Сүбэһит: оҕуруотчут тылдьыта

Бөлөххө киир:

Биһиги ааҕааччыларбыт эрэллээх дьүөгэлэрэ, Ньурба улууһун Антоновка бөһүөлэгин олохтооҕо, Агафья Тарасова бүгүн арассааданы тэпилииссэҕэ таһаарыах иннинэ көрүүгэ-истиигэ сүбэлиир.


Кэнники кэмҥэ сиэмэ хаатыгар киһи дэбигис билбэт араас тиэрминнэрэ суруллубут буолаллар. Олору мин судургутук маннык быһаарабын:

  1. Партенокарпическай – бу гибрид (сиэнчэр) оҕурсуу сиэмэлэрэ буолаллар, истэрэ кураанах, кинилэртэн сиэмэ ылыллыбат. Маннык сиэнчэр сиэмэ куоппаһырдарга наадыйбат, тахсар сибэккитэ барыта астаах (женскай), ол аһа барыта биир тэҥ кээмэйдээх буолар.
  2. Детерминантнай — бу помидор киин умнаһа төһө уһаан үүнэр кээмэйэ буолар. Аһара уһаабат, 70 — 80 сантимерга эрэ диэри үүнэр. Маны төбөтүн быспакка, хоннох лабаалары ыытан үүннэриэххэ сөп.
  3. Супердетерминантнай — бу дьэ олох кылгас уктаах помидордар, 30 –40 сантиметрга тиийэллэр. Хоннох лабааларын ылбакка барытын ыытан баран аһын биэрдэҕинэ, улааталларын диэки сэбирдэхтэрин аҕыйатан биэриллэр.
  4. Индетерминантнай — тохтоло суох үүнэн, үөһэ бара турар, тэпилииссэ иһигэр икки миэтэрэҕэ тиийэр, сороҕор онтон өссө уһуу туруон сөптөөх помидор. Төһө уһаабытынан көрөн, төбөтүн сарбыйан, үүнэрин тохтотуллар. Маннык үүнээйини биир эрэ угу ыытан үүннэриллэр биитэр  биир-икки хоннох лабаалары хаалларыллар.
  5. Стратификация — бу тыаҕа мастар, үүнээйилэр күһүн түһэрбит сиэмэлэрэ хаар анныгар хаалан, тымныыга хайа баран, саас, халлаан сылыйдаҕына, силистэнэн, сиргэ тимирэ үүнэллэрэ буолар. Ити айылҕа бэйэтэ оҥорор стратифакацията.

Оттон биһиги бэйэбит мастарбыт, отоннорбут, сибэккилэрбит халыҥ хахтаах сиэмэлэрин морозильникка уган, эбэтэр күһүн таһырдьа суулаан хаалларан, эбэтэр холодильникка сииктээх кумахха ууран баран, икки-үс, ардыгар түөрт да ый сытыаран таһаарарбыт искусственнай стратификация дэнэр.

  1. Скарификация — стратификацияны ааспыт сиэмэлэри таһырдьаттан киллэрэн, наждачнай кумааҕынан эбэтэр игиинэн кыратык аалан, халыҥ хаҕын чарааһата түһүү. Эбэтэр итии ууга уган ылыахха сөп, төһө халыҥыттан көрөн 5-15 мүнүүтэ устатыгар.
  2. Обеззараживание — кэлии сиэмэлэр эбэтэр бэйэ хомуйуу сиэмэлэрэ хахтарыгар араас ыарыыны сыһыарбыт буолуохтарын сөп, ону итии соҕус маргаанкалаах ууга уонча мүнүүтэ уган сайҕаан ылыллар.

Сааскы сүмэлээх сүбэлэр

1.       Бэйэ ылбыт сиэмэтин иккис сылыгар олортоххо, үүнүүтэ өлгөм буолар.

  1. Бөдөҥ соҕус сиэмэлэри муохха тылыннарар ордук.

  2. Күннээх эрээри, сөрүүн соҕус хоско үүннэриллибит үүнээйи чэгиэн буолар.

  3. Буору убаҕас маргаанкалаах итии уунан эмтээҥ.

  4. Оҕурсууга сылаас ууну, умнаһын таарыйбакка, тула кутуҥ.

  5. Дьэдьэни, клубниканы уонна оҕурсууну нэдиэлэҕэ биирдэ көөнньөрүллүбүт килиэп уутунан аһатыҥ.

    7. Баклажан уонна помидор сибэккилэрин туурумаҥ, биэрэс сибэккитин бастакы икки бутуонун ылыҥ.

    8. Помидорга уонна атын да сибэккилэнэр үүнээйилэргэ ууну үрдүлэригэр кутумаҥ, кыайан куоппаһырдыллыбакка, аҕыйах аһы биэриэхтэрэ.

Edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0