Сүбэһит: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Ааптар: 
31.01.2022
Бөлөххө киир:

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр

 

Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар уонна сири олохтооһуҥҥа факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ Мария Лукина тохсунньу, олунньу ыйдарга ыһыллар үүнээйилэри хайдах олордуллары, көрөрү-харайары сүбэлиир. 

edersaas.ru

Клубника, дьэдьэн

Клубника — бөдөҥ астаах саад дьэдьэнэ. Дьэдьэн биирдэ эрэ астанар (ремонтатнайа суох) уонна сайын устата хаста да астанар (ремонтатнай) диэҥҥэ арахсар. Саха сиригэр кэлин клубниканы хото үүннэрэр буоллулар. Бу отон-дьэдьэн (клубника) суортара арассаадатын үүннэриигэ бэрт хаппырыыс. Оҕоруотчуттар аһа бөдөҥүн, көрүҥнээҕин иһин ордороллор. Дьэдьэн (земляника) отоно өлгөмүнэн, минньигэһинэн уонна хаппырыыһа суоҕунан ордук, аһын кээмэйэ бытархайдыҥы.

Мантан салгыы Саха сиригэр оҕуруотчуттарга тарҕаммыт суортары ырытан көрүөҕүҥ.

Суортар

Лизонька F1 – элбэх, өлгөм үүнүүлээх, бэрт түргэнник ситэр (суперспелый), аһын өргө диэри биэрэр, аһа ууламмат, ыарыыларга бэриммэт, ардахтаах да кэмҥэ аһын биэрэр, 30-40 г буолар, биир уктан 2,5 киилэни ылыахха сөп.

Московскай деликатес – аһа өлгөм, бөдөҥ, эрдэ ситэр (раннеспелый), курааны, Саха сирин хаһыҥнарын тулуйумтуо, ыарыыларга олус бэриммэт, аһа 50 г, биир сезоҥҥа ортотунан 800 г отону ылыахха сөп, бастакы хомуурун бэс ыйыгар биэрэр.

Барон солемахер, Александрина, Али Баба, Рюгер, Сашенька бөдөҥ астаахтар, өлгөм үүнүүнү биэрэллэр, Саха сиригэр кыстыыр кыахтаахтар. Бу көрүҥнэр бары сиэмэнэн олордуллаллар.

Дьэдьэнинэн дьарыктанар Нам олохтооҕо Сергей Кривошапкин дьэдьэни, клубниканы арассааданан олордор. Арассааданан диэн бытыгынан уонна силиһинэн үүннэрии буолар. Билигин “фриго” диэн ааттыыллар.

Биирдэ эрэ сибэккилииллэртэн Антеа, Вима Занта, Хоней, Дели диэн суортар бааллар. Онтон сайын устата хаста даҕаны астанар суортартан Альбион, Сан Андреас, Капри, Мурано элбэх астаахтар, аһаҕас халлаан анныгар кыстыыллар, саас эрдэ тыллаллар, от ыйын бүтүүтэ астарын кутан бараллар. Бу Сергей Кривошапкин туттар суортара.

Сиэмэни тылыннарыы сүрүн ньымалара

Сиэмэни тымныыга тутуу (стратификация) үс ньымата баар. Бастакытынан, сиэмэни эрдэ ылан баран холодильник иһигэр (+ 4-5° C) үс хас ый сытыарыллар. Онтон ороон ылан баран буорга олордуллар. Дьэдьэни сиэмэнэн олордуу бытаан, отонун эрдэ хомуйуоххутун баҕардаххытына сэтинньиттэн олордор ордук. Кэлин тохсунньуга олордор буоллулар.

Иккиһинэн, түргэнник тымныыга тутан ылыы. Сиэмэни биир күн морозильникка (- 25-30° C) хоннорон ылан баран олордуу.

Үсүһүнэн, сиэмэни холодильникка укпатах буоллаххытына, хаары туһаныаххытын сөп. Бэйэ оҥоһуу булкаас эбэтэр маҕаһыыҥҥа атыыланар пресстэммит торфяной “Крепыш” буоргутугар ууну кутан үлүннэрэҕит. “Крепыш” торфяной таблетка курдук үллэн тахсар. Маны көннөрү буору кытта булкуйар ирдэнэр (тэҥ састааптаах эбэтэр чиэппэринэн). Клубниканы да, дьэдьэни даҕаны маҥнай бүрүөһүннээх кыра контейнердарга олордор табыгастаах, тоҕо диэтэххэ сиэмэлэрэ аһара бытархайдар. Быгарыгар микроклиматы ирдиир. Сөбүгэр көрөн аһыллар-сабыллар. Буору 10-ча сантиметр халыҥнаах гына кутабыт, олус илиппэккэ, сииктээх эрэ буоларын курдук уу кутуллар. Үрдүгэр таһырдьаттан киллэриллибит хаары 3-5 см. халыҥнаах гына тэлгэтэбит, сиэмэбитин таммалатабыт, хаар сыыйа ууллар, сиэмэ буорга аллараа түһэр. Буорунан сабыллыбат. Эбэтэр буор үрдүгэр сиэмэни ыһан баран хаарынан бүрүйэбит. Кэмиттэн-кэмигэр арыйан салгылатабыт.

Буору бэлэмнээһин

Ханнык баҕарар буорга араас микроорганизмнар бааллар. Олору утары үүнээйибит ыалдьыбатын туһугар фитоспорины туһанабыт, 1 остолуобай ньуосканы 2 ыстакаан ууга суурайан баран биир чаас туруорабыт. Ол кэннэ буорбутун ыстарабыт.

Маҕаһыыҥҥа бэлэм буордар атыыланаллар. Дьэдьэннэргэ уонна сибэккилэргэ Терра-Вита буор ордук барсар. Дьон бэйэтэ буору бэлэмниэн эмиэ сөп. Ол курдук, 10 киилэ биэдэрэлээх сир кырыһын эбэтэр оҕуруот буорун ылыллар. Манна уон лиитирэлээх биэдэрэнэн туорпа эбэтэр ноһуом киирэр, эбии өрүс кумаҕын эбэтэр мас (тиит, хатыҥ) көөбүлүн кутуллар. Көөбүлэ уонна кумаҕа — биэдэрэ чиэппэринэн. Ол кэнниттэн уоҕурдуу кутуллар (1 ост. ньуоска суперфосфат, 1 ыстакаан мас күлэ). Барытын тэҥҥэ булкуйуллар.

Эбии уоту тыктарыы

Клубника, дьэдьэн – итии дойду үүнээйилэрэ, күнү сөбүлүүллэр. Ахсынньыга, тохсунньуга Саха сиригэр күн сырдыга тиийбэт. Ол иһин хайаан даҕаны эбии уоту тыктарар ирдэнэр (светодиоднай эбэтэр люминесцентнай). Киэһэ хойут араарыллар уонна сарсыарда эрдэ холбонуллар.

Ууну кутуу

Дьэдьэн, клубника сииги сөбүлүүллэр. Онон 30 см дириҥҥэ диэри сииктээх буолуохтаах. Ол эрээри, олус үлүһүйбэт ордук, сытыйан хаалыан сөп. Уутун халыппакка үрдүнэн ибирдээн кутар ирдэнэр. Тымныы ууну кутуллубат, уу сылааһа дьиэ температуратынан буолуохтаах.

Олордуу кистэлэҥэ

Сорох дьон бэйэлэрэ олордороллорун ордороллор. Клубника хаппырыыс, көрүүнү-истиини эрэйэр эбит буоллаҕына, дьэдьэни көрүү син судургу, түргэнник үүнэр. Бэлэм арассааданы атыылаһарга араас үөн-көйүүр кэлсиэн сөп, ол курдук саамай тарҕаммыт тля буулаатаҕына эмтиир уустук. Ону таһынан, дьэдьэн ыарыыларын аҕалыахпытын сөп.

Оттон бэйэ олордорго ыарыы уонна үөн-көйүүр улаханнык буулаабат эрээри, алта ый устата көрөр-истэр, бүөбэйдиир наада. Сиэмэни ыһан баран 22-25 кыраадыс сылааска тутуохха наада.

Арассаада сүүс бырыһыан тахсыбат. Онон өскөтүн уон устуука клубниканы олордорго сананнахпытына, өссө уон устууканы эбии олордор ордук.

Бэлэм арассадааны буорга силиһин букатын хамсаппакка, көнөтүк, силиһэ төһө дириҥник олоро сылдьарынан оруобуна оччо дириҥнээх буору хаһан, көнөтүк тутан олордуллар. Уутун үс чаас иннинэ кутуллар. Клубника, дьэдьэн силистэрэ түргэнник олохсуйарын туһугар силиһин уонна буорун “корневин” регуляторынан ыстарыллар. Ол курдук, арассаадаҕа “Эпен” эбэтэр “Циркон” диэн препараттар туттуллар. Балар көһөрүү кэмигэр үүнээйи “стресстээбэтин”, түргэнник оннун булунарыгар туһаныллар. Олордон баран икки-үс хонук кэнниттэн биирдэ уу кутуллан барар.

Дьэдьэни, клубниканы быһаарыстыбыт. Аны тохсунньуга, олунньуга үүннэриллэр сибэккилэргэ киириэххэ.

Сибэккилэри үүннэрии

Эустома – Ирландия розата. Золушка, эхо, мермейд, лизиантус рассела, махровай, загадка, русалочка, уо.д.а. уопсайа, 60-ча суортаах. Быһыллар уонна кылгас уктаах диэҥҥэ арахсар. Саха сиригэр кылгас уктааҕын олордо сатыыллар. Бу суорт көрүүтүн кыайдахха, сааска диэри үүнүөн сөп. Иһиккэ эбэтэр кашпоҕа туспа олортоххо күһүн киллэриллэр.

Бу сибэкки олус бытаан, икки-үс нэдиэлэнэн эрэ быган тахсар, хаппырыыс. Эустоманы эмиэ клубника курдук олордуллар, ол эбэтэр хаар тэлгэтэн баран онно ыһыллар, сиэмэтин көмүллүбэт. Уутун кутарга угун таарыйбакка, төрдүн грушанан сиигитэн биэрэр олус табыгастаах. Үрдүнэн бүрүллэр.

Дельфиниуму ахсынньы-тохсунньу ыйдарга олордуллар, уһун сыллаах. Тохсунньу 20-тэн хойутаатахха, сибэккитэ кэмигэр баттаһа үүнүмүөн сөп. Сиэмэнэн ыһарга тохсунньу 20-тэн хойутатыллыбат. Биэс сылга диэри үүнүөн сөп. Сибэккилэрин өҥнөрө араас, үнүгэһин уһуна 90 сантиметртан 2 миэтэрэҕэ диэри тиийэр, суорда элбэх.

Аквилегияны олордорго сиэмэтин тоҥорон ылар (стратификация) булгуччу ирдэнэр. Министар, Руби порт, о.д.а. уопсайа 35 араас суортаах.

Турецкай гвоздиканы тохсунньуга олордуллар. Олус үчүгэйдик үүнэр эрээри, Саха сиригэр киэҥник тарҕамматах сибэкки.

Лобелияны кэминэн олунньу ыйга олордорго сүбэлииллэр гынан баран, сибэккитин хойуутук уонна эрдэ тылыннарыан баҕарар дьон тохсунньу 15 күнүттэн саҕалаан ыһыахтарын сөп. Кыра, бытархай сибэккилээх. Хрустальный дворец, кембридж, белая леди, сапфир, жемчужная нить, фонтан, уо.д.а. суортардаах. Сиэмэтин эмиэ тымныыга тута түһэн баран олордор табыгастаах. Сиэмэтэ бытархай буолан буорунан көмүллүбэт, үрдүгэр эрэ ыһыллар уонна бүрүйүллэр. Бу – биир сыллаах сибэкки.

Львиный зев эмиэ олунньуга олордуллар, уһун сыллаах. Суордуттан көрөн үрдүгэ араас буолар. Уһуннук сибэккилиир, ол иһин тохсунньу 20-тэн саҕалаан, олунньу 25 күнүгэр диэри олордорго сүбэлиибин. Арассааданан олордууга хаппырыыс.

Петунияны олунньуга эмиэ сиэмэтин тымныыга тутан (стратификациялаан) ыһар ордук, бытааннык үүнэр. Суорда олус элбэх. Кэлин хаһаайкалар махровайы биһирээн үүннэрэллэр. Петуния сиэмэнэн олордууга хаппырыыс, ол иһин араассадатынан ордороллор. Таһырдьа олортоххо салгын хамсааһынын, курааны тулуйумтуо, өлгөм сибэккилээх.

Дьиэ иһинээҕи сибэккилэр

Дьиэтээҕи сибэккилэртэн тохсунньуга сиэмэнэн пеларгонияны (герань) олордуохха сөп. Түргэнник үүнэр, түөрт-биэс хонугунан номуо буортан быгар. Улахан хаппырыыһа суох. Пеларгония суорда олус элбэх.

Бу сибэкки хойуутук үүнэрин, ыраахтан көстүүлээҕин иһин кэлин ландшафтнай дизайҥҥа, таһырдьа киэргэл быһыытынан хото туһанан эрэллэр. Күһүн иһитин кытта дьиэҕэ киллэриллэр, сайын таһаарыллар. Ол иһин улахан кашпоҕа олордор табыгастаах.

Колеус чаҕылхай, сырдык, кыһыл, харааран көстөр кыһыллыҥы, от күөх, араҕастыҥы көрүҥнэрэ бааллар. Колеус сэбирдэҕэ улахан буолан эмиэ ландшафтнай киэргэтиигэ үгүстүк олордуллар. Онон кэлин элбэх киһи үүннэрэр.

Портулагы олунньуга ыһарга сүбэлииллэр эрээри, эрдэ сибэккилиирин туһугар тохсунньу ортотуттан саҕалаан олордуохха сөп. Тэтэркэй, араҕас дьүһүннэрдээх. Таһырдьа олордорго эмиэ барсар.

Глоксинияны тохсунньу-олунньу ыйдарга, эмиэ буор үрдүнэн ыһыллар. Контейнерга олордон баран булгуччу үрдүнэн сабыллар. Баархаттыҥы сибэкки, сэбирдэҕэ сырдык күөх. Сибэккитэ кыһыл, фиолетовай, тэтэркэй уонна маҥан өҥнөрдөөх.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: М.П. Лукина архыыбыттан, fbc.ua/ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0