Сүбэһит: «Сааскы киһи салбаммытынан»

22.04.2021
Бөлөххө киир:

Өбүгэлэрбит мээнэҕэ маннык эппэтэхтэрэ. Уһун, тымныы кыһын кэнниттэн, киһи этэ-сиинэ мөлтүүр, кэбириир. Тоҕо диэтэр, күн уотуттан үөскүүр Д уонна А, В, С битэмииннэр тиийбэккэ, киһиэхэ авитаминоз диэн үөскүүр. Онтон сылтаан киһи мөлтүүр, сэниэтэ суох буолар, утуйара элбиир, араас ыарыылара көбөллөр. Битэмиин тиийбэтиттэн баттах түһэр, тыҥырах алдьанар, тирии хатар, кыһыйар, миилэ хааннырар, харах көрөрө мөлтүүр.

 

Саас, бастатан туран, аһыыр аспытын көрүнүөхтээхпит. Туһата кыра астары (мокоруон, килиэп, рис, саахар, бурдук ас) мотуйар оннугар, куруппалары, балыгы, көтөр этин, оҕуруот аһын, фруктаны, эриэхэлэри, сиэмэлэри, аһыйбыт үрүҥ аһы элбэхтик сиэниллиэхтээх. Аны туран, баччаларга оҕуруот аһын туһата бэрт кыра – өр хараллан, битэмииннэрин үксүн сүтэрбит буолар. Оттон тута тоҥоруллубут оҕуруот аһа битэмииннэрин илдьэ сылдьар. Ууга буһарардааҕар, паарга, духуопкаҕа буһарар ордук.

Күһүн оҥорон хаһааммыт кэнсиэрбэлэр, бааҥкалар, дьэ, саас ордук туһалыыллар. Араас отонтон барыанньа оҥорор буоллахха, буһарбакка эрэ, эрийтэрэн, саахары кытары булкуйан баран, тута тоҥорон кэбиһиҥ. Оччоҕо туох баар туһалаах битэмииннэрин илдьэ сылдьар.

Сахалар аһыыр үгэстэрэ

Өбүгэлэрбит дьыл кэминэн, туох ас баарынан аһаан-сиэн олордохторо. Кыһын сүрүннээн идэһэ, булт этинэн аһыыллар. Сааскы, сайыҥҥы кэмҥэ үрүҥ аска көһөллөр. Маны эт ирэн, хаһаас чарааһыырынан, сайын үүт элбииринэн быһаарыахха сөп. Ол эрээри, буоларын курдук, төрүт үгэс түгэх, дириҥ суолталаах.

Сахалар сааскы, сайыҥҥы кэмҥэ үрүҥ аска көһөн, кыһын устата сыалаах, ыарахан астан мунньуллубут холестеринтан, шлактан истэрин-үөстэрин ыраастаналлар эбит. Онон бу доруобай буоларга, ыарахан үлэни кыайарга туһуламмыт, тыһыынчанан сылларга тургутууну ааспыт үгэс буолар.

Дьэ, сааскы ыйдарга хаһаас эт бүтэн барар. Куйуурдаан, балык сиэн эбинэллэр. Куобахха туһахтыыллар. Саас, сайын сииргэ анаан сылгы иһин хаһааналлар, бу сыһык диэн ааттанара. Сүөһү, сылгы иһэ олус туһалааҕын аанньа, чэпчэкитик иҥэр буолан, сааскы кэмҥэ ордук табыгастаах. Бу кэмҥэ ынахтар төрөөн, үүт ас дэлэйэр. Уоһахтан, күөрчэхтэн саҕалаан, сүүмэххэ (сыырга) тиийэ үрүҥ ас арааһын оҥороллор, астына аһыыллар. Манна аһыйбыт (кисломолочнай) аска улахан болҕомто ууруллар.

Аһыйбыт үрүҥ ас туһата

Аһыйбыт үрүҥ ас киһи оһоҕоһун ыраастыыр, организмҥа иһиини (воспаление) тохтотор. Сүрэххэ-тымырга, уҥуохха, ньиэрбэҕэ наадалаах белоктаах уонна кальцийдаах. Кальцийа фосфордаах буолан, үүттээҕэр иҥэмтиэлээх. Лакто-, бифидобактыарыйалар үлэлээн оҥорбут астарын ферменнэммит бородуукталар диэн ааттыыллар. Туһалаах бактыарыйалар оһоҕоско, иммунитекка олус наадалаахтар. “Куһаҕан” бактыарыйалары, вирустары, “грибоктары” утары охсуһан, организмы ыраастыыллар. Аһыйбыт үрүҥ аска, кымыска В, E, D, A битэмииннэр, кальций, магний, фосфор, аминокислоталар хаалаллар.

Оһоҕоско туһалаах бактыарыйалар элбэх буоллахтарына, аһы үчүгэйдик буһараллар, организм битэмииннэри иҥэринэр, иммунитет күүһүрэр. Оттон аһыйбыт (квашенай), көөнньүбүт, ферменнэммит астар бу бактыарыйалар элбииллэригэр көмөлөөхтөр, мунньуллубут токсиннары, бэл, ыарахан металлары ыраастаан таһаараллар. К битэмииннэрэ элбэх буолан, уҥуоҕу, тииһи, тыҥыраҕы бөҕөргөтөллөр.

Сааһырдах ахсын ферменнэр аҕыйаан иһэллэр, онон ферменнэммит аһы аһыыр киһи эрдэ кырдьыбат. Аһыйбыт, көөнньүбүт (квашенай) аһы куруук сиир киһи саахарга, арыгыга наадыйбат буолар, онон ырарга да көмөлөөхтөр.

Ол эрээри, маҕаһыыҥҥа атыыланар аһыйбыт үрүҥ ас туһата кыра. Итиинэн-тымныынан аһардан, араас консерваннары, уксууһу кутан оҥороллор, туһалаах бактыарыйалара бэрт кыра буолаллар. Ол оннугар дьиэҕэ бэйэҕит суораты оҥорон, киэһэ ахсын сиэтэххитинэ, олус туһалаах буолуоҕа.

Үүнээйилэри аска туттуу

Бэс ыйыгар бэс сутукатын хастыыллар. Бу бэс хатырыгын уонна кытаанах маһын икки ардыгар баар маҥан өҥнөөх, сымнаҕас субата. Хатаран баран, бурдук курдук буолуор диэри кэлиигэ мэлийэллэр. Буһардахха, халадьыас курдук ньылыбырас буолар, атын да аска эбэн сииллэр. Бэс, тиит сутукатыгар дигидрокверцетин диэн олус туһалаах бэссэстибэ баар. Бу тымырдары бөҕөргөтөр, хааны убатар, дабылыанньаны, холестерины намтатар, антиоксидант буолан, эдэргэ түһэрэр, сэниэ эбэр, айылҕа анаабыт эмэ.

Күөл кытыытыгар үүнэр, тэтэркэй сибэккилээх, модьу силистээх унньуула оту атырдьаҕынан ороон ылан, эмиэ хатаран, суорунаҕа мэлийтэрэн, бурдук оҥороллоро. Саха бурдуга бу – унньуула (сусак зонтичный). Бу бурдуктан

Унньуула.

хатарба диэн лэппиэскэни көмүлүөк уотугар сырайан оҥороллоро. Унньуула бурдугун суоракка кутан, минньитэн сииллэрэ, ымдаан курдук утах оҥостоллоро. Оччоҕо калий, кальций, алтан, тимир, магний, сыыҥка, дьуот, селен, С, В1, В4 битэмииннэр эбиллэллэр. Унньуула ис-үөс ыарыытыгар олус туһалаах.

От үөрэтэ суораттан, арыы уутуттан оҥоһуллар. Үөрэ от (полынь) эбиллэр, онон тимир, алтан, каротин, кальций, С, Е, В1, В3, В4, В6, РР битэмииннээх.

А.А. Саввин “Пища якутов до развития земледелия” кинигэтигэр сахалар 70-ча үүнээйини аска туһаналлара диэн суруйар. Биир дьиэ кэргэн сылга 640 киилэ сиэниллэр үүнээйини, 70 киилэ үүнээйи силиһин, 50-60 киилэ бэс сутукатын, 80 киилэ отону хомуйан хаһаанара диэн бэлиэтиир. Ол да иһин өбүгэлэрбит туох да фруктата, оҕуруот аһа, битэмиин эбилигэ суох тыйыс усулуобуйаҕа тыыннаах хааллахтара.

Умнуллубут ас

Тар — уһуннук туран аһыйбыт суорат (сайын уһаакка мунньан хаһааныллар, кыһын тоҥорон аһылыкка туттуллар). Сайын атырдьах ыйыттан саҕалаан саха дьахтара күннээҕи аhылыктан ордор суораты, аhыйбыт үрүҥ аhы хоспоххо, сөрүүн сиргэ турар анал туос холлоҕоско кутара. Онно балык, көтөр уҥуоҕун, үөрэ оту, отону быраҕаллара. Кутуллубут уҥуох ууллан хаалар, манна элбэх кальций баар буолар. Туолбут иhити тута оҥкучахха түhэрэллэрэ. Дьэ, кыhыҥҥы-сааскы хаhаас тар итинник мунньуллара. Төhөнөн тардаах холлоҕос элбэх да, соччонон ыаллар эрэх-турах сананаллара.

Элбэх ыанар ынахтаах баай киhи элбэх тары хаhаанара уонна сааскы быстарыкка кыпчарыттарбыт ыал аҕата киниэхэ кэлэн сайыҥҥы от үлэтигэр кэпсэттэҕинэ, иэс быhыытынан биэрэрэ. Бу ас баар буолан, дьадаҥы дьон сылы туорууллара, тоҕо диэтэр, тары олус элбэҕи бэлэмнииллэр эбит. Аны тары бэйэтин эрэ сиэн лабыйбаттар, ас астыылларыгар, үөрэ мииннииллэригэр, хааһы оҥостоллоругар куталлар.

Тар – сайыны быһа, өр кэмҥэ туран, аһыйбыт суорат. Ол иһин аһыыбата (кислотность) үрдүк, ону тэҥэ, тууһаммыт хаппыыста курдук, көөнньүбүт буолар. Онон үчүгэй бактыарыйалардаах, аһы буһарарга туһалаах.

Түмүккэ

“Сааскы салгын тот” дииллэр. Ол аата кислорода элбэх. Киһи астан эрэ буолбакка, салгынтан, күнтэн эмиэ эниэргийэни ылыан сөп. Онон саас дьиэҕэ бүгэн олорбокко, таһырдьа тахсан, салгынна сиэҥ, сүүрүҥ-көтүҥ, хайыһардааҥ, күҥҥэ сылдьыҥ.

Ону тэҥэ, аһыйбыт үрүҥ аһы, тууһаммыт хаппыыстаны, тоҥоруллубут отону, оҕуруот аһын, куруппалары, эриэхэлэри элбэхтик сиэҥ. Мөлтүөх курдук буоллаххытына, эмтээх оттору, отоннору чэй курдук оҥостон иһиҥ. Чэгиэн буолуҥ!

Бу — интэриэһинэй

Пробиотик – бу туһалаах бактыарыйалар (тууһаммыт хаппыыстаҕа, кимчи хаппыыстаҕа, аһыйбыт үрүҥ аска, суоракка, ферменнэммит оҕуруот аһыгар, о.д.а. бааллар). Пребиотик —  бу бактыарыйалар аһыыр астара (фасоль, горох, эбиэс, банаан, чеснок, отоннор, спаржа, о.д.а.).

Тускар туһан

Авитаминоһу утары

Бэс, тиит мутукчатын ууга оргутан баран, хараҥа сиргэ уура сылдьан, ыстакаан аҥаарынан иһиллэр.

Битэмииннээх утах

200 гр. моркуоп, 1 апельсин, 1/2 лимон ыгыллыбыт сүмэһинигэр 1 ч.нь. мүөтү, ыстакаан аҥаара кэпиири (суораты) эбэн, булкуйан баран, тута иһиллэр.

Харыйа иннэтиттэн барыанньа

Харыйа саҥа үүнэн эрэр, сырдык өҥнөөх, сымнаҕас лабааларыттан барыанньа оҥоруохха сөп. 3 ыстакаан иннэҕэ 1,5 ыстакаан саахары, 1-2 ыстакаан ууну кутан буһара уураллар. Оргуйбутун кэннэ, уотун мөлтөтөн баран, 20 мүнүүтэ буһарыллар.

“Доруобуйа” бааҥката

Курага, изюм, чернослив, лимон, грецкэй эриэхэ тэҥ өлүүлэрин ылан, кырбаан, бытарытан баран, мүөтү эбэн, бааҥкаҕа кутан ууруллар. Холодильникка уура сылдьан, күҥҥэ иккитэ-үстэ ньуосканан баһан сиэниллэр.

Туһалаах чэй

2 ытыс дөлүһүөн, 1 ытыс долохоно (боярышник) отоннорун 3 лиитирэлээх көстүрүүлэҕэ уу кутан, оргутаҕыт. Онтон дьэдьэн, биэ эмиийин, моонньоҕон, мята, кыа угун сэбирдэхтэрин эбэн, 20 мүнүүтэ өссө оргутан баран, хаппахтаан, туруора түһэҕит. Мүөтү, эбэтэр барыанньаны эбэн, минньитэн иһиэххэ сөп.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: zdorovo.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0