Халаан содулун туоратыыга, айгыраабыт дьиэни-уоту куурдан, сөргүтэн сайыҥҥы кылгас кэми өрүсүһэн чөлүгэр түһэриигэ уран табахтаах мындыр уустар сатабылларыгар, билиилэригэр тирэҕирэр олус наада.
edersaas.ru
Бүгүн биһиги балаһабытыгар Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгин олохтооҕо, дэгиттэр уус Иван Попов ууга барбыт дьиэни хайдах куурдарга санаатын үллэстэр. Биллэрин курдук, ааспыт сылларга Таатта Эбэ хаста даҕаны халааннаан, Одьулууҥҥа элбэх дьиэни-уоту ылбыта. Ол содулун чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбит-хамсаабыт киһи сүбэтэ-амата ааҕааччыларга туһалаах буолуоҕа.
Барыта көтүрүллэр
Ууга барбыт дьиэни куурдуу ньымата-албаһа араас эрээри, сүрүнэ биир. Уһаайбаттан, тиэргэнтэн уу түспүтүн кэннэ бастатан туран, дьиэ чугаһыгар уонна уу тохтуур сиригэр баар ууну эмиэ хоруу хаһан эбэтэр носуоһунан бырахтаран, суох гыныллар. Итиэннэ дьиэ-уот туругун сыныйан көрүллэр. Өскөтүн дьиэ улаханнык айгыраабыт, турар сириттэн хамсаабыт түбэлтэтигэр, анал биригээдэни эрэ ыҥыран оҥоруллар. Оттон хамсаабатах буоллаҕына, бэйэ күүһүнэн холкутук оҥостуохха сөп.
Муоста анныгар хаалбыт ууну носуоһунан хачайдатан эбэтэр биэдэрэнэн баһан таһааран, дьиэттэн тэйиччи тоҕуллар. Дьиэттэн малы-салы, миэбэли, көбүөрү барытын таһырдьа таһаарыллар, туһаттан тахсыбыты (ууну «испит» ДСП үрэллэн хаалар) быраҕыллар, туһаныллыах өттүн куурдан-хатаран итиэннэ үөнтэн эмтээн (дезинфекциялаан) чөлүгэр түһэриллэр. Халаан улаханнык ылбыт дьиэтин түннүгүн төрүт аһыллыбат, тоҕо диэтэххэ, араама куурарыгар эрийэ барар кутталлаах. Оччоҕуна олордорго эрэйдиир эбэтэр саҥа түннүгү атыылаһарга күһэллэҕин. Оттон уу түннүккэ тиийбэтэх, муостаны таһыйбыт түбэлтэтигэр, түннүктэри барыларын ылыллар. Эркинтэн эпсиэйи (баар буоллаҕына) көтүрүллэр, обуойу хаҕыланар, штукатурка уу хаайтаран, күлтэйэн тахсыбыт өттүн алдьатан, арыйан биэриллэр. Үгүс ыал хосторун гипсокартонунан быыһаан баран, шпаклевкалаан, кырааскалаан таас дьиэттэн итэҕэһэ суох оҥорон кэбиһэр идэлээхтэр. Бу матырыйаал көрөргө үчүгэйин иннигэр, ааттыын «хортуон уонна гиипсэ» буоллаҕа, уу ханан тиийбит сиригэр диэри күөрэлэнэн туһатыттан тахсар. Онон барытын көтүрэр ордук.
Линолеум, ламинат уонна мас хаптаһын
Билигин эдэр ыаллар дьиэлэрин көстүүтүн киэргэтэн итиэннэ сылаас буоллун диэн муосталарын линолеумунан эбэтэр ламинатынан тэлгэтэллэр. Уу ылбыт дьиэтигэр линолеум онон-манан көппөйөн хаалар эрээри, улаханнык айгыраабат. Көтүрэн ылан көнө ньуурдаах, күлүк соҕус сиргэ умса сытыаран үс-түөрт хонукка куурдуллар. Онтон түрбэлии суулаан туруору ууруллар. Иккистээн туттуллар кыахтаах. Ламинат ууну «иһэн» түллэр итиэннэ уйан өттө, туттарар сирэ (шип-паз) алдьанар. Ону сэрэнэн көтүрэн, сымнаҕас өрбөҕүнэн куурда сотон, үрүт үрдүгэр сааһылыы ууран баран, ыараханынан баттатан, син туһаныахха сөп буолар эрээри, улаханнык түллүбүтэ син-биир быраҕылларыгар тиийэр. Ламинат анныгар тэлгэммит тэллэх (подложка) фанера илийдэр эрэ саас-сааһынан араҥаланан, арахсан хаалар. Саҥанан эрэ уларытарга тиийиллэр. Муоста хаптаһыннарын көтүрэн, таһырдьа таһааран, салгын үчүгэйдик оонньуур үрдүк соҕус сирин талан, сааһылаан ууруллар. Эрийэ барбаттарын уонна үчүгэйдик кууралларын хааччыйан, быыстарынан туора мас угуллар.
Сүрүнэ – салгыны оонньотуу
Салгыы дьиэ ис-тас кунустарын арыйан, салгын дьиэ аннынан көҥүл сылдьар оҥоруллар. Онуоха тас кунуһу дьиэттэн арыый тэйиччи соҕус быраҕыллар. Салгын охсон, күн көрөн, үчүгэйдик куурдун. Ис кунус илийбит өттүн күрдьэҕинэн баһан ылыллар. Оттон уу улаханнык киирэн, уһуннук турбут түбэлтэтигэр барытын уларытар, саҥа, ыраас буорунан солбуйуллар. Онуоха анаан, тиэргэн куурбутун кэннэ, үрдүк сиртэн буор аҕалан, биир сиргэ чөмөхтүү кутан ордук. Оччоҕуна (кутар саҕана) бу буор куурар, чиҥиир, салгылыыр уонна туой буор тууһа-тураҥа көтөр. Дьэ ити курдук, дьиэни үөһэнэн-аннынан арыйан, салгыҥҥа оҕустаран, үчүгэйдик куурдуллар.
Аны тепловой пушканы (улахан иэннээх дьиэни-уоту сылытарга туттуллар, көһөрүллэ сылдьар тэрили) холбоон, салгын хамсыырын күүһүрдэн биэрэр көдьүүстээх эрэ буолуоҕа. Ити эрээри, онуоха дьиэни сылыттын диэн ааны уонна түннүгү сабар наадата суох. Уу дьиэ аннын дириҥник сиигирдибитин салгын эрэ хамсаан көтүтэр. Ол иһин, куурдарга балачча (икки нэдиэлэттэн итэҕэһэ суох) бириэмэни биэрэр наада, тиэтэйэр сатаммат. Итинэн бастатан туран, ууну испит акылаат, баалкы мастарын кичэйэн куурдуллар, инньэ гымматахха, истэриттэн куулайан, сытыйан тахсар кутталлаахтар. Иккиһинэн, кирдээх ууттан хаалбыт үөн, түүнүк, тэллэй үөскэхтэрин өлөрүллэр.
Турбаны туох да солбуйбат
Дьиэ аннын салгылатар турбалары сайын устата аһаҕас туруоруллар. Оннук турбалар суох буоллахтарына, саҥаны оҥоруллар. Акылаат алларааҥҥы маһыгар «Дружба» эрбиинэн хас хос ахсын утары-таары буоларын курдук 12 см усталаах, 5 см кэтиттээх хайаҕастары оҥорон баран, сыыс буор киирбэтин диэн кэнсиэрбэ бааҥкатын дьөлүтэ үүттээн хаптаччы саайыллар эбэтэр турба кэтэрдиллэр. Ыкса күһүн бүөлэнэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ үгүс ыаллар дьиэлэрин акылаатын тимир-бетонунан оҥороллор. Оннук дьиэҕэ салгылатар турбалары арыйталаан баран көмөлөһүннэрэн, аллараа өттүнэн хас да сиринэн дьөлөн биэрэн, уу хаайтарбакка сүүрэрин хааччыйыллар.
Уу киирэрэ түргэн, куурара бытаан. Уу ыла сылдьыбыт дьиэтэ кэлэр кыһын муостатынан син биир тымныы буолара буолуо, онон күһүн муоста үрдүнэн сылытар матырыйаалы тэлгэтэргэ сүбэлиибин.
Оһоҕу тутуу
Уу ылар эбэтэр ылыан сөптөөх сиригэр турар дьиэҕэ оһоҕу тутарга эппиэччик үрдүгэр биир эрээт шлакоблогу уурар ордук. Ол кэнниттэн түөрт эрээт кыһыл кирпииччэни ууран баран, салгыы буор кирпииччэнэн тутан таһаарыллар.
Холобур, мин биир ыал оһоҕун итинник туппутум уу ылбытыгар буор кирпииччэтигэр тиийбэтэҕэ, оһоҕо сууллубатаҕа. Буор кирпииччэ сиигирдэ да ханна барыай, сууллар эрэ буоллаҕа. Оттон аҥардас кыһыл кирпииччэнэн оҥоһуллубут оһох көдьүүһэ кыра, оттулунна да сылыйа охсор, сол тэҥинэн түргэнник сойор. Инньэ гынан, дьиэ оһоҕо буор кирпииччэлээҕэ ордук.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru