Чурапчы бастыҥ оҕуруотчута Маарыйа Саабына оҕуруот аһын кэнсиэрбэлээн хаһаанарга маннык сүбэлиир.
edersaas.ru
2,5 киилэ помидору, 1 киилэ моркуобу, 1 киилэ кыһыл биэрэһи эт эрийэринэн эрийэн, 1 ыстакаан мас арыытын, 1 ыстакаан саахары, ¼ ыстакаан тууһу кутабыт. Итиэннэ лаахтаах көстүрүүлэҕэ сыстыбатын курдук булкуйа-булкуйа, 1 чаас устата буһарабыт. Арыый сойо түспүтүн кэннэ 1 ыстакаан чесногу эт эрийэринэн эрийэн кутабыт. 2 лоскуй аһыы биэрэһи эбэбит. Үчүгэйдик сойбутун кэннэ ыраас бааҥкаларга кутабыт, ыга хаппахтыыбыт.
Киев аджиката
5 киилэ помидору, 1 киилэ Болгария биэрэһин, 1 киилэ дьаабылыканы, 1 киилэ моркуобу эт эрийэринэн эрийэбит. Онно икки остолобуой ньуоска тууһу, 200 г саахары, 400 г мас арыытын, 2 остолобуой ньуоска кыһыл, аһыы биэрэһи кутабыт. Сыстыбатын курдук булкуйа-булкуйа, икки-үс чаас устата буһарабыт. Сылаастыы таас иһиттэргэ кутан, хаппахтыыбыт.
Күһүҥҥү салаат
Биирдии киилэ минньигэс биэрэһи, хаппыыстаны, кыһыл помидору, моркуобу, 3 киилэ оҕурсууну кырбаан булкуйабыт. 2 остолобуой ньуоска уксууһу, киилэ аҥаара мас арыытын кутабыт. Итиэннэ бааҥкаларга кутуталаан итии уу паарыгар 10-15 мүнүүтэ туруорабыт. Ыга хаппахтаан уурабыт.
Дьиэтээҕи борщ
Биирдии киилэ сүбүөкүлэни, моркуобу, хаппыыстаны, помидору, киилэ аҥара эриэппэ луугу кырбаан булкуйабыт. 300 г мас арыытын, 2 остолобуой ньуоска тууһу, биир оччо саахары, 1 чаайынай ньуоска лимон кислотатын кутан, 40 мүнүүтэ буһарабыт. Бааҥкаларга кутан, ыга хаппахтыыбыт.
Оҕурсууттан сокууска
1 киилэ оҕурсууну төгүрүктүү, 1 киилэ минньигэс биэрэһи соломолуу быһан, 1 киилэ моркуобу теркалаан мас арыытыгар тус-туһунан ыһаарылыыбыт. Үһүөннэрин холбоон баран, 1 киилэ помидору кырбаан эбэбит. 2 остолобуой ньуоска тууһу, биир оччо саахары уонна 1 остолобуой ньуоска уксууһу кутабыт. Кыратык чочунаахтыыбыт, биир чаас устата буһарабыт.
“Буспут кобра”
5 киилэ помидору, киилэ аҥара минньигэс биэрэһи, 300 г чесногу, 2-3 устуука аһыы биэрэһи эт эрийэринэн эрийэн бытаан уокка 1,5 чаас буһарабыт. Амсайан көрөн туустуубут.
Моркуоптан искэх
2 киилэ моркуобу, 1 киилэ помидору, 0,7 киилэ луугу ылан эт эрийэринэн эрийэбит. 2-3 остолобуой ньуоска тууһу, 1 чаайынай ньуоска 30 %-наах уксууһу, 0,5 киилэ мас арыытын кутан, 40-60 мүнүүтэ буһарабыт. Сылаастыы бааҥкаларга кутабыт.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru