Самаан сайын салаллан кэлэн, Үрүҥ Тунах ыһыахтар саҕаланнылар. Саха киһитэ Ыһыаҕы көрсөр сиэринэн, аһылыгын эрдэттэн бэлэмниир, түһүлгэтигэр кэлбит ыалдьыттарын үөрэ-көтө күндүлүүр.
Аныгы хаһаайкалар Ыһыахха саха төрүт аһын бэлэмнииллэрин сөбүлүүллэр.
Судургу, ол гынан баран, өҥүрүк куйааска сүрэҕи-быары сөрүүкэтэр утахтар, бүлүүдэлэр ырысыаптарын санатыһыаҕыҥ.
Быырпах
1 ньыма:
Суорат (кэпиир) – 100 г
Аһыы сүөгэй – 100 г
Уу – 890 мл
Саахар – 20 г.
Оргуйбут тымныы ууга сүөгэйи, суораты, саахары кутабыт. Кыра хабахтар тахсыахтарыгар диэри ытыгынан ытыйабыт.
Кытаанахтык хаппахтыыбыт уонна 8-10 чаас устата сылаас сиргэ туруорабыт.
Сөп буолла дии санаатахпытына, тымныы сиргэ уурабыт.
Иһиэхпит иннинэ ытыгынан булкуйабыт уонна чорооннорго эбэтэр ыстакааннарга кутабыт.
2 ньыма:
Хойдубут (сгущеннай) үүт –
60 г
Суорат – 100 г
Уу – 890 мл
Оргуйбут тымныы ууга хойдубут үүтү уонна суораты (кэпиири) көөнньөрүүгэ эбэбит.
Ытыгынан үчүгэйдик булкуйабыт, кытаанахтык хаппахтаан баран 8-10 чаас туруора түһэбит.
Кыра хабахтар таҕыстахтарына үчүгэйдик булкуйан биэрэбит уонна сабан баран өссө 2-3 чааска хаалларабыт.
Ол кэнниттэн сиидэнэн эбэтэр маарыланан сиидэлиибит.
Амтаныттан көрөн холбуйуу сүөгэйи эбэбит уонна чорооннорго, ыстакааннарга кутабыт.
«Сандалы» бэрэски
Көстүрүлүүҕэ сүөгэй, уу, сымыыт, суода, туус кутабыт уонна үчүгэйдик булкуйабыт.
Сиксиллибит бурдугу кутан тиэстэбитин оҥоробут уонна 15 мүнүүтэҕэ туруорабыт.
Бу кэмҥэ фаршпытын оҥоробут: убаһа этин, хаһаны кыра гына кырбастыыбыт, луугу быһабыт уонна сойбут ирииһи кытта булкуйабыт, туустуубут, биэрэстиибит, булкуйабыт.
Тиэстэбит тэҥ шариктарга үллэрэбит уонна фаршпытын ууран баран уһуктарын холбуубут.
Итии кулинарнай арыыга буһарабыт.
Ыалдьыттарга эт бульонун кытта биэрдэххэ, аспыт өссө минньийиэ.
Көбүөрдээх лэппиэскэ
Аһыйбыт үүккэ бурдук, туус кутан тиэстэбитин мэһийэбит. Остуолга кутан, биир илии халыҥнаах гына хаптатабыт, үүтүнэн эбэтэр сүөгэйинэн ньалҕаарыччы сотобут. Биилкэнэн тэһэ анньан ойуулуубут уонна итии духуопкаҕа буһарабыт. Сойбут лэппиэскэни кыра гына кырбыыбыт уонна көбүөр кутан булкуйабыт.
Саламаат
Бастаан 1 киилэ арыыны уулларан оргутабыт. Ол арыыга 200 г бурдугу сырдык саһархай өҥнөнүөр диэри булкуйа-булкуйа кэриэрдэ буһарабыт. Итинник оргуйа турар кэмигэр 800 г оргуйбут туустаах ууну кутабыт уонна хаахтыйбатын курдук үчүгэйдик булкуйабыт. Онтон иккиһин тууһа суох ууну кутабыт, мас хамыйаҕынан сэрэнэн уһаты-туора булкуйабыт. Арыыта тахсар. Хойуу буоллаҕына, кыратык уу эбэн баран уотун мөлтөтөбүт уонна сэрэнэн үчүгэйдик булкуйабыт. Арыыта саламаат үрдүгэр халыйан таҕыстаҕына, буһарыыны тохтотобут.
Балыктан кэтилиэт
Балыгы уҥуоҕуттан ыраастыыбыт уонна мясорубкаҕа эрийэбит.
Хаппыт маҥан килиэби үүккэ илитэбит.
Балык фаршын килиэби, сымыыты, луугу, тууһу, биэрэһи кытары булкуйабыт уонна блендергэ ытыйабыт.
Бу маассаттан кэтилиэт оҥоробут, бурдукка эбэтэр хатарыллыбыт килиэпкэ булкуйан ылабыт, мас арыытыгар араҕастыҥы көрүҥнэниэр диэри буһарабыт.
Гарнирыгар буспут хортуоска эбэтэр ириис ууруохха сөп.
«Сандалы» рулет
Уҥуоҕа суох 40 г убаһа этин тэнитэ анал өтүйэнэн илдьи сынньабыт. 2 сымыыты алдьатан, булкуйан баран арыылаах хобордооххо ыһаарылыыбыт. Ол кэнниттэн ону эт үрдүгэр тэнитэ уурабыт. Буспут моркуобу түөркэлээн сымыыт үрдүгэр дьапталҕанан ууран баран, кырбаммыт укуруобу, петрушканы, күөх луугу эбиэххэ сөп. Амтана тубустун диэн уҥуоҕа суох оливканы кырбаан уурабыт. Онтон үрдүгэр түөркэлэммит сыыры, чесногу, тууһу, биэрэһи кутабыт. Эти рулет курдук эрийэн баран, аһылыкка туттуллар пленканан бүрүйэн шпагатынан баайабыт. Онтон миискэҕэ оргуйа турар ууга 15-18 мүнүүтэ устатыгар уган буһарабыт. Биилкэнэн астахха, үрүҥ сүмэһин тахсар буоллаҕына, бэлэм буолбут. Рулеты тугунан эмэ баттатан тымныы сиргэ туруоран сойутабыт.
Сахалыы мармалаат
Тоҥ сылгы быарын чараас гына быһабыт. Ол үрдүнэн эмиэ чараастык быһыллыбыт сылгы хаһатын уурабыт. Тууһуубут, биэрэстиибит, тумалыыбыт уонна рулет курдук эрийэн кэбиһэбит. Кыра гына оҥорбут буоллахпытына, үтэһэ маһынан туттаран, арыый обургуну эрийэ тутан баран, салапааҥҥа суулуубут. Тоҥорон баран сиибит. Быстахпытына, мармалаат курдук эриэн дьүһүннээх буолар.
«Фантазия» салаат
Буспут убаһа этин, эриэппэ луугу, сибиэһэй оҕурсуну, болгарскай биэрэһи солуомкалыы быһабыт. Туус, биэрэс, үүнээйи арыытын кутабыт, булкуйабыт.
edersaas.ru