Сороҕор эргэ бэргэһэни, эбэтэр саҕынньаҕы туһаҕа таһаарар кэм кэлэр. Муодаттан тахсыбыт, эбэтэр кыратык элэйбит таҥаһы быраҕарга киһи илиитэ барбат. Онон иккис тыын биэрэн, уларытан, саҥардан тигиэххэ сөп. Тириини кырааскалаатахха, букатын да атын көстүүлээх буолар. Холобур, андаатар тириитин үчүгэйдик кырааскалаатахха, киһи туох тириитэ буоларын дэбигис таайбат. edersaas.ru
Сырдык өҥнөөх, эбэтэр араас өҥнөөх, эргэ тириини саҥардыаххытын баҕардаххытына, анал тирии кырааскатынан дьүһүнүн тэҥнээн биэриэххэ сөп. Билигин кыраасканы (анилиновая краска для меха и кожи) ырыынактарга, эбэтэр чааһынай дьон атыылыыр.
Кырааскалааһын:
- Бастаан тириини ыраас ууга инчэтэбит. Ол тирии быыһыттан салгын тахсарыгар наада. Оччоҕо тирии кырааскаланнаҕына, эриэн-быраан буолбат.
- Алта устуука гидропериты (аптекаҕа атыыланар) үлтүрүтэбит. 3 кииһи кырааскалыырга 5 лиитирэ 50-60 кыраадыстаах сылаас ууга 1 паачыка кугас, 1 паачыка хара анал кыраасканы суурайабыт.
- Ол ууга тириибитин 2 чаас устата сытыарабыт, кыраасканы биир тэҥник ыларын курдук сотору-сотору булкуйан биэрэбит.
- Элбэх ууга сайҕыыбыт. Сайҕыыр уубутугар аҕыйах хааппыла уксуус таммалатабыт. Оччоҕо тирии түүтэ кылабачыйар.
- Кууруор диэри сотторунан сото-сото имитэбит.
- Түүтүн сахсатаары анал тарааҕынан үчүгэйдик тарыыбыт.
Эргэ саҕынньах түүтүн хайдах ыраастыахха?
Түүлээх киртийбитин билэргэ, баттах куурдар фены туһаныҥ. Түүтүн итии салгынынан үрдэрдэххэ, бэйэ-бэйэтигэр сыстаҥнаабакка, халтарыйар, көп буолар буоллаҕына, түү ыраас эбит. Оттон сыата-арыыта ньалҕарыйбыт, түүтэ сыстыһа сылдьар курдук буоллаҕына, ол аата киртийбит. Анал ыраастыыр сириэстибэлэри, эбэтэр дьиэҕэ баар убаҕастары, тууһу-суоданы, уксууһу туһаныахха сөп.
1 ньыма: тас өттүттэн, субатын инчэппэккэ эрэ, саҕынньах түүтүн “Фейри”, “Лоск” диэн сууйар убаҕастары ууга суурайан баран, микрофибра тирээпкэни илитэн ылан, төттөрү-таары сууралаан сотобут. Оччоҕо кирэ, сыата ыраастанар, көстүүтэ тупсар. Куурбутун кэннэ түүнү тарыыр анал тарааҕынан үчүгэйдик тарыыбыт, оччоҕо иһинээҕи көп түүтэ сахсайан кэлэр, кылабачыйар. Бу курдук кэтэ сылдьар саҕынньаххытын ыраастыаххытын сөп.
2 ньыма: бу суурадаһын кири, сыаны үчүгэйдик ыраастыыр.
- 1 лиитирэ ыраас уу,
- 2 ч. нь. туус,
- 2 ч.нь. суода,
- 1 ч.нь. аммиак,
- 1 ч.нь. иһит сууйар убаҕас.
Бу суурадаһыҥҥа уган губканан, эбэтэр суокканан түүнү ыраастыыбыт. Тирии субатын инчэппэккэ, сэрэнэн сотобут. Бу курдук кэтэ сылдьар түүлээх таҥаскытын ыраастааҥ. Итии батарыайаттан ыраах тутан, үчүгэйдик сахсыйан, тараан куурдабыт.
Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, Т.И. Александрова “Түүлээххэ сууланан” кинигэтиттэн, Интэриниэттэн туһанылынна.