СҮБЭҺИТ: Түүлээх былааты (снуд) тигэбит

23.01.2018
Бөлөххө киир:

Билиҥҥи кэмҥэ снуд былааты ордук кыргыттар, эдэр дьахталлар сөбүлээн кэтэллэр. Маҕаһыыҥҥа тос курдук сыаналаах буолар. Оттон маннык былааты бэйэҕит да оҥостуоххутун сөп, тигэргэ уустуга суох. Мантан саас хал буолбут бэргэһэ оннугар тиктэн кэтиҥ, сааскылыы сандаарыҥ!

edersaas.ru

Матырыйаала: нуорка – 62-64 см. уһуннаах, 10 см. кэтиттээх тирии, атылаас (ойуулаах трикотаж) – 1,5 м., флис – 30 см., салыбырас бахрома – 3 м., күрүчүөк – 1 уст.

Бу ойууга көстөрүн курдук үс муннуктуу, оттон биэтэһин төгүрүктүү кырыйабыт. Былаат икки хос буолар, ис өттүгэр флис тигэбит. Тириини быһан баран, кытыытыгар хоһуой биэйкэ (косая бейка) тигэбит уонна былаакка илиинэн тигэн холбуубут. Онтон биэтэһин кытта (флис) холбоон баран, кытыытынан бахроманы уонна сыҥааҕар күрүчүөгү тигэбит.

Бэлэм былааты ылан тигиэххитин эмиэ сөп. Бу түгэҥҥэ бахрома тигэ сатаабакка, флиһы төгүрүччү тигэн истээн, түүтүн эрэ тигэн биэрэҕит. Түүтүгэр эргэ бэргэһэни көтүрэн туһаныахха сөп. Ону тэҥэ нуорка курдук көрүҥнээх, хаачыстыбалаах эрээри, искусственнай түүнэн эмиэ тигиэххэ сөп. Тириини ис өттүгэр биэтэстиибит.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева.

Т.И. Александрова “Түүлээххэ сууланан” кинигэтиттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0