Күн-дьыл элэстэнэрэ түргэнин эриэхсит, бэс ыйа үүнэ оҕустаҕа. Ыам ыйын бүтүүтэ тымныы, тыал, ардах, өссө сорох улуустарга хаар түһэн, билигин үгүстэр араассаадаларын олохтоох сирдэрин буллара иликтэр. Ол иһин, Мииринэй олохтооҕо Валентина Иванова эдэр ийэлэргэ оҕуруоту олордорго үөрүйэҕин үллэстэр.
edersaas.ru.
Кыра да сири көдьүүстээхтик туһаныахха
Билигин уһаайбаҕа анаан урукку курдук элбэх сири биэрбэт буолан тураллар. Онон оҕуруот сирин хас биирдии муннугун көдьүүстээхтик туһанар ирдэнэр. Күөх үүнээйилэр бэйэ бэйэлэрин күөнтэспэттэрин, хата, хардарыта ситэрсэн уонна байытыһан биэрэллэрин курдук олордуллар.
1. Миэстэни атастаһыннаран
Ханнык баҕарар оҕуруот аһын биир сиргэ уһуннук олортоххо буор быйаҥнаах араҥата дьадайар. Холобур, моркуоп, хаппыыста уонна хортуоппуй сиртэн элбэх азоту, калийы, оттон оҕурсу, помидор фосфору ылан үүнэллэр. Ону таһынан, биир сиргэ наар биир көрүҥү олордууттан буорга ыарыыны көбүтээччи үөн-көйүүр үөскүүр кутталлаах. Дьэ ити иһин култууралары үс-түөрт сыл буола-буола, миэстэ атастаһыннаран олордуллар. Онуоха биири өйдүөххэ наада: уруулуу көрүҥнэри солбуһуннарыллыбат.
Холобур хортуоппуй помидордуун, оҕурсу кабачоктуун аймахтыылар, аһылыктанар иҥэмтэлээх эттиктэрэ уонна сутуллар ыарыылара биир. Ити иһин былырыын хортуоппуй үүммүт сиригэр быйыл помидору, оттон оҕурсу оннугар кабачогу төрүт чугаһатыллыбат. Ол оннугар урут хортуоппуй үүммүт сиригэр быйыл хаппыыстаны, эһиил моркуобу, онтон кэлэр сылга кабачуогу олордон, үчүгэй үүнүүнү ылыахха сөп.
Биһиги сүрүннээн тэпилииссэҕэ оҕурсуну уонна помидору үүннэрэбит. Иккиэннэригэр тус туһунан тэпилииссэ оҥоробут. Тоҕо сатаныа суоҕай аҕыйах сылга кинилэри атастаһыннаран олордор? Помидор үүммүт сиригэр көстөр ыарыылар (трипс, илимнээх клещ…) оҕурсууга туох да кутталы оҥорботтор. Оттон помидор оҕурсуттан хаалбыт иҥэмтэлээх эттигинэн эмсэхтэнэн торолуйа үүнэр.
Луук, чочунаах кэннилэриттэн тугу барытын олордуллар. Помидор, хортуоппуй кэннилэриттэн хаппыыста, оҕурсу, кабачок, горох, сүбүөкүлэ, салаат, моркуоп, петрушка, укуруоп үчүгэйдик үүнэллэр. Оҕурсуу, кабачуок, патиссон кэннилэриттэн эрэдиискэ, хаппыыста, сүбүөкүлэ, луук, помидор, хортуоппуй олордуллар кыахтаахтар. Моркуоп, укуруоп, петрушка, сельдерей оннуларыгар луук, чочунаах, хортуоппуй, помидор куһаҕана суох үүнэллэр.
2. “Иллээхтэри” сэргэстэһиннэрэн
Бэйэ бэйэлэригэр сөп түбэһэр көрүҥнэри кэккэлэһиннэри олортоххо, үүнүү үрдүүр. Оттон “тапсыбат” үүнээйилэри ыаллаһыннардахха, кэхтэр. Хаппыыста таһыгар салааты, луугу, сэлдьэрэйи, укуруобу, эрэдиискэни, хортуоппуйу олордуохха сөп. Хаппыыста быыһыгар турар укуруоп “ыалын” амтанын биллэ тупсарыаҕа, үөнү-көйүүрү, ол иһигэр тилээни киэр үүрүөҕэ. Ити эрээри укуруоп моркуобу уонна помидоры кытары төрүт кэккэлэспэт. Хортуоппуй “аймахтарын” (помидору, оҕурсуну, сүбүөкүлэни, сэлдьэрэйи) кытары ыаллаһарын сөбүлээбэт, оттон дьэдьэни, хаппыыстаны, моркуобу, эрэдиискэни тулуйар. Сүбүөкүлэни оҕурсууттан, хортуоппуйтан тэйиччи олордуллар. Дьэдьэн (клубника) салааты, чочунааҕы, луугу, сүбүөкүлэни уонна эриэккэни кытары бэркэ “ыаллаһар”.
Үүнээйи болдьоҕуттан эмиэ тутулуктаах. Холобур, эрдэтээҥи хаппыыста помидору, хойукку хаппыыста эрдэтээҥи хортуоппуйу кытары бэркэ тапсан үүнэллэр. Оттон биир көрүҥнээх эрээри, болдьохторо тус туһунан үүнээйилэр астарын былдьаһыахтарын сөп.
3. Үөнү-көйүүрү үүнээйинэн үргүтэн
Оҕуруот аһыгар базилик, бархатцы, лаванда, майоран, ромашка, шалфей, чабер уо.д.а. сибэккилэр, тимэх от, чочунаах, луук курдук үүнээйилэр үчүгэйдик дьайаллар, иҥэмтэлээх эттиктэринэн буору байыталлар, сыттарынан-сымардарынан үөнү-көйүүрү үүрэллэр. Холобур, тилээ бархатцы, настурция, мята, кориандр, луук, чочунаах сыттарын сөбүлээбэт. Хаппыыста үөнэ гераньтан, мятаттан, настурцияттан, тимэх оттон, укуруоптан, чочунаахтан куттанар, хаппыыста сахсырҕатын бархатцы, шалфей, чочунаах чугаһаппаттар. Колорада хомурдуоһа кориандры, настурцияны, тимэх оту, бархатцыны өлөрдүү абааһы көрөр. Ол иһин бу үүнээйилэри кирээдэ быыһыгар, кытыытыгар олордуллар. Бииринэн көрөргө үчүгэй, иккиһинэн туһалара баһаам.
Быстах сүбэлэр
Уһаабыты эрийиллэр
Хаһан тэпилииссэҕэ олордуохха диэри помидор уһаан хаалар идэлээх. Бу оттуллубат тэпилииссэлээхтэр көрсөр кыһалҕалара. Умнаһа наһаа уһаабыт помидору мин быспаппын, ол оннугар тэпилииссэҕэ олордуом хас да хонук иннинэ “аччыктатабын” (ууну куппаппын). Оччотугар сүрдээҕин сымныыр, ону сытыаран баран, төрдүн эрийэн олордобун. Итинник олортоххо элбэх сиртэн аһыыр буолан, умнас бэркэ үүнэр, аһын үчүгэйдик кутар.
Бастаан үөрэтиллэр
Сайыҥҥы сибэккини дьиэттэн эмискэ күн сырайар сиригэр таһааран олортоххо, сүрдээҕин соһуйар, оҕустарар, дөйөн хаалар. Үүнэрэ уонна сибэккилиирэ бытаарар. Ити иһин кулуумбаҕа олордуох быдан инниттэн сибэкки арассаадаларын эмиэ салгыҥҥа үөрэтиллэр. Холобур, мин күнүс сибэккилэрим арассаадаларын дьиэм соҕуруу эркинигэр, тыал-куус охсубат сиригэр таһааран туруорабын.
Төбөтүн быһа тутуллар
Өлгөмнүк сибэккилиир петунияны билигин ханна даҕаны сөбүлээн олордоллор. Арассаадата бастаан наһаа иинэҕэс эрээри, үүнэн истэҕинэ тымныыны, хаһыҥы балачча үчүгэйдик тулуйар буолар. Төбөтүн ылан кэбистэххэ, ойоҕос лабаалар үүнэннэр, сүрдээҕин хойдор. Ити иһин арассаада бэһис-алтыс сэбирдэҕэ таҕыста даҕаны, көрө сылдьан төбөтүн быһа тутан ылан кэбиһиллэр. Инньэ гымматыҥ да, петунияҥ соҕотох умнаһынан куоҕайан туруо.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” edersaas.ru