Чурапчы Далбар хотуна Маарыйа Саабына өлгөм үүнүүнү хомуйар туһугар үүнээйилэри табатык көрүүгэ-харайыыга үөрүйэҕин үллэстэр.
Үүнээйи тугу кэпсиирин истиҥ
Сөптөөхтүк сайдарыгар уонна аһын кутарыгар туга табыллыбатын, ханнык эттик тиийбэтин үүнээйи бэйэтэ кэпсиир. Ону кэмигэр билэр туһугар мэлдьи кэтээн көрө сылдьар ордук.
Умнас мастыйыыта
Тэпилииссэ иһэ аһары итиитин уонна салгын сиигэ кураанаҕын туһунан тыллыыр. Ити итэҕэстэри туоратар дьаһал ылыллыбатаҕына сибэккитэ, сэбирдэхтэрэ түһэн киирэн бараллар, устунан өлөллөр.
Тэпилииссэ иһэ 30 кыраадыстан итийиэ суохтаах. Онон, куйааска тэпилииссэ аанын аһар, салгылатар, салгыны оонньотор итиэннэ, чуолаан, оҕурсуу тэпилииссэтин үрдүн күлүктэнэн, тугунан эмит саба бүрүйэр ордук.
Сэбирдэх саһарыыта
Дьуот тиийбэтин көрдөрөр. 10 лиитэрэ ууга 30 хааппыла дьуоту, 20 кыраам хаһаайыстыбаннай мыыланы, биир лиитэрэ үүтү кутан, үчүгэйдик булкуйуллар. Итиэннэ уоннуу хонугунан быыһаан, ардахтанан ыстарыллар. Оччоҕуна сэбирдэх саһарыыта тохтуур.
Тахсан иһэр ас саһаран өлөр
Бастатан туран, ити култуураны (холобур, оҕурсуулары) бэйэ бэйэлэриттэн олус чугастык уонна хойуутук олордубуттан, тэпилииссэ иһэ күнүһүн итийэ-итийэ түүнүн тымныйарыттан, ууну наһаа элбэҕи, эбэтэр тымныыны кутартан, эбэтэр эбии аһылык тиийбэтиттэн үөскүүр.
Ол иһин, оҕурсуу үүнэригэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийиллэр, хойуутук үүммүт уктартан сорҕотун тууран сэдэхситиллэр. Күнүс наһаа итийэр буоллаҕына — күлүктэтиллэр, түүнүн наһаа тымныйар буоллаҕына — тэпилииссэҕэ итии ууну хонноруллар, үнүгэстэри таҥаһынан сабыллар эбэтэр хаһыатынан бүрүйүллэр. Ас кутар кэмигэр уу кутуутун элбэтиллэр. Саһарбыт оҕурсуулары тууруллар, аттыгар баар сэбирдэхтэри кырыйыллар. Итиэннэ умнаһын эрийэ тутан астаах хаалбыт сэбирдэҕэр диэри сэрэнэн буорга көмүллэр (бу умнас силис буолар). Эбии аһатыллар.
Кураанах эрэ сибэккилэр тахсаллар
Бу былырыыҥҥы сибиэһэй сиэмэ арассаадаламмытын көрдөрөр. Онон эрэй эрдэтинэн ити угу тууран баран, икки-түөрт сыллаах астыйбыт сиэмэттэн үүммүт арассааданы олордо охсуллар.
Ас улааппат, сэбирдэх ньалбыйар
Буорга кальций тиийбэтин туоһулуур. Оччотугар хаппыт сэттэ-аҕыс устуука сымыыт хаҕын бороһуок курдук үлтү мэлийэн, биэс лиитэрэ ууга суурайыллар. Укка барытыгар үллэрэн кутуллар, ол кэнниттэн уу кутуллар.
Табыгастаах аһылык
Ханнык баҕарар оҕуруот култуурата сөптөөхтүк үүнэригэр элбэх иҥэмтэлээх эттиккэ наадыйар. Холобур, оҕурсуу сэттэ-уон, биэрэс, помидор уон-уон икки хонукка биирдэ, кабачок уонна баклажан сайын устата үстэ эбии аһыахтаахтар.
Бэйэ сиир оҕуруотугар уоҕурдууну илии иһигэр баар матырыйаалынан оҥоруллар: күөх оту, сэбирдэҕи эбэтэр биир киилэ сибиэһэй ноһуому (ынах сүөһү, куурусса киэнин) уулаах биэдэрэҕэ биир-икки хонукка күҥкүтүллэр. Бу көөнньөһүктэн оҕурсууга, помидорга уонна биэрэскэ 0,5 лиитэрэни, кабачуокка уонна тыыкыбаҕа 1 лиитэрэни биэдэрэлээх ууга суурайан кутуллар. Эбии аһатыах иннинэ бастаан үчүгэйдик уу кутуллар.
Киитэрэй хортуоппуй
Ким лэһигирэспит бөдөҥ хортуоппуйу хостуон баҕарбатый?
Итиннэ биир маннык ньыма баар: хортуоппуй сибэккилээбитэ уонча хоммутун кэннэ, угуттан кыратык көҕүрэтэн биэрдэххэ, салгынтан уонна буортан ылар иҥэмтэлээх эттигэ барыта аһыгар барарын түмүгэр аһа элбэх уонна бөдөҥ буолар.
Абырыыр дьөрбө
Тума быһыытынан тэҥнээҕэ суох укуруоп хортуоппуйу, моркуобу уонна помидору кытары бииргэ үүммэт. Оттон оҕурсуу, хаппыыста, салаат, луук аттыларыгар мааһа табыллар. Ордук оҕурсуу укуруопка үөһэ тэстэр. Бастатан туран укуруоп киниэхэ күлүк буолан туһалыыр. Иккиһинэн төбөтүн дьөрбөтө, судургутук эттэххэ, «зонтига» дыргыл сытынан куоппаһырдар көйүүрдэри угуйар.
Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru