Сүбэ: Маарыйа Саабына хаппыыстаны маннык тууһуур

Ааптар: 
17.10.2017
Бөлөххө киир:

Чурапчы бастыҥ оҕуруотчута Маарыйа Саабына бу сырыыга хаппыыстаны тууһуур кистэлэҥин кэпсиир.

edersaas.ru

Хаппыыста көрүҥэ элбэх – үрүҥ сүрэхтээх (белокочаннай), кыһыл сүрэхтээх, савойскай, брюссельскай, өҥнөөх, брокколи уонна кольраби. Олортон биһиги, сүрүннээн, үрүҥ сүрэхтээҕи үүннэриини уонна астааһыны балачча баһылаатыбыт. Ыһаарылаан, буһаран уонна тууһаан сиибит. Голубцы, солянка, щи курдук бүлүүдэлэри бэлэмниибит.

Хаппыыстаны тууһааһын

Тууһуурга сиппит, сибиэһэй хаппыыста үчүгэй. Наһаа кыра хачаан соччо табыгаһа суох. Туох ханнык иннинэ хаппыыста тас өттүнээҕи күөх уонна алдьаммыт сэбирдэхтэрин быһан быраҕабыт. Хачааны хайдах табыгастааҕынан, бөдөҥү түөрт гына, ортону икки гына аҥардыыбыт. Төрдүн оҥон ылан быраҕабыт, сэбирдэхтэрин 5 мл кэтиттээх гына кырбыыбыт.

Уон киилэ кырбаммыт хаппыыстаҕа 180-200 грамм туус сөп буолар. Ону таһынан, сөбүлүүр буоллахха, 350 грамм моркуобу кутабыт, лавровай сэбирдэх эбэбит. Сорох хаһаайкалар 1 устуука дьаабылыканы, 350 грамм уулаах отону кутан, амтанын байыталлар. Ити эрээри, өр сыллаах уопут көрдөрөрүнэн, тууһанар хаппыыстаҕа туустан ураты тмини (1 биэдэрэ хаппыыстаҕа 2-3 ост. ньуосканы) кутар үчүгэй, атыны мээнэ эбиллибэт. Моркуобу синньигэс гына эбэтэр чараастык кэрчиктээн быһан, эбэбит. Дьаабылыканы бүтүннүү эбэтэр аҥардаан, сиэмэлэрин хаатын кытары оҥо быһан ылан баран кутабыт. Уулаах отону ыраастаан кутуллар. Туус бастыҥ суортаах буолара ордук.

Уон лиитирэ истээх иһит түгэҕэр ыраас хаппыыста сэбирдэҕин тэлгэтэбит. Ол үрдүгэр кырбаммыт хаппыыстаны, онтон моркуобу, тууһу, дьаабылыканы эбэтэр отону, онтон эмиэ хаппыыстаны араҥа-араҥа кутуталыыбыт. Тупсарар тумалары тууһу кытары урут булкуйабыт. Хаппыыста хас биирдии араҥатын чиҥэтэн биэрэбит.

Өстүөкүлэ бааҥкаҕа эбэтэр лаахтаах биэдэрэҕэ туустуурга хаппыыстаны моркуобу уонна атын да эбииликтэри кытары туспа тааска дуу, көстүрүүлэҕэ дуу булкуйан баран кутабыт. Эмиэ чиҥэтэбит. Иһити толору кэриэтэ кутан баран үрдүнэн ыраас сэбирдэхтэринэн сабабыт. Нөҥүө күнүгэр хаппыыстабыт чиҥээн аллара түстэҕинэ, саҥаны кырбаан эбии кутан толоробут. Уута олус элбэх таҕыстаҕына, ытык угунан дьөлүтэ анньан биэрэбит. Күүгэннирдэҕин ахсын ону холбуйан иһэбит.

Хаппыыста аһыйарыгар саамай табыгастааҕынан 18-20 кыраадыс сылаас буолар. Биир нэдиэлэнэн хаппыыстабыт ситэр. Ону биирдии эбэтэр балтараалыы киилэлээх буорсуйаларынан полиэтилен мөһөөччүктэргэ кута-кута, тоҥоро уурабыт.

Ый хаамыытын дьайыыта

Оҕуруот аһыгар өр сыллартан идэтийбит омуктар билгэлэринэн:

  Ый туолуутугар тууһаммыт ас амтана соччото суох уонна түргэнник буортуйар. Холобур, хаппыыста аһыы уонна олус сымнаҕас буолар.

  Оттон сүбүөкүлэни бу кэмҥэ тууһуур табыгастаах. Тоҕо диэтэххэ, туустаах сүбүөкүлэ төһөнөн сымнаҕас да, соччонон үчүгэй.

Тууһаммыт хаппыыста туһата

Эккэ-сииҥҥэ эттиктэр атастаһыыларын тупсарар. Эт уонна сыалаах астар искэ буһууларыгар көмөлөһөр. Эт-хаан ыраастаныытын, оһоҕос үлэтин күүһүрдэр. Аһыыр ас көрүҥүн элбэтэр, иҥэмтэлээх эттиктэрин байытар.

Ороһуолугар тартроновай кислота элбэх. Бу кислота организмҥа сыаны мустарбат, ону ыйааһыннарын түһэриэхтэрин баҕарар даамалар болҕомтоҕо ылаллара наада. Ороһуолга салфетканы илитэн, сирэй тириитин ыраастыыр мааска оҥоһуллар. Сирэй эбирэ, кыра баас куттала начаас ааһар.

Маринуйдаммыт хаппыыста

Хаппыыстаны 5-6 миллиметр кэтиттээхтик кырбаан баран, оргуйа турар ууга 1 мүнүүтэ устата уган (бланшируйдаан) ылабыт. Ол иннинэ 1 лиитирэ ууга 120 грамм саахары, 50 грамм тууһу оргутан, онтон таһаарыах арыый иннинэ 200 грамм 9 %-наах уксууһу эбэн, ороһуол бэлэмниибит.

Биир лиитирэ истээх бааҥкаҕа бастаан 250 грамм итии ороһуолу, онтон түөртүү-биэстии устуука хара төгүрүк биэрэһи, гвоздиканы, 2-3 грамм корицаны кутабыт. Онно бланшируйдаммыт хаппыыстабытын бааҥка моонньугар диэри кутабыт. Ороһуол хаппыыстаны сабар буолуохтаах. Хаппахтаан баран бааҥкабытын 85 кыр. диэри ититэбит: лиитирэлээх бааҥкалары 15 мүнүүтэ, лиитирэ аҥардаахтары 3-5 мүнүүтэ устата.

Биир лиитирэлээх бааҥкаҕа кутуллар састаап: 800 гр бланшируйдаммыт хаппыыста, 30 гр саахар, 12 гр туус, 50 гр 9 %-наах уксуус, түөртүү-биэстии устуука хара төкүнүк биэрэс, гвоздика уонна 2-3 гр корица хоһуоччуга.

Күннээҕи остуолга

Туустаах хаппыысталаах салаат

Киилэ аҥаара хортуоппуйу уонна икки устуука сельдерей силиһин тус-туспа буһаран кыра гына кырбанар. Онно 400 грамм туустаах хаппыыстаны, биир эриэппэ луугу эбиллэр. Ыстакаан аҥара үүнээйи арыытын, амсайан көрөн туус, саахар кутуллар уонна булкуйуллар.

Туустаах хаппыысталаах хортуоппуй

Биир киилэ хортуоппуйу хаҕылаан, туустаах ууга буһаран баран куурда түһүллэр. Киилэ аҥаар туустаах хаппыыстаны кытары булкуйуллар.

Сыырдаах хаппыыста

Дьоҕус хачааны туустаах ууга буһаран баран бысталаан арыынан уҥунуохтаммыт итии хобордооххо кутуллар. Ол үрдүнэн сымыыттаах үүтү кытары кыратык бурдугу, тууһу уонна биэрэһи булкуйан саба кутуллар. Итиэннэ духуопкаҕа уган хойдуор диэри буһарыллар. Хойуннаҕына теркаламмыт сыыры эбии табыгынатыллар.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0