Ырыынакка киирэр сылларга Чурапчытааҕы иис комбинатын үлэһиттэрэ Татьяна Карсанаева тула түмсэннэр, “Дьүөгэ” диэн дьоҕус сыаҕы тэриммиттэрэ.
Ол кэмтэн ыла Татьяна Карсанаева, Екатерина Седалищева, Любовь Захарова уо.д.а. бииргэ үлэлээн кэллилэр. Чурапчытааҕы народнай театр, уус-уран самодеятельность артыыстарыгар сыана таҥастарын итиэннэ сакааһынан араас көстүүмү, былааччыйаны тигэллэр, күндү түүлээҕинэн таҥас эгэлгэтин оҥороллор. Кинилэр биһиги ааҕааччыларбытыгар күндү түүлээҕинэн бэргэһэни хайдах тигэргэ сүбэлииллэр.
Имитии
Күндү түүлээх тириитин киһи ылла да имитэн барбат. Хаппыт тирии холус тутууну уйбат буолан, сиигирдэн эрэ баран имитиллэр. Урут эбэлэрбит куобах, андаатар тириилэрин суоратынан сиигирдэн баран, начаас имитэ охсоллорун өйдүүргүт чахчы. Бэйэ сатаабат эбэтэр бириэмэ суох буоллаҕына, сатыыр дьоҥҥо да имиттэриэххэ сөп. “Тирии имитэрбин” диэн биллэрии элбэх.
Үчүгэйдик да имитиллибит түүлээх тириитэ сыалаах буолар. Ону шампуннаах ууга сэрэнэн сууйуллар. Куурбутун кэннэ тараан кэбиһиллэр. Оччоҕуна, түүтэ көбүүр уонна кылабачыйар.
Тирии барыта талыы буолбат
Бастатан туран, бэргэһэни да, саҕаны да туох түүлээх тириитинэн тигэри быһаарыллар. Холобур, дьахтар кулгаахтаах бэргэһэтэ биир саһыл, биир кырса эбэтэр үс, бытархай буоллаҕына, түөрт киис тириититтэн тахсар. Оттон саҕаны биир саһыл, кырса тириититтэн таһаарыллар. Сэрэйбиккит курдук, бэргэһэ кырса тириитэ буоллаҕына, саҕа да онно ханыы буолара ордук.
Аны туран тирии эрэ барыта талбыт курдук буолбат. Сорох ханан эрэ хайа барыылаах эбэтэр буулдьа суоллаах, сорох тараҕайдаах. Хайа барыыны, буулдьа суолун тигиллэр, түүтэ түспүтү ойо быһан ылан быраҕан баран, атыны киллэриллэр. Онуоха киллэһик буолар тирии түүтэ улахан тирии түүтүгэр атылыы эбэтэр түүтүн уһуна, өҥө-талата, көбө, хайысхата сөп түбэһэр буолуохтаах. Уһун, сэбирийбит түүлээх тириигэ эриллэҕэс түүлээх эбэтэр атын өҥнөөх-дьүһүннээх киллэһик барсыбат.
Быһыы сатабылы эрэйэр
Чэ, холобурга саһыл тириитинэн 58 размердаах дьахтар кулгаахтаах бэргэһэтин тигэр буолуох. “Сэттэ төгүл мээрэйдээн эрэ баран, быс”, — диэн мындыр өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ. Түүлээх тириитэ урут да күндү этэ, эгэ, билигин дуо? Онон, тириини быһыахпыт иннинэ бастаан бэргэһэ киэбин кумааҕыга эбэтэр өрбөх таҥаска быһан, холуйан көрөбүт, ол кэнниттэн тириигэ киирэбит.
Тириини көрөн-истэн баран, өрөҕөтүнэн быһабыт. Салгыы остуолга тэниччи сытыаран, сиһин ороҕунан ортотун булабыт. Көхсүн түүтэ саамай кылааннаах, бастыҥ өттө. Онон, кутуругун төрдүттэн самыытын куондарга аныыбыт. Ити эрээри, тириини ыл да быһан-отон киирэн барар сатаммат, бастаан киэппитин холоон, тириигэ ойуулуубут. Сорох кыыл (саһыл, кырса) кутуругун төрдүнэн кытарбыттаах буолар, ону учуоттааммыт арыый аннынан ылабыт. Сиһин ортотуттан бэргэһэ оройдоох кулгаахтарын, төбөтүн диэкинэн кэтэҕин быһабыт. Өрөҕөтүн тириитин быраҕымаҥ, кулгаах ис өттө буолар. Оттон куондар ис өттүгэр көннөрү чиҥ соҕус матырыйаал да сөп.
Сиитэһинэн сирийэн
Субата наһаа ылыллыбыт тирии кэлин хайыта бара сылдьар буолан, бэргэһэ үйэтэ кылгыыр. Ол иһин чараас тириини сиитэс эбэтэр бээс таҥаһынан ис өттүттэн сирийэн биэрэр ордук.
Харыстаан кэт, үйэтин уһат
Күндү түүлээх кыыллар тыйыс тымныы дойдуга үөскээбит буоланнар, куйааһы, сылааһы, олус сырдыгы уонна күн уотун тулуйбаттар. Ол иһин, кыһыҥҥы бэргэһэни, саҕаны уһуннук кэтэр туһугар маннык быраабылалары тутуһуҥ:
1. Сөрүүн, сиигэ суох уонна күн уота көрбөт сиригэр харайыҥ.
2. Химия препараттарын, ол иһигэр духууну, баттах лааҕын бэргэһэ, саҕаҕа төрүт чугаһатымаҥ. Духуу алкоголлаах буолан, тириини куурдан-хатаран кэбиһэр, оттон хаппыт тирии тырыта бара сылдьар.
3. Сииктээх хаарга түбэһэн, бэргэһэ уонна саҕа сиигирдэҕинэ, долгуйумаҥ. Түүлээх айылҕатын быһыытынан биир күннээх хаарга, ардахха туох да буолбат. Таһырдьаттан киирээт, тэбээн баран ыйаан кэбиһиҥ, ол эрээри аһаҕас уокка төрүт чугаһатымаҥ.
4. Саһарбыт бэргэһэни, саҕаны мааннай куруппанан сууйан эрэр курдук аҕаан ыраастанар.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.
Дьахтар кулгаахтаах бэргэһэтин киэбэ (кээмэйэ сантиметрынан)
“Якутяночка” бэргэһэ киэбэ.