Сүбэһит: Сибиэһэй оҕуруот аһа бэйэтэ эмтиэкэ

Ааптар: 
02.10.2018
Бөлөххө киир:

Кэлэн иһэр кэлэн иһэрэ өтөн, халлааммыт тымныйар, хотуттан хаҕыс тыал үрэн сирилэтэр. Ону учуоттаабакка чараастык таҥнаммыт, тымныйан ыалдьабыт, тыалга үрдэрэн сөтөллөн хахсыйабыт. Билигин, оҕуруот аһа саамай сибиэһэй кэмигэр иҥэмтэлээх эттигэ элбэх буолан, доруобуйаны чэбдигирдиигэ олус көмөлөөх: 

Тымныйдахха, чочунаах алта-сэттэ өлүүтүн (долькатын) теркаҕа аалан, биир ыстакаан үүккэ оргутан күҥҥэ хаста да иһэ сылдьыллар. Тумуулаатахха, сүбүөкүлэ симэһинин муннуга икки-үс хааппыланан кутуллар. 0,5 лиитирэ истээх бытыылкаҕа 300 грамм чочунааҕы, үрдүн сабар гына испиири кутан, үс нэдиэлэ устата көөнньөрүллэр. Итиэннэ сүүрбэлии хааппыланы ыстакаан аҥаара үүккэ кутан иһиллэр. Бу састаап киһи доруобуйатын бөҕөргөтөргө, умнуган буолууну утары туһалыыр. Хахтары буспут хортуоппуй уутун иһэ сырыттахха, сүһүөх ыарыыта мүлүрүйэр, тостубут уҥуох силимнэһиитэ түргэтиир. Петрушканы аска мэлдьи тутта сырыттахха, тиис маҥхайар. Моркуоп сүмэтин сарсыарда аччык искэ истэххэ, хойуу хаайтарыыта төлөрүйэр. Сүбүөкүлэни хааһы курдук оҥорон баран ириҥэрбит бааска сыбаатахха, түргэнник оһор. Уулаах отон симэһинин тэҥ өлүүнэн мүөттээн истэххэ, сил хоҥнор.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0