Онуоха туох да улахан түбүк-садьык, ороскуот эрэйиллибэт, барыта таһырдьа салгын сии таарыйа оҥоһуллар. Саас баччаларга тэпилииссэҕэ хаар кутар наада. Ол туһунан биһиги сүбэһиппит, Ньурба олохтооҕо Агафья Тарасова маннык этэр:
— Халлааммыт сылыйан, күммүт уһаан, тэпилииссэ иһэ ирэн эрэр. Дьэ маннык кэмҥэ, тэпилииссэ буорун үрдүгэр чараас гына хаар кутар наада. Ол хаар түргэнник ирэн, буор сииги иҥэринэр. Ону кыраабылынан эбэтэр кыра күрдьэҕинэн сахсатан биэриллэр. Наада дии санаатахха, куурбутун кэнниттэн хаары иккистээн кутуллар.
Ити эрээри хаары наһаа элбэҕи кутар сатаммат. Тоҕо диэтэххэ, тэпилииссэ буорун үрдэ эрэ ирбит, аллараа өттө тоҥ сытар кэмигэр өрөһөлүү кутуллубут хаар ууллан, били, тоҥ буорбутун кытта ирэн, буорбут төрүт ибис-инчэҕэй буолар, кууран быстыбат, салгыннаабат, аһыйар. Оннук буорга олордуллубут арассаада үчүгэйдик үүммэт. Буорун үрүт өттө көҕөрө-көҕөрө, от күөх хахтанар, араас сыыс от үүнэр. Ону көннөрөр уустук. Дьэ, ити иһин, тэпилииссэ буора аһыйбатын наадатыгар, хаары кыра кыралаан киллэрэн, куурда-куурда кутар ордук туһалаах.