Сүбэһит: Тэпилииссэни эмтээҥ

Ааптар: 
25.09.2021
Бөлөххө киир:

Баччаларга, аһын барытын хомуйбут кэнниттэн, тэпилииссэни сернай шашканы уматан ыраастыыр үчүгэй.

 

Ити эрээри бу дьаһал мас тэпилииссэҕэ эрэ туһалаах, тимир каркастаах тэпилииссэҕэ барсыбат. Билигин киэҥник тарҕаммыт поликарбонат тэпилииссэни араас тэллэй ыарыыларыттан эмтиир буоллахха, ип-итии ууга марганцовканы хойуу гына суурайан баран, үрдүлэри-аннылары ыстарар итиэннэ ол кэнниттэн биир суукка устата аанын ыга сабан туруорар ордук. Кылаабынайа, туох да химията суох, экология өттүнэн ыраас эмп! Оттон күһүн туох эмит биричиинэнэн тэпилииссэни марганкалаах уунан кыайан ыстарбакка хааллахха, саас хайаан да эмтиир наада.

Сайыны быһа сииктээх турбут буолан, поликарбонат тэпилииссэ тимирэ дьэбиҥҥэ ылларар кутталлаах. Ону анал сууйар сириэстибэнэн сууйан баран, кырааскалыыр ордук. Кыһын үрдүн хаарын сэрэнэн ыраастыы сылдьыллар, сэрэххэ каркаһын эбии тирээбил мастарынан бөҕөргөтөн биэриэххэ сөп.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0