Сүбэһит: «Помидорбутун олордобут» (ВИДЕО)

03.04.2020
Бөлөххө киир:

Биһиги көрдөһүүбүтүнэн, Нам улууһун Аппааны бөһүөлэгиттэн уопуттаах оҕуруотчут Зоя Соловьева помидору олордууга сүбэтэ-амата кэллэ. 

—Зоя Кононовна  отонноох талахтары, оҕуруот аһын, сибэкки дьэрэкээнин  үүннэриинэн утумнаахтык дьарыктанар. Кини билэр дьонугар, аймахтарыгар, оҕуруотчуттар бөлөхтөрүгэр ватсаабынан уопутун атастаһар, эдэр хаһаайкаларга сүбэ-ама биэрэр, ыйытыыларбытыгар хорйдуур, —диэн дойдулааҕа Нина Саввина суруйар.

Бүгүн Зоя Кононовна помидору хайдах олордорун билиһиннэрэр.

—Эрдэ ситэр, астанар помидору  кулун тутар ортотуттан 25 күнүгэр диэри олордору ордоробун. Лотуокка олордубут арассаадабыт арыый уһуу түстэҕинэ, буорун эбэбит.  Онтон былаастык ыстакааҥҥа көһөртүүрбүт саҕана,  умнаһа синньигэс уонна уһун буолан, сэбирдэҕэ буор анныгар киирбэт. Онно көһөрөргө умнаһын сэрэнэн эрийэн олордобут.  Ыстакааҥҥа үүнэ түспүтүн кэнниттэн, буорун ыстакаан улахан аҥаара буолуор диэри эбэн биэрэбит. Араассадаларбытын НВ 101, Байкал М 1 суурадаһыннарынан аһатабыт.

Муус устар 20-тин диэкиттэн  тэпилииссэбитигэр ититэр тэрили холбоон сылытан барабыт.  Онно эбии, күннээххэ тэпилииссэ сылыйар буолар.  Оччоҕуна арассаадаларбытын пенопласт дьааһыкка уган тэпилииссэҕэ   таһаарабыт.  Пенопласт дьааһык түгэҕинэн тымныыны киллэрбэт, онон үчүгэй. Ол да буоллар, маҥнай утаа, түүнүн хаалларбаппыт, дьиэҕэ киэһээ киллэртиибит. Кэлин, тэпилииссэ арыый сылыйан бардаҕына,   киэһээ ахсын 5-6 чаас саҕана пенопласт  дьааһыктары хаппахтыыбыт,  ититэр тэрили холбуубут, хонноро хааллартыахха да сөп буолар.

Манна эбэн эттэхпинэ, күһүн тэпилииссэ буорун барытын түөрэн кэбиһэбит, оччоҕуна саас буора биир тэҥник ирэр.  Итии ууну эрдэттэн куттахха, тэпилииссэҕэ кутуллубут ноһуом сиигирэн үлтүркэй уонна көпсөркөй буолар.

Ыам ыйын саҥатыгар, помидордарбытын дьааһыктан хостоон ыламмыт, ыстакааннары тэпилииссэни кыйа кэчигирэччи туруортаан кэбиһэбит. Ыстакааннарбыт хас биирдиилэрэ аллараа өртүлэринэн  4-түү сиринэн ойо кырыллыбыттарынан помидорбут силис тардан барар,  арассаада доруобай буолар, суон уктанар.

Таһырдьа олордо таһаарыыбыт бэс ыйыттан саҕаланар. Бастаан лууҥкаларбытын хаһан. онно кумах уонна эбии буор кутан үчүгэйдик булкуйабыт.

Аны помидордарбытын таһырдьа таһаарарбытыгар хоннохтуубут. Ыстакааннарбытыттан хостоон, арассаадаларбытын уулаах тааска туруортуу түһэбит. Ууну оборо түспүттэрин кэнниттэн, бэлэмнээбит лууҥкаларбытыгар олордобут. Лууҥкаларбытын тула сииктээх соҕус буору кутабыт. Наһаа инчэҕэй буору куттахха, хатан салгыны киллэрбэт.  Дьэ, бу сииктээх буорбут кэнниттэн, 3-4 күн уу кутумуохпутун да сөп. Оччоҕуна үүнээйибит силиһэ сиргэ дириҥник киирэр, сайын курааны тулуйумтуо буолар.

Арассаадаҕытын сиргэ тимиччи олордумаҥ. Тимиччи олортоххутуна, икки нэдиэлэни быһа саҥалыы силис тардан, аһын ый аҥаара хойутаан биэриэҕэ.  Оттон өндөччү соҕус олортоххутуна,  помидоргут угуттан буспут аһы хомуйуоххут.

Хаартыскаҕа түһэрдэ, видеоҕа уһулла: Нина Саввина.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0