СҮБЭ: Кирээдэ буорун байытыҥ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Ханнык баҕарар үүнээйи, эгэ, оҕуруот аһа дуо, сиртэн элбэх иҥэмтэлээх эттиги ылан үүнэр, ити иһин кэмиттэн кэмигэр буору байытар наада.

Онон оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу хомуйбут кэнниттэн кирээдэлэри итиэннэ тэпилииссэ буорун уонча хонукка сынньатан баран, кунус кутан биэриллэр. Бэлэм кунус суох түбэлтэтигэр, түгэхтэригэр диэри түөрэн, хатыҥ саһарбыт сэбирдэҕин халыҥнык кутан көмүллэр.

Аны саас күн уһаан, сылытар кэмигэр кирээдэни салапаанынан саптахха, ити кунус уонна сэбирдэх сытыйан-ымыйан, хара буорга кубулуйан, буору байытыахтара, үүнээйи силиһэ сылааска сытан өлгөм үүнүүнү биэрэрин хааччыйыахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0