Дьэдьэни уонна клубниканы саас сиргэ лутрасилы, агроволокнолары тэлгээн, дьөлөн баран олордубут буоллахха, күһүн ону ылыллар.
Хомуйбакка хааллардахха, күһүҥҥү ардахтаах тымныы үнүгэһи, аһы хам ылыаҕа, оччотугар үүнээйилэр кыайан кыстыахтара суоҕа, аллараа өттүлэрэ тыыммат буолан, тоҥон хаалыахтара.
Кыһын кыстата хаалларар дьэдьэн да, клубника да күһүҥҥү сибэккилэрин тууруллар. Ити сибэккилэрин үүннэрэ сатааннар, бу барахсаттар тиһэх күүстэрин-уохтарын барытын барыахтара, кыһыны туорууллара саарбахтаныа.
Иккиһинэн, буордарын төрүт көбүтүллүбэт, ол оннугар кыһын хаары эбии кутан, үллүйэн биэриллэр. Очоҕуна саас үчүгэйдик тахсыахтара, сайыны быһа аһатыахтара.
Раиса Сибирякова.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1