-
«Саҥа сиппиир саҥалыы сиппийэр» диэн бэргэн этиини, былаас уларыйарын, тэрилтэҕэ саҥа тойон-хотун кэлэр кэмигэр ордук элбэхтик истэбит эрээри, идэтийбит, уопуттаах исписэлиистэр өрүү «ат уорҕатыгар» сылдьаллар. Оннук киһинэн уонтан тахса сылы быһа СӨ бырабыыталыстыбатыгар тырааныспар, сибээс миниистиринэн үлэлээбит Владимир Членов буолар.
-
– Владимир Михайлович, эн Николаев, Штыров уонна Борисов салайыытынан уопсайа уонтан тахса сыл үлэлээбитиҥ. 90-с сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ саҥа бэрэсидьиэннэнэр кэмигэр быһыы-майгы хайдах этэй?
-
– Саха сиригэр 120-тэн тахса араас омук эйэ-дэмнээхтик сүүһүнэн сыллар тухары бииргэ олорон кэллилэр. Хас биирдии омукка инники күөҥҥэ тутар, ураты өйдөөх-санаалаах дьоннордооҕо. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар киһи санаатын аһаҕастык этэр, наада буоллаҕына кириитикэлиир даҕаны үйэтэ кэлбитэ. Уларыта тутуу буолбакка, дьиҥнээх «өрөбөлүүссүйэ» саҕаламмыта диэн малтаччы этиэм этэ. Норуоттан тахсыбыт лидердэр, родовой общиналар, «кинээстэр» баар буолбуттара. Холобур, билиҥҥи тылынан эттэххэ, Юрков, Дудкин, Бородин, Бубякин курдук «оппозиционердар» баар буолбуттара. Дирбиэннээх-дарбааннаах миитиннэр ыытыллаллара, араас листовкалар бэчээттэнэн тахсаллара. Дьон өйө-санаата ытыйыллан, олох-дьаһах атыйахтаах уулуу аймаммыта. Урукку бэлитиичэскэй тутул көрүөх бэтэрэтэ урусхалламмыта. Дьэ, бу кэмҥэ норуот кыһалҕатын билэр, норуоттан тахсыбыт уопсастыбаннай лидер, өрөспүүбүлүкэни саҥа олоххо үктэннэриэхтээх Михаил Ефимович Николаев уонна кини үөлээннээхтэрэ Климент Иванов, Егор Егоров, Василий Скрябин, Владимир Ларионов курдук чулуу дьон мустан өрөспүүбүлүкэ, норуот туһа диэн үлэлээн барбыттара.
-
1990 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтэ Саха сирин Судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыммыта. Ол эрээри, бу ыарахаттардаах этэ. Хомуньуустар араастаан саҥарар, үөҕэр этилэр. Кинилэри таҥнарыахсыттар, өстөөхтөр да дииллэрэ. Уопсайынан, таптаабыттарынан ыыстыыллара.
-
Суверенитет ылыныллыаҕыттан, «сахалар» баар буолбуттара. Урут ханнык да улууска тиий, бары «якуттарбыт» дииллэрэ. Уус Алдан Тандатыгар, Ньурба Маалыкайыгар, Булуҥ Тиксиитигэр бардахха. Онон «сахалар» баалларын биллэрэн барбыттара.
-
— Эн санааҕар, Михаил Ефимович «соратниктарыттан» туох уратылаах этэй?
-
— Кини 1979 – 1985 сылларга тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлии сылдьан, тыа сирин дьонун кытары үгүстүк көрсөн, тыа хаһаайыстыбатыттан олохпут быһаччы тутулуктааҕын өйдөөн, сири туһаҕа таһаарыыга, сүөһү ахсаанын элбэтиигэ бары күүһүн уурбута. Холобур, Амма бааһыналарын, улуустар ходуһаларын туһаҕа таһаарыыга, сүөһү аһылыгынан хааччыйыыга улахан үлэни ыыппыта. Онон дьон кинини ытыктыыра.
-
Михаил Ефимович оччолорго Россия лидердэрин ортолоругар рейтининэн көрдөххө, бэһис миэстэҕэ сылдьара.
-
— Инники күөҥҥэ Ельцин, Черномырдин сырыттахтара…
- – Уонна Татарстан бэрэсидьиэнэ Минтимер Шаймиев, Башкортостан бэрэсидьиэнэ Муртаза Рахимов кэннилэриттэн. Михаил Ефимович оннук аптарытыаттаах этэ. Холобур, ыаллыы олорор Магадан уобалаһын ылан көрүөххэ. Оччолорго 500 тыһыынча нэһилиэнньэлээх этэ. Билигин 100 тыһыынчаттан тахса эрэ киһи олорор. Чукоткаҕа эмиэ оннук балаһыанньа. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 90-с сылларга 1 мөл. 100 тыһыынчаттан тахса киһи олороро. Онтон 100 тыһыынчатын сүтэрдибит. Ол өйдөнөр. Уһук Хоту оройуоннарга, ол иһигэр Тиксиигэ, Усуйаанаҕа, Халыма уонна да атын улуустарыгар 70 – 80 сылларга үлэлии кэлбит дьон төттөрү дойдуларыгар көспүттэрэ.
-
1992 сыллаахха Уһук Хоту оройуоннарын материальнай-техническэй өттүнэн хааччыллыы сокуона көтүрүллэн, олохтоохтор күргүөмүнэн киин сиргэ көһөргө күһэллибиттэрэ.
-
Онон, духуобунай өттүнэн санаабыт уларыйар-тэлэрийэр кэмигэр аны экономикабыт түөрэҥнээн, сатарыйан барбыта. Судаарыстыба өттүттэн күүс-көмө суох буолан, улахан тэрилтэлэр эстии-быстыы суолугар үктэммиттэрэ.
-
Дьиҥэр, Михаил Николаев олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга үгүс үлэни ыыппыта. Холобур, үүт собуотун атыылаһан, оҕо аһылыгынан хааччыйар фабриканы үлэлэппиппит. Тирии собуота итальянскай, оттон иис фабриката дьоппуоннар тэриллэринэн толору хааччыллыбыта. «Сардаана» фабрика тикпит таапачыкатын ымсыыраннар, Россия олохтоохторо билэр дьонноругар сакаастыыллара.
-
Санааҥ көрүҥ, ыраах Ростовскай уобаластан сүөһү аһылыгын сакаастыырбыт. Ол барыта хас биирдии ынах тыһыынча лиитирэ үүтү биэрэрин туһугар.
-
— Николаев саҕана СӨ материальнай ресурсаларын, атыы-эргиэн уонна тырааныспар миниистирэ этиҥ. Онтон 2002 сыллахха Вячеслав Штыров бэрэсидьиэнинэн талыллан, тута эйигин СӨ тырааныспарын, сибээһин уонна информатизациятын миниистиринэн анаабыта…
-
— Саха сирин олохтоохторо, бииргэ үлэлии сылдьар дьоно, Михаил Ефимовиһы үһүс болдьоххор үлэлээ диэн туруорсубуттара. Ол эрээри РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин курдук икки болдьоххо олороот, бэйэтин оннугар Вячеслав Штыровы хаалларбыта. Кини эмиэ сонун идеялары, саҥа саҕалааһыннары олоххо киллэрбитэ.
-
— Оттон үһүс бэрэсидьиэни Егор Борисовы кытары миниистир быһыытынан бэрт кылгас кэмҥэ алтыспытыҥ. Быһата, аҕыйах эрэ хонук диэн көрөбүн. Ол эрээри, куруук бииргэ үлэлээтэххит.
-
— 90-с сылларга биир кэмҥэ бырабыыталыстыбаҕа үлэлии кэлбиппит. Кини тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччынан, оттон мин Ленскэйтэн ас-үөл бырамыысыланнаһын миниистирин солбуйааччынан. Үлэбит биографията майгыннаһар. Егор Афанасьевич төрөөбүт Чурапчытыгар
-
слесарынан, мин эмиэ 1969 сыллаахха слесарынан үлэбин саҕалаабыппыт. Райкомҥа эмиэ үлэлээбиппит. Арай үлэлиир уонна олорор улуустарбыт атын этэ. Араас мунньахтарга, тэрээһиннэргэ бэйэбит санаабытын аһаҕастык этэн, туруорсан, олоххо киирэрин ситиһэрбит.
-
Онон үс бэрэсидьиэни кытта бииргэ үлэлээбит дьоллоохпун. Кинилэри үһүөннэрин дьоһун салайааччы быһыытынан билинэбин.
Хаартыска: интернеттэн.
- Кэпсэттэ Анивера АКИМОВА.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1