Сүбэ: Маарыйа Саабына хааны астыыр ньымалара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Идэһэ кэмэ саҕаланна, саха ыалыгар сибиэһэй эти сиир дьоро киэһэлэр үүннүлэр. Чурапчы Далбар Хотуна Маарыйа Саабына бүгүҥҥү сүбэтэ хааны кутан буһарыыга ананар.

edersaas.ru.
Баччаларга дьиэ кэргэнинэн остуол тула олорон сып-сылаас хааны сиир оо, үчүгэй да буоллаҕа! Сорох эдэр хаһаайкалар ньаҕайа бэрт диэн дуу, эбэтэр наһаа уустук курдук санаан дуу, хааны астыы сатаабаттар. Дьиҥинэн, хааны
кутуу бэрт судургу.

Субайдааһын

Идэһэ сүөһүтүн өлөрөөт, хаанын лаахтаах иһиккэ сүүрдэн ылылларын бары бэркэ билэҕит. Ол хааны булкуйуллубат, мээнэ хамсатыллыбат. Хааны икки көрүҥҥэ: субайга уонна хара хааҥҥа араарыллар. Субайы, сүрүннээн, убаһа хаанынан бэлэмнииллэр эрээри, ынах сүөһү да хаанынан оҥоруохха сөп. Сүүрдүллүбүт хааны сөрүүн сиргэ туруоран сөҥөрдөн баран (сороҕор хонноруллар) үрдүгэр тахсыбыт дьэҥкирин холбуйан ылыллар. Ити субайдааһын дэнэр. Оттон хара хааны бэлэмнээһин судургу, хааны аҕыйах чаас туруора түһээт, сиидэлээн, убаҕаһын арааран ылыллар.

Хааны кутуу

Хааны кутуох иннинэ сөптөөх иһити-хомуоһу, баайарга суон сабы, кыракый мас үтэһэни бэлэмнэнэр. Иһи ырытарга, ыраастыырга оһоҕостору олус күүскэ ньиккэйиллибэт итиэннэ тымныы уунан сууйуллар. Чараас бэрчээкки таһынан эрэһиинэ (медицинскэй) бэрчээккини кэттэххэ, илии тоҥмот. Хааны кутарга анаан очоҕоһу 60-70 см усталаахтык быһыллар, тиэрэн, кичэйэн сууйуллар. Тэстибитин-тэстибэтэҕин үрэн бэрэбиэркэлэнэр.
Биэс ыстакаан субай хааҥҥа үс-түөрт ыстакаан үүтү кутуллар. Туустанар, бэйэ сөбүлүүрүнэн күөх луугу, биэрэһи эбиллэр
итиэннэ очоҕос улахан аҥарыгар диэри кутуллар. Очоҕоһу аргыый ньиккэйэн, салгынын таһаарыллар уонна эрийэ тутан баран үтэһэнэн анньан туттарыллар. Хас да хос сабынан үстэ-хаста эрийэн баайыллар.

Буһарыы
Көстүрүүлэҕэ туустаах ууну оргутуллар. Оргуйдаҕына, хааны угуллар. Уота олус күүстээх буолбата ордук. Иһит түгэҕэр сыстан хаалбатын курдук, хааны кэмиттэн кэмигэр хамсатан биэриллэр.
Хаан буспутун, буспатаҕын хайдах билиллэрий? Буспут хаан ыга туттахха, кытаанах буолар. Ону биилкэ төбөтүнэн тэһэ астахха, дьэҥкир симэһин тахсар. Ити аата — хаан буспут, бэлэм буолбут. Хааны хотороот, баайыытын, үтэһэтин быһан быраҕыллар. Халбаһыы курдук төгүрүк быһыылаан кырбанар. Остуолга сылаастыы аҕалыллар. Кутуллубут хааны кэлин сииргэ анаан салапааҥҥа уган тоҥоро ууруллар. Ону ириэрэн астыырга өйдөөҥ: тоҥон баран ирбит хаан сүрдээх кэбирэх, тэстимтиэ буолар. Онон, бастатан туран, сэрэнэн тутуллар. Иккиһинэн, саҥа сабынан чиҥэтэ баайан биэриллэр. Үсүһүнэн, хаана (субайа) уонна үүтэ тус-туспа буолбатын наадатыгар, сэрэнэн дьалкыҥнатан булкуйуллар.

Минньигэстик аһааҥ!
Раиса
Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0