Сүбэһит: сылайыыны утары

13.11.2021
Бөлөххө киир:

В.А. Кондаков аатынан Норуот эмчиттэрин академиятын бочуоттаах чилиэнэ, үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, иннэһитэ, терапевт-быраас, доруобуйа харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр” кинигэтиттэн салгыы бэчээттиибит.

Аан дойдуга тыынар тыыннаах барыта сылайар айылҕалаах. Сылайан киһи эстибит курдук сыаналанар. Олус күүстээх сылайыы былчыҥы эрэ буолбакка, киһи туох баар уорганнарын сылатар. Сылайыы өр кэмҥэ барар буоллаҕына, киһини сүһүрдэр, ол да иһин буолуо, күүстээх үлэ кэнниттэн кыраадыстара үрдүүр, көлөһүн тахсар буолаллар.

Эмоция сылайыыта эмиэ баар буолар. Күнтэн күн уларыйбат биир үлэ, күн аайы сэмэни-суҥханы истии, мөҕүллүү – бу барыта мунньуллан, үчүгэйгэ аҕалбат. Маннык киһи көлөһүннүрэр, сүрэҕэ түргэнник тэбэр, тыынара уларыйар, быһатын эттэххэ, уйулҕата хамсыыр. Маннык дьону кэмигэр таба көрөн эмтээн, сынньатан, үтүө тылы этэн бөҕөргөтөр хайаан да наадалаах.

Сылайыы ыарыы киирэригэр, олохсуйарыгар олус табыгастаах усулуобуйаны оҥорор, ол иһин эмчиттэр оту-маһы иһэргэ сүбэлииллэр. Уһун кыһыннаах Саха сирин олохтоохторо “Д” битэмиин тиийбэтиттэн олус сылайымтыалар: саха дьонун бэйэбит төрөөбүт Ийэ сирбит ото-маһа эмтиир. Холобур, сарсыарда уонна күнүс, дьон үлэтин үгэнигэр, киһини күүркэтэр оттору (адаптогены) туһаныахтаах. Онтон киэһэ киһини сымнатар, налытар оттору туһанар үчүгэй.

Киһи туонуһун көтөҕөр отторго киирсэллэр:

1. Заманиха аптекаҕа баар, буоккаҕа настойкаламмыт буолар. 15-20 таммаҕы сарсыарда, күнүс, ый устата иһиллэр.

2. Көмүс силис (золотой корень) экстракт оҥостон, 1/2 ч.нь. сарсыарда уонна күнүс иһиллэр.

3. Элеутерококк экстрага – 1/4 ч.нь., эбэтэр 1/2 ч.нь. сарысарда, күнүс, ый устата иһиллэр.

Левзей, аралия, женьшень оттору эмиэ эбиэт иннигэр биир ый иһиллэр.

Налытар, сымнатар эмтэри киэһэлик уонна утуйуох иннинэ иһэн сынньаныллар, утуйуллар. Кинилэргэ киирсэллэр: валериана, пустырник, клопогон даурский, шлемник байкальский. Бары аптекаҕа атыыланаллар, инструкциятын тутуһан иһиллэр. Биир ыйы быһа истэххэ биирдэ көмөлөөх буолар.

Сылайан күүс-сэниэ быһыннаҕына, киһини туонустуур, күүркэтэр оттору иһэр ордук. Хаан баттааһына үрдүк дьоҥҥо маннык эмтэри иһэр сэрэхтээх.

Долохоно (боярышник) отонун + хаарыйар оту (крапива) + дөлүһүөн отонун + көмүс силиһи (золотой корень) барытыттан 1 ост.нь. ылан, оргуйа турар 500 гр. уунан кутан, 1 чаас тууйа хаппахтаан баран, сойутан, ыстакаан үс гыммыт бииринэн күҥҥэ 2-3-тэ иһиллэр.

Сымыыт уоһаҕын арааран ылан, лимон суогун эбэн, 1 ч.нь. мүөттээн, сарсыарда аайы сиэтэххэ, киһи сэниэлэнэр.

1 ост.нь. ынах арыытыгар + 1 ост.нь. мүөтү уонна 1 лмиону хахтары илдьирийиэр диэри эрийтэрэн, 1 ч.нь. күҥҥэ 4-5-тэ сии сырыттахха, сэниэ киирэр.

Хонуу боруутун (хвощ полевой) мээккэлээн, 1 ост.нь. 200 гр. оргуйа турар уунан кутан, 30-40 мүнүүтэ туруоран баран, ыстакаан аҥаарынан күҥҥэ 2-3-тэ истэххэ, эмиэ туһалааччы.

300 гр. ыраастаммыт грецкэй эриэхэ + 300 гр. курага + 300 гр. изюм + 2 лимон (илдьи эриллибит) + 300 гр. мүөтү булкуйан, 1-2 ч.нь. сии сырыттахха, сэниэни эбэр.

150 гр. дьаабылаканы түөркэлээн + 1/2 апельсин суогун эбэн + 10 грецкэй эриэхэни үлтүрүтэн, 1 ч.нь. мүөтү эбэн сиэтэххэ, сылайыы ааһар, өй үлэтэ сытыырхайар.

1 ост.нь. “геркулеһы” 2-3 чаас уу кутан туруоран баран, 1 лимон суогун эбиллэр, фрукталары түөркэлээн кутуллар + 1 ост.нь. сүөгэйдэнэр + 1 ост.нь. эриэхэни ньыһыллар, хаппыт сухофрукталары кырбаан, күҥҥэ 2-3-тэ сиэниллэр.

Бүтүн бурдук арааһын араскытын үүннэрэн сиир кырдьаҕас дьоҥҥо олус көмөлөөх. Күөх чэй киһи сылайбытын устар, араас канцерогеннары бэйэтигэр иҥэринэр, хаан баттааһынын сааһылыыр, тымыры бөҕөргөтөр. Үөскэ, бүөргэ, хабахха таас үөскүүрүн бобор.

Битэмииннээх чэйдэр

1 ост.нь. дөлүһүөн отонун + 1 ост.нь. уулаах отону + 3 ост.нь. хаарыйар оту сойутары үчүгэйдик ититэн баран, оттору, отоннору бииргэ кутуллар. Онтон 500 гр. оргуйа турар ууну эбиллэр, 10 мүнүүтэ сабанн, үллүйэн туруоруллар, ыстакаан аҥаарынан күҥҥэ 3-4-тэ иһиллэр.

Сиэнэр отоннору араастаан эбэн, чэй оҥостор туһалаах. Сиэнэр отоннор сэбирдэхтэрин сайын куурдан, таҥас мөһөөччүктэргэ хаһаанан туһанар табыгастаах.

Моонньоҕон сэбирдэҕин араас чэйдэргэ эбэн биэрэр киһи көстүбэт эйгэтин – кутун-сүрүн эмтиир. Чуолаан бүөрдэрэ ыалдьар дьоҥҥо анаан оҥорооччубун, аураларын бигэтик “абырахтыыр” буолара. Күһүн-саас дөлүһүөн отонун туһаныы ыарыыга туруулаһар күүһү эбэр.

Биэ эмиийэ (малина) сибэккитэ уонна сэбирдэҕэ көлөһүннүрдэр, кыраадыһы түһэрэр аналлаах.

Ромашка уонна мээтэ ото куртах-ис ыарыыларын эмтииллэр. Изюмнаах чэй оһоҕоско үчүгэй.

Туустаах үүттээх чэй иһи-үөһү ыраастыыр. Урут мин кырабар аҕам хобордооххо бурдугу хооруйан чэйбитигэр кутара, кыратык туустуура. Итии ууга булкуллан, куртахха бэйэтэ хойдон, хааһы буолан тахсара, олус тотоойу буолан, аччыктаппат этэ.

Кырдьаҕас дьон олорор сирдэригэр үүнэр мастартан чэй оҥостон иһэллэрэ үчүгэй. Холобур, саас бэс мас саҥа тахсан эрэр үнүгэстэрин хомуйан барыанньалаан, эбэтэр хатаран туһаныахтарын сөп. Куурдан, хатаран хаһаанар эмиэ үчүгэй. Саҥа тахсан эрэ туораахтар сырдык күөх буолаллар, хатарар кэмҥэ пыльцалара ыһыллан хаалар, ону ыраас маҥан кумааҕыга хомуйан, туһанар ордук.

Тиит эргэ да туораахтара эмтээхтэр. Аҕалан испииргэ уган, хараҥа сиргэ турдаҕына, ханньаак курдук өҥнөнөр, ону таммаҕынан ууга кутан, тымыр-сүрэх ыарыыларыгар туттабын. Айылҕаҕа үүнэр от-мас барыта эмтээхтэр, ону кэмин көрөн туһанар саха киһитин ис култуурата буоллаҕа.

Утуйуу туһата

Бу саамай үчүгэй сынньаныы уонна Айылҕа анаан-минээн дьоҥҥо бэлэхтээбит эмэ буолар. Утуйар кэммитигэр өйбүт үлэлии сытар: күн устата ылбыт билиибит-көрүүбүт сааһыланан, наадалааҕа өй архыыбыгар киирэр, туһата суоҕа өйтөн сотуллан, симэлийэр.

Олохпут үс гыммыт биирин утуйан туоруубут. Утуйуу киһи доруобуйатыгар суолтата сүҥкэн. Үчүгэйдик утуйбат, эбэтэр олус хойут утуйар киһи организмын дьайыыта кэһиллэр, сылайыыта күүһүрэр, улам доруобуйатыгар улахан охсууну ылар. Үрдүк дабылыанньа, диабет, араас аутоиммуннай ыарыылар үөскүөхтэрин сөп.

Түүн организм ыраастанар, араас гормоннар үлэлииллэр. Холобур, мелатонин диэн утуйууну аҕалар гормон хараҥаҕа эрэ, түүн 12-2 чааска утуйа сыттахха, күүскэ оҥоһуллар. Бу кэми куоттардахха, киһи уута көтөр, үчүгэйдик сынньаммат. Мелатонин алдьаммыт килиэккэлэри чөлүгэр түһэрэр, онон ыарыылартан харыстыыр, эндокриннай систиэмэ үлэтин сааһылыыр, иммунитеты күүһүрдэр, кырдьары бытаардар, киһи үйэтин уһатар. Дьэ, хойут утуйар дьон маннык туһалаах гормонтан баҕа өттүлэринэн аккаастаналлар эбит. Ону тэҥэ, утуйуох иннинэ төлөпүөнү көрүү, табахтааһын, арыгыны, кофены иһии мелатонин оҥоһуллан тахсарын харгыстыыллар.

Айылҕа тэтимигэр сөп түбэһэн, киһи мэйиитэ “утуйар” уонна “уһуктар” буолар. Мэйии хаҕын алын араҥатыгар утуйууну уонна уһуктууну хонтуруоллуур кииннэр бааллар. Айылҕа хаамыытынан эрдэ утуйуу, эрдэ туруу саамай сөптөөх дьаһаныы буолар, бу доруобуйаҕа саамай туһалаах. Ыалдьыбыт киһи утуй да утуй буоллаҕына, кини утуйа сытан, эмтэнэр.

Ыарытыйар киһи элбэх түүлү түһээн утуйар, саҥарар-иҥэрэр. Кыһыл оҕо 7-8 чаас устата уһуктубакка утуйуон сөп, ол курдук, сууккаҕа 21 чаас утуйар. Улаатан истэҕин аайы, утуйар чааһа кылгыыр. Оскуола оҕото 10-11 чаас утуйуохтаах. 50 сааһын диэки киһи уута кылгыыр, онтон сааһа эбилиннэҕин аайы утуйара эмиэ элбиир.

Илии үлэтинэн дьарыктаммат дьон сылайбаттар, ол иһин былчыҥнара сынньалаҥҥа наадыйбатын суотугар, утуйан быстыбаттар. Киэһэ утуйуох иннинэ киһи уйулҕатын хамсатар кэпсэтии-ипсэтии, сонун-нуомас суох буолуохтаах, оннооҕор өлөрсүүлээх киинэни көрүү утуйар ууну аймыыр. Киэһэ утуйуох иннинэ ыга аһыыр куртах, ис-үөс үлэтин күүркэтэр, ыараханнык утутар.

Куруутун биир кэмҥэ утуйуу, утуйуох иннинэ ааҕыы үчүгэй дьайыылаах. Ол эрээри хараҥаҕа төлөпүөн уота мэйиини аралдьытар, онон уу көтөн хаалыан сөп. Утуйар хоһу салгылатар наада. Кыайан утуйан быстыбаттар ахсаан ааҕаллара, уоскуйаллара наада.

Атаҕы сөрүүкэтэр эмиэ көмөлөөх: чараас наскыны ууга уган ылан, ыган баран, кэтэн кэбис, ол үрдүнэн халыҥ түү наскыны кэт, сотору буолаат, атаҕыҥ сылыйан, бэйэҥ налыйан, утуйан барыаҕыҥ.

 Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ria.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0