Сүбэһит: Ыраастаныы ньымалара

28.04.2021
Бөлөххө киир:

Саас киһи этэ-сиинэ улугурбут курдук буолар. Уһун, тымныы кыһын устата киһи аҕыйахтык хамсанар, эниэргийэ наада буолан, сыалаах-арыылаах, ыарахан аһы аһыыр. Онон саас диэки этин-сиинин ыраастанара наада буолар.

Биһиги өбүгэлэрбит саас, сайын эти аҕыйатан, иһи-үөһү ыраастыыр аһыйбыт үрүҥ аска көһөллөрө, үүнээйилэринэн, отунан-маһынан эмтэнэллэрэ.

Дьиҥинэн, киһи этэ-сиинэ бэйэтэ ыраастанар ньымалардаах, айылҕа оннук айбыт. Хаана, этин сүмэһинэ (лимфата) сүүрүгүрэн, мунньуллубут кири-хоҕу сууйан-сотон, ыраастаан таһаарар. Ону тэҥэ, көлөһүнүнэн, салыҥынан-сыраанынан, хойуунан-убаҕаһынан таһааран, ыраастанар. Былчыҥнар үчүгэйдик үлэлээтэхтэринэ, ыраастанарга эмиэ көмөлөһөллөр. Ол эрээри, бу айылҕа анаабыт ыраастанар ньымалара киһи бары систиэмэлэрэ доруобай, сөпкө аһыыр уонна сүүрэ-көтө, хамсана сылдьар буоллаҕына эрэ, үчүгэйдик үлэлииллэр.

Аныгы олоххо бу, дьэ, кыаллыбат буолла. Эһэлэрбит-эбэлэрбит сарсыарда эрдэ тураат, киэһэ утуйуохтарыгар диэри олорон, сытан ылбакка, тиргиччи үлэлээн-хамсаан, олорбуттара. Хотон, тиэргэн, дьиэ үлэтэ бүтэн-оһон биэрбэт буоллаҕа. Үлэ бүппүтүн да кэннэ, таах олорору сөбүлээбэттэрэ – олоро түстэхтэринэ, тирии имитэн, уһанан, иистэнэн, син биир дьарык булаллара.

Оттон билигин олохпут укулаата хайдаҕый? Үлэбитигэр күнү быһа олорон тахсабыт, массыынанан, оптуобуһунан эрэ сылдьабыт, лифт баарын кэннэ, кирилиэһи дабайыахпыт дуо? Дьиэҕэ иһити, муостаны, таҥаһы сууйар массыыналар бааллар. Дьэ, онон хамсаммат буолуу, уойуу, олус элбэх саахардаах, углеводтаах аһы аһааһын, табахтааһын, арыгылааһын, хойут утуйуу, төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ убаныы – аныгы киһи бэйэтэ талан ылбыт “накаастабыла” буолар.

Накаастабыла өр күүттэрбэт – киһи этэ-сиинэ улугуран, бэссэстибэлэр атастаһыылара кэһиллэн, шлактара мунньуллан, орагнизмы сүһүрдэн, араас ыарыы үөскээн барар. Онон, ыарыыны талан ылбат туһуттан, өр кэм устата эдэр-чэгиэн сылдьарга бу маннык олоҕун укулаатын уларытыан наада уонна кэмиттэн-кэмигэр ыраастана сылдьыахтаах.

Ыраастаныы ньымалара элбэхтэр. Поль Брэгг, Н.Семенова, Г.Малахов, Ю.Андреев, П.Иванов, О.Елисеева, уо.д.а. ыраастаныы ньымаларын систиэмэлээн, дьарык оҥорон, дьоҥҥо тарҕаппыттара. Үгүстэр аччыктааһын, паардаах итии баанньык, тымныы, анал ас, от-мас көмөтүнэн ыраастанар ньымалардаахтар. Уорганнары тус-туспа ньыманан ыраастыыллар.

Организмы барытын ыраастыырга туруммут буоллаххытына, аан бастаан оһоҕостон саҕалыырга сүбэлииллэр. Ол эрээри, үчүгэйдик билбэт эрээри, үтүктэн, мээнэ ыраастана сатааһын буортуну аҕалыан сөп. Оттон чэпчэки соҕус ньымалары туһаныахха сөп.

Баанньык

Итии паарга ыарыыны тарҕатар бары кэриэтэ микробтар өлөллөр. Хаан, лимфа сүүрүүтэ түргэтиир, сүрэх, тыҥа, бүөр, тымырдар эрчиллэллэр, кислородунан байаллар. Тымырга сыстан, бүөнү үөскэтэн эрэр холестерин суураллыан сөп. Тирии хаҕыланан, саҥа килиэккэлэр үөскүүллэр. Көлөһүн нөҥүө мунньуллубут шлактар тахсаллар. Биир чаас иһигэр тирии 2-3 лиитирэ көлөһүнү таһаарыан сөп. Баанньык кэннэ тирии хайдах курдук сымныырый, бэл, диэтэр, мырчыстаҕастар сүтэллэр.

Хаан састааба тупсар (гемоглобин, эритроцит, лейкоцит ахсаана элбиир), бэссэстибэлэр атастаһыылара, былчархайдар үлэлэрэ түргэтиир. Үчүгэй паарданыы кэннэ сылайыы-элэйии, санаа түһүүтэ сүтэр. Киһи кытаанахтык утуйар, иккистээн төрөөбүт курдук сананар. Онон баанньык бары уорганнарга, систиэмэлэргэ туһалаах.

Ол эрээри паарданыы хат дьахталларга, сүрэх ыарыһах, инсуллаабыт, эпилепсиялаах, бопторон ыалдьар, искэн ыарыылаах, тымырдара кэҥээбит дьоҥҥо бобуллар.

Аан бастаан сылаас душтан саҕалааҥ. Паарданыах иннинэ мыылалаан суунумаҥ. Бастаан паарга киирэргэ олус итии буолуо суохтаах, үөһээ долбуурга ыттымаҥ. Тириини аалан, кири-хоҕу саралаан ылыҥ. 3-7 мүнүүтэ сөп буолар. Иккистээн киирэргэ сэбирдэхтээх хаппыт лабаанан охсунуохха сөп. Хатыҥ лабаата тириини ыраастыыр, массаастыыр, сүһүөҕү эмтиир. Бэс, харыйа лабаата хаан эргииригэр, тыҥаҕа туһалаах, үйэни уһатар. Бастаан лабааны ип-итии ууга уган, чаас аҥаара сытыарыллар. Онтон таҥаһынан сабан баран, үөһээ долбуурга 5 мүнүүтэ уура түһүҥ. Таҥаһын ылбакка, сэрэнэн охсуолаан, массаастанар.

Итии паары эҕирийимэҥ, муннугутунан тыына сатааҥ. Сынньанар кэмҥэ элбэх ууну, чэйи иһиэххэ сөп. Ону тэҥэ, паартан тахсаат, тымныы уунан кутуннахха, эти-сиини эрчийэр, иммунитеты күүһүрдэр.

Аюрведа ньымата

Тыҥаҕа элбэх салыҥ мунньуллан, сөтөл, бронхит сордоотоҕуна, ону таһаарар ыраастаныыны оҥороллор. Солодка, эбэтэр манчаары (аир) силиһин оргутан иһиллэр уонна тыл төрдүн баттыыллар. Ол суох буоллаҕына, икки ыстакаан туустаах ууну иһиллэр. Тыҥаҕа баар салыҥ хотуону кытары тахсыһар.

Үөс мунньуллан баран, кыайан тахсыбатакка, быарга, оһоҕоско мунньулуннаҕына, тирии хатаалланар, бааһырар. Маннык түгэҥҥэ киэһэ утуйуох иннинэ хойууну убатар оттору (александрийский лист), эбэтэр, гхи арыылаах оргуйбут үүтү иһэллэр. Гхи – ынах арыытын уулларан баран, үөһээҥҥи күүгэнин баһан ылан, түгэҕэр сөҥмүтүн быраҕан баран, ортотугар баар дьэҥкир өҥнөөх, эмтээх арыы. Сарсыныгар оһоҕоско мунньуллубут үөс тобоҕо, араас кир-хох бэрт сымнаҕастык тахсар, ыраастанар.

Куһаҕан хааны таһаарыы

Бу ньыма сахаларга “хааннааһын”, мусульманнарга “хиджама”, Аюрведаҕа “ракта мокша”, ону тэҥэ, каппинг-терапия диэн ааттанар. Хааҥҥа араас токсин мунньуллар, ол тириинэн тахса сатаан, араастаан бааһырар. Хааннааһын кэннэ эргэрбит килиэккэлэр аҕыйаан, саҥа килиэккэлэр үөскүүллэрэ элбиир, хаан саҥардыллар, ыраастанар. Үрдүк дабылыанньа намтыыр, организм бэйэтин чөлүгэр түһэрэр кыаҕа күүһүрэр. Хойдубут хаан убуур, онон сүрэх-тымыр ыарыылаах дьоҥҥо туһалаах.

Бу ньыманы быраас, анал исписэлиис эрэ оҥорор. Тириини барбах хайыта сотон баран, бааҥканы ууран, оборторор. Бөлөнөх курдук хойуу хаан тахсар. Бу кэннэ лопух диэн сыыс от силиһин оргутан истэххэ, хааны ыраастааһын өссө күүһүрэр.

Аччыктааһын

Өр кэмҥэ аһаабатахха, организм күүһүн түмэр, бэйэтин ыраастанар, эмтэнэр эбит. Манна киһи төһө тулуйарынан көрөн, үс көрүҥнээх. 1 суукка устата ууну испэккэ, аһаабакка аччыктааһын эти-сиини ыраастыыр. Онтон толору аччыктааһыҥҥа аһаабаккын эрээри, ууну иһэҕин. 1-3 суукка, эбэтэр 7-10 суукка устата буолуон сөп. 21 күн устата аччыктаатахха, организмҥа мунньуллубут антибиотиктар, тастан киирбит гормоннар, токсиннар бары тахсаллар.

Кэмиттэн кэмигэр, холобур, нэдиэлэҕэ биир күн (24 чаас, 36 чаас) аччыктаатахха, киһи этэ-сиинэ ыраастанан, чөл сылдьар. Ыраастаныы кэнниттэн аһыырга сэрэхтээх буолуохха наада. Бастаан чэпчэки, тууһа суох аһы (от чэйдэри, дьиэтээҕи суораты, фрукта ыгыллыбыт утаҕын, буспут оҕуруот аһын, хааһыны, о.д.а.) аһаныллар.

Эбэтэр, эти-сиини ыраастыырга монодиета диэни тутуһаллар. Үс күн устата тууһа суох ууга буһарыллыбыт куруппа хааһыны эрэ сииллэр, атыны аһаабаттар. Кунжут, лүөн сиэмэтин эбиэххэ сөп. Мүөттээх, лимон сүмэһиннээх ууну иһиллэр. Биир нэдиэлэ тулуйдахха, 5 киилэҕэ диэри ыйааһыны түһэриэххэ сөп, элбэх шлак тахсар.

Өссө биир монодиета – кэпииринэн ыраастаныы. Биир күнү быһа 3 лиитирэҕэ диэри кэпиири иһэҕит, атыны аһаабаккыт. Гипогликемия (эмискэ мөлтөөһүн, мэйии эргийиитэ, тымныы көлөһүн тахсыыта) буоллаҕына, мүөттээх итии чэйи иһиэххэ сөп. Сарсыныгар клизма оҥорон баран, моркуоп, эбэтэр, дьаабылыка, сүбүөкүлэ, хаппыыста, оҕурсу ыгыллыбыт суогун тута иһэҕит, сыыйа чэпчэки аһы аһыыгыт. Бу курдук ыйга биирдэ ыраастаныахха сөп.

Маны тэҥэ, дьаабылыканы, сельдерейи, сүбүөкүлэни, чесногу, моркуобу, хаппыыстаны, ананааһы салаат, эбэтэр смузи оҥорон, сиэтэххэ, ыраастыыр дьайыылаахтар.

Отунан ыраастаныы

1 остолобуой ньуоска сенна оту (аптекаҕа атыыланар) 1 ыстакаан ууга кутан, 5 мүнүүтэ устата мөлтөх уокка оргутаҕыт, хаппахтаан баран, 20 мүнүүтэ туруора түһэҕит. Киэһэ аһаабыт кэннэ 1,5-2 чаас буолан баран, иһэҕит уонна аһаабаккыт.

Бастакы күн ыстакаан үс гыммыт биирин иһэҕит. Сарсыарда хойуугут убаан тахсыаҕа. Ис кыратык ыалдьар буолуон сөп. Күүскэ ыалдьар буоллаҕына, бу күн тохтуугут. Тулуйуохха сөп буоллаҕына, киэһэ эмиэ 1/3-1/2 ыстакааны иһэҕит. Бу курдук 7-10 күн ыраастаныахха сөп.

Оһоҕоско өр сылларга мунньуллубут, кытааппыт хойууну, шлагы сымнатан таһаарар, ону тэҥэ, бүөргэ баар кумаҕы, тааһы ыраастыыр. Киһи оһоҕоһо 5-6 миэтэрэ уһуннаах, өр сылларга хас да киилэ шлак мунньуллар дииллэр.

Үөннэртэн ыраастаныы

Үгүс дьоҥҥо чиэрбэ да буолбатар, лямблия курдук киһи хараҕар көстүбэт паразиттар бааллар. Биллэн турар, маны быраастар быһааран, эмтииллэр. Ол эрээри дьон былыр-былыргыттан эмтээх оттору эмиэ туһаналлар.

Гвоздика — 1,5 гр., үөрэ (полынь) – 1 гр., тимэх (пижма) – 3 гр. оттору мэлийтэрэн, бороһуок оҥорон баран, кыра ньуосканан ыстакаан ууну кытары иһэллэр. Бастакы күҥҥэ – аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ, иккис күҥҥэ – сарсыарда уонна эбиэккэ аһыах иннинэ, үһүс күнтэн саҕалаан биир нэдиэлэ устата күҥҥэ үстэ аһыах иннинэ (30 мүнүүтэ) сииллэр.

Аһыыта бэрт буоллаҕына, мүөтү, хара килиэби кытары сиэххэ сөп. Бу оттору оргуппакка, бороһуок курдук кураанахтыы сиэтэххэ, ордук үчүгэй дьайыылаах.

Ангелина Васильева, !Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: zdorovo.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1