаал бэлэмнээччибит.

Бу “Охота и рыбалка в Якутии” теле-бырагыраама бырайыагын тэрийээччинэн уонна көҕүлээччинэн Александр Ильич ­буолбута. Бырагыраама көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ аатын-суолун өрө көтөхпүтэ, Саха сирэ туристары көрсүүгэ кыаҕын көрдөрбүтэ. Быһата, кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатын-суолун үрдэтиигэ дьоһун кылаатын киллэрбитэ. ”Охота и рыбалка в Якутии” биэрии хоту дойду төрүт норуоттарын үгэстэрин көрдөрөр, тэнитэр, ийэ айылҕаҕа тапталы үөскэтэр буолан, дьон биһирэбилин ылыан ылбыта.

Александр Ильич соһумардык бу Орто дойдуттан өлөн туораабытыттан үгүс киһи, ордук борос­туой дьон хараастыбыта. Кини айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэргэ олох чугас, ытыктыыр киһилэрэ этэ. Ол да иһин, ис сүрэхтэриттэн аһыйбыттара.

Күн-дьыл түргэнник элэҥнээн ааһар. Ильиһи утары социальнай тиһиктэргэ араас тылы-өһү тарҕатыы кимтэн тахсыбыта кэмэ кэллэҕинэ биллиэҕэ дии саныыбыт. Ол да буоллар, Александр Ильич хаһан даҕаны кимиэхэ да хом санаатын туппатаҕа. Ханнык да ыарахаттартан толлубакка, иннин диэки барыахха диэн санаанан салайтарара.

Миниистир дуоһунаһыттан уурайаат, Александр Ильич Бырабыыталыстыба дьиэтин кирилиэһигэр күүстээх ардахха баттаппытын туһунан кэпсээн турар. Онуоха кини, дьэ, саҥа олох саҕаланна дии санаабыт эбит. Кырдьык, кини үгүс былааннааҕа. Туризмы күүскэ сайыннарыыга, “Охота и рыбалка в Якутии” биэриини салгыы таһаарыыга, тупсарыыга.

Александр Ильич биһиги уонна сүүһүнэн тыһыынча Саха сирин олохтоохторун сүрэҕэр куруук умнуллуо суоҕа. Биһиэхэ өрүү учуутал, доҕор-атас, талааннаах тэрийээччи, саҥа идеяны саҕааччы, айар талааннаах киһи уонна көннөрү Улахан буукубаттан суруллар киһи быһыытынан хаалыаҕа.

Доҕотторо, биир идэлээхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0