Ньурба улууһун Антоновкатын олохтооҕо Агафья Тарасова эдэр хаһаайкаларга анаан помидору хайдах кэнсиэрбэлиирин туһунан кэпсиир.
Маринуйдаан
Икки лиитэрэлээх бааҥкаҕа помидордары кытары алта устуука биэрэс горошегын, биирдии устуука лавровай сэбирдэҕи, петрушканы, укуруоп дьөрбөтүн, төгүрүктүү быһыллыбыт минньигэс Болгария биэрэһин, чочунааҕы уонна икки гвоздиканы угабын уонна итии маринады кутан, хаппахтыыбын. Помидору наһаа буспуту буолбакка, ортолуу кытарбыты ылабын, биилкэ төбөтүнэн аллараа өттүнэн түөрт сиринэн дьөлөбүн, оччоҕуна илдьирийбэт, хайа барбат.
Маринада: Биир лиитэрэ ууга 1,5 десертнэй ньуоска туус, икки десертнэй ньуоска саахар оргутуллар.
Горлодёр помидор
Үс киилэ помидору эт эрийэринэн эрийэбин, чочунаахтыыбын. Кыра хайаҕастаах түөркэнэн түөркэлэммит үс улахан моркуобу эбэбин. Көстүрүүлэҕэ ыстакаан аҥара мас арыытын кутан, сылыта түһэн баран, онно кутабын.
Түөркэлэммит хрен силиһин эбэтэр сэбирдэҕин, аҕыйах устуука Болгария биэрэһин кырбаан (сытыы биэрэс буоллаҕына, помидору, чочунааҕы кытары эриллэр, онно биир устуука сөп) уонна бытархай гына кырбаммыт петрушканы эбэбин. Итиэннэ оһоххо кыратык тэптэрэн ылабын, оргуппаппын, уксуустаабаппын. Хреннаах буоллаҕына, буортуйбат. Амсайан көрөн туустуубун. Таһааран, сойбутун кэннэ бааҥкаларга кутан, сөрүүн сиргэ уурабын. Сытыы биэрэс суох буоллаҕына, кыһыл, мэлиллибит (красный, молотый, острый) биэрэс да барсар.
Лечолар
Төһөнөн судургутук оҥоһуллаллар да, соччонон иҥэмтиэлэрин ыһыктыбаттар уонна амтаннара үчүгэй буолар. Балтараа киилэ помидору, биир киилэ сүбүөкүлэни, 700 грамм эриэппэ луугу уонна биир чаайынай ньуоска сытыы соҕус биэрэһи эт эрийэринэн эрийэбин. Амсайан көрөн туустуубун.
Биир ыстакаан мас арыытыгар кутан, булкуйа-булкуйа, биир чаас кэриҥэ буһаран баран, итиилии бааҥкаларга кутабын. Хаппахтаан, таҥнары тутан сойутабын.
* * *
Эриллибит помидорга 0,5 ыстакаан рафинированнай мас арыытын, 0,5 ыстакаан саахары, икки остолобуой ньуоска тууһу кутан, арыый орто уокка булкуйа-булкуйа, оргутабын. Сүүрбэччэ мүнүүтэнэн кырбаммыт биэрэһи эбэн, эмиэ булкуйа-булкуйа, чаас аҥаарын устата орто уокка буһарабын.
Оһохтон таһаарыам иннинэ алта-сэттэ устуука хара биэрэс горошегын, икки остолобуой ньуоска 9 %-наах уксууһу кутабын. Эрдэттэн сууйан бэлэмнээбит бааҥкаларбар бастаан хойуутун баһан кутабын, онтон убаҕаһыттан эбэбин. Бүттэ. Бэрт сурдургу уонна түргэн. Хаппахтыыбын, таҥнары тутан сойута уурабын.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru