Сүбэ: Маһы олордуу

Ааптар: 
01.06.2018
Бөлөххө киир:

Маһы тыаттан көһөрөн олордорго ыам ыйын иккис аҥаара, бэс ыйын бастакы аҥаара табыгастаах. Бу кэмҥэ тыллан эрэр мас үүнэр көҕө күүһүрэр, силиһэ саҥа сиргэ дөбөҥнүк үөрэнэр. Оттон күһүн маһы куйаас ааспытын кэннэ, атырдьах ыйын ортотуттан балаҕан ыйын ортотугар диэри, олордуллар.

edersaas.ru

Сирин бэлэмнээһин

Уһаайбаҕа (сквергэ, былаһааккаҕа) ханнык маһы уонна ханна олордору эрдэттэн былааннанар. Мастар бэйэ-бэйэлэриттэн 2-2,5 миэтэрэ, сэппэрээктэр 0,5 миэтэрэ тэйиччи буолалларынан суоттаан, маска 70 см кэтиттээх, 40 см дириҥнээх, сэппэрээккэ 50 см кэтиттээх, 30 см дириҥнээх умуһах хаһыллар. Кумах, хара буор, кунус бэлэмнэнэр.

Хантан, хайдах

Маһы 5-10 саастааҕы, сэппэрээги 3-5 саастааҕы талан, тыа саҕатыттан эбэтэр  солооһунтан ылыллар. Төрдүн түөрт өттүттэн 50 см кэтитинэн, 30 см халыҥынан түөрүллэр. Хайысхатын бэлиэтээн, лабаатыгар бэлиэ баайыллар, буора ыһыллыбатын курдук дьаһайан (аҕыйах маһы дьааһыкка уган, элбэҕи кузовка төрдүлэринэн сыһыары ууран) аҕаллахха, силиһэ алдьаммат-айгыраабат.

Олордорго умуһах үс гыммыт бииригэр тэҥ өлүүнэн кунустаах кумаҕы булкуйан баран, баллырҕас бадараан буолуор диэри уу кутуллар. Ол үрдүнэн маһы олордуллар. Бу мас төрдө саҥа сиргэ олоҕун үчүгэйдик буларыгар туһалаах. Салгыы кунустаах, кумахтаах буору кутан, дьиппинитэ тэпсиллэр. Маска 20-25, сэппэрээккэ 8-10 лиитэрэ ууну кутуллар. Умнаһа токуруйбатын туһугар тирээбиллиэххэ сөп.

Олордуллубут мас бастакы икки-үс сылыгар биэбэйдэнэр, атырдьах ыйыгар диэри нэдиэлэҕэ биирдэ уу кутуллар. Силиһэ олохсуйан, сииги сиртэн бэйэтэ ылар буоллаҕына, көрүүтэ-истиитэ судургутуйар.

* Черемуха сииктээх соҕус сиргэ олордуллар.

* Рябина элбэх ууну кыайан испэт.

* Акация кытаанах буору сирэр.

* Бузина күлүктээх сиргэ табыллар.

* Боярышник кумахтаах, сымнаҕас сири ордорор.

* Хатыҥ өҥ буору сөбүлүүр.

* Ини-бии титириктэр көҕүтүһэн үүнэллэр.

* Өрүс талаҕа нүөл сири тардыһар.

* Үөт ойдом сиргэ талаһар.

* Хаптаҕастаах моонньоҕон хаппырыыстаабаттар.

Раиса Сибирякова, Саха сирэ» edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0