Сүбэһит: тымныы доруобуйаҕа туох туһалааҕый?

26.01.2021
Бөлөххө киир:

Тохсунньу тоһуттар тымныыта, аам-даам тумана түһэн турар. Туймаада эбэ хотуҥҥа маннык тымныы түспэтэҕэ уонча сыл буолла. Ыйтан ордук кэм устата чаҕылхай күнү, күөх халлааны көрө иликпит. Ону тэҥэ, уонча күнү быһа 50-55 кыраадыстаах тымныылар тураллар.

«Ычча, ычча, бу хаһан сылыйар?”, “Тымныыны, кыһыны абааһы көрөбүн”, “Бу оннугар сылаас дойдуга төрөөбүтүм буоллар…” Маннык курдук этиилэр күннэтэ иһиллэллэр.

Чахчы, тымныы таһырдьа өр сырытыннарбат, сэрэҕэ суох, дьалаҕай буолууну бырастыы гыммат, чараас таҥастааҕы аһыммат. Арассыыйаҕа сыл аайы тыһыынчанан киһи үлүйэн өлөр диэн сыыппаралар кэпсииллэр. 2-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа – Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинин уокка сиэппит, үлүйбүт ыарыһахтар отделениеларыгар сыллата 200-тэн тахса киһи үлүйэн, эмтэнэ киирэр. Быйыл “рекорд” олохтоммут – сыл саҕаланыаҕыттан, аҕыйах күн иһигэр хайыы-үйэ 114 киһи, ол иһигэр 11 оҕо киирэн эмтэммит. Ол былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх эбит. Биллэн турар, үксүгэр арыгы иһэн баран, сэрэҕи сүтэрэн, суолга айаннаан иһэн, тырааныспар алдьаннаҕына, о.д.а. эмсэҕэлииллэр.

Үлүйбэт туһугар

40-50 кыраадыстаах тымныыга чараас таҥастаах киһи илиитин-атаҕын, сирэйин, кулгааҕын, муннун үлүтэрэ өр буолбат. Ону тэҥэ, киһи өр тоҥноҕуна, ис-иһиттэн тымныйан, этин сылааһа 30 кыраадыска диэри түһэр (переохлаждение). Маннык тоҥмут киһи тыынара кылгыыр, сүрэҕин тэбэрэ, бары уорганнара, систиэмэлэрэ бытаараллар, организмын көмүскэнэр күүһэ мөлтүүр, утуктуур, тириитэ кубарыйар, көҕөрөр, мэйиитигэр салгын тиийбэт буолар, өйүн сүтэрэр.
Үлүйүүгэ быраастар сүбэлэрэ:

— үлүйбүт сири аалымаҥ, капиллярдар быһыта бараллар;
— хаарынан, тымныынан тутумаҥ, аалымаҥ, таҥаһынан, сылаас ытыһынан тутан, ириэрэ сатыахха наада;
— атах тарбаҕа үлүйбүт буоллаҕына, хаампаккын, илии тарбахтарын хамсатыа суохтааххын;
— табахтаамаҥ;
— үлүйбүт, тоҥмут киһини сылаас сиргэ илдьэн, ириэрэ сатыахха наада, итии чэйи, муоруһу, үүтү иһэрдиэххэ сөп;
— арыгыны, кофены иһэрдэр, тута итии ваннаҕа сытыарар табыллыбат: киһи сүрэҕин үлэтэ кэһиллиэн, үлүйбүт сирдэрэ күүскэ эмсэҕэлиэхтэрин сөп;
— үлүйбүт сири иккистээн тоҥордоххо, этэ-сиинэ өссө күүскэ эмсэҕэлиир;
— тымныы күҥҥэ аччык, сылайбыт, мөлтөөбүт туруктаах таһырдьа өр сылдьымаҥ;
— халыҥнык, хаппыыста курдук элбэх араҥалаах таҥаһы таҥныҥ;
— атах таҥаһыгар хаатыҥка матырыйаалыттан боолдьох тилэҕи уктуҥ, кыыл түүтүттэн баайыллыбыт (шерстяной) наскыны кэтиҥ, оччоҕо атах ууламмат, тоҥмот;
— тыаллаах, тымныы күҥҥэ сирэйгитин анал кириэминэн, эбэтэр ынах арыытынан, кыыл сыатынан бистиҥ, ытарҕаны, биһилэҕи кэтимэҥ;
— ыарахан суумканы тута сырыттахха, тарбах тымырын баттаан, түргэнник үлүйэр;
— тымныыга кыра оҕолор уонна кырдьаҕас дьон ордук түргэнник үлүйэллэр, тоҥоллор. Кинилэри харыстааҥ, таһырдьа мээнэ таһаарымаҥ.

Туох туһалааҕый?

Ол эрээри, тымныыны аҥаардас куһаҕан эрэ өттүттэн көрөр сыыһа. Тымныы туһата элбэх. Итэҕэйбэккит дуо?
Тымныы эмтиир, ыарыыны намыратар, иммунитеты бөҕөргөтөр, тириини тупсарар, ырарга, уһун үйэлэнэргэ көмөлөһөр. Ол иһин билигин криотерапия диэн хайысха сайдан эрэр. Баай дьон криокамераҕа киирэн, эдэрдэригэр түһэн тахсаллар. Дьахталлар күн аайы мууһунан сирэйдэрин сотуннахтарына, мырчыстаҕас үөскээбэт. Тымныыга таһырдьа сырыттахха, кислород киирэрэ икки төгүл элбиир, ону тэҥэ, элбэх калорий “уматыллар”, онон сылайбытыҥ, күүрбүтүҥ ааһар, үчүгэйдик утуйаҕын. Аһы-үөлү тымныыга харайар туһунан этэ да барбаккын.
Дьэ, онон тымныыбыт кырыыс эбит дуу, баар-суох баайбыт дуу? Тымныыны сөпкө туһаныахпытын сөп дуо?
Учуонайдар быһаарбыттарынан, доруобай буолуу, уһун үйэлэнии мэктиэтэ:
— организмҥа иһии (воспаление), аһыйыы (окисление) суох, иммунитет көмүскэлэ күүстээх буолуохтаах;
— организм килиэккэлэр оҥорон таһаарар тобохторуттан (шлактан) ыраастанан иһиэхтээх;
— чөлгө түһүү (регенерация) түргэн, көдьүүстээх буолуохтаах.
Тымныыттан килиэккэлэр истириэстэнэллэр. Оттон түргэн, кылгас истириэс организм чөлгө түһэр кыаҕын улаатыннарар, ол наукаҕа “гормезис” диэн ааттанар.
Онон килиэккэлэр тымныыттан сылтаан глутатион уонна супероксиддизмутаза диэн антиоксиданнары оҥороллоро элбиир. Антиоксиданнар иһиини (воспаление), аһыйыыны, кырдьыыны утары үлэлииллэр. Организмҥа аһыйыы улааттаҕына, араас ыарыылар (ол иһигэр искэн) үөскүүллэрэ биллэр.

Лейкоциттар элбээннэр, иммунитет бөҕөргүүр, оччоҕо иммуннай систиэмэ вирустары, искэни утары күүскэ үлэлиир. Тымныыга иһиини утары үлэлиир норадреналин диэн гормон үөскүүр, ол эчэйии ыарыытын намтатар (ол иһин мууһунан туталлар). Эндорфин үөскээн, киһи настарыанньата көтөҕүллэр.

Дьэ, ол иһин дьон тымныы уунан куттар, ойбоҥҥо сөтүөлүүр, хаарынан суунар буоллахтара. Маннык түгэҥҥэ тымныы дьайыыта кылгас уонна түргэн буолуохтаах. Холобур, чараас таҥастаах таһырдьа тэлгэһэҕэр сүүрэн киирэҕин. Ол эрээри, бэлэмэ суох киһи маннык дьарыктанара сэрэхтээх. Эти-сиини үөрэтэн эрэ баран, иммунитеты бөҕөргөтөргө турунуохха сөп.

Онон тымныыны сөпкө туһаннахха, өр кэмҥэ эдэр, чэгиэн сылдьарга, уһун үйэлэнэргэ көмөлөһүөн сөп эбит.

Оттон туох баар ыарахаттары аахсыбакка, бытарҕан тымныыны көрдөөн кэлэр, өйүмүгэ сөтүөлүүр туристары аҕыннахха, тымныыбыт Саха сирин брендэ буолар, аан дойдуга аатырар толору бырааптаах. Оччотугар, эмиэ сөпкө туһаннахха, харчы киллэрэр салааҕа кубулуйуон сөп.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн

Сылгыһыт кистэлэҥэ

Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгэр олорор уопуттаах сылгыһыт Семен Винокуровтан ыйыппыттар:
— Эн сылгыларгын көрө бараргар, 50 кыраадыс тымныыга бу хайдах күнү быһа аһаабакка сылдьаҕын, тымныыны хайдах тулуйаҕын?
— Мин, кырдьык, аһаабаппын. Хаһан ол тымныы үүтээни оттон, күөстэнэн-хайаан, чэй өрөн аһыаххар диэри, күн ыраатар буоллаҕа дии. Хоту сиргэ кыһыҥҥы күн кылгас. Ол оннугар сылгы иһин сиикэй сыатын хоонньубар уктан баран, күнү быһа ону ылан эмэ сылдьабын. Оччоҕо киһи аччыктаабат даҕаны, тоҥмот даҕаны.

Бу — интэриэһинэй

Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинин уокка сиэппит ыарыһахтар отделениеларын бырааһа, мэдиссиинэ наукатын дуоктара Рево Алексеев мууһура тоҥмут киһини тилиннэрэр ураты ньыманы айбыта. Үксүгэр маннык тоҥмут дьону балыыһаҕа буолбакка, морга илдьэллэр. Оттон кини этэринэн, тилиннэриэххэ, ону ааһан, атаҕа, илиитэ быһылларыттан быыһыахха сөп.
Таба тириититтэн көстүүмү кэтэрдэн, организм иһиттэн ирэр усулуобуйатын оҥороллор, наркоһу уонна тымыры кэҥэтэр, хааны убатар укуоллары биэрэллэр. Бу курдук сыыйа ириэрэллэр. Саамай сүрүнэ, маннык тоҥмут киһини ириэрэ сатаан сылааска киллэрбэккэ, этин-сиинин имиппэккэ (тымырдара быһыта бараллар), бэркэ сэрэнэн, суһаллык балыыһаҕа аҕалыахтаахтар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0