Ньурба улууһун Антоновкатын олохтооҕо Агафья Тарасова оҕуруот аһын хайдах кэнсиэрбэлиирин туһунан кэпсиир.
Симии биэрэс
Астыырга бэрт судургу. Көстүрүүлэҕэ биэрэстэрбин угабын, онно ынах этэ амтаннаах биир “Магги” кубигы бытарытабын уонна маҕаһыынтан ылан, натуральнай томат суогун кутабын. Оһоххо ууран, оргуйбутун кэннэ уотун кыччатан, 45 мүнүүтэ устата бэйэтин симэһинигэр буһарабын. Минньигэс ас бэлэм. Гарнирга ириис буолуон сөп эбэтэр бэйэтинэн сиэниллэр.
Кабачуоктан алаадьы
Орто кээмэйдээх кабачуогу бөдөҥ хайаҕастаах түөркэнэн түөркэлиибин, сөбүн көрөн туустуубун, биэрэстиибин, кырбаммыт күөх луугу, укуруобу эбэбин. Икки сымыыты уонна арыый хойуннарар курдук бурдугу табыгыната кутан булкуйабын. Биэс мүнүүтэ кэриҥэ туруора түһэбин, бу кэмҥэ амтаннарын иҥэринэллэр. Салгыы итии хобордооххо, алаадьыны буһарар курдук, буһаран сырдьыгынатабын.
Кабачуоктан хомпуот
Кабачуогу кыра соҕус гына кубиктыы быһан, үс лиитэрэлээх бааҥкаҕа кутабын. Онно балтараа апельсины, хаҕын ыраастаан уонна сиэмэтин ылан баран, кыра гына кырбаан угабын. Биир курууска саахары, чайнай ньуоска аҥаара лимон кислотатын кутабын.
Салгыы оргуйбут итии ууну толору кутаат, хаппаҕынан эрийэн кэбиһэбин, таҥнары тутан, пледынан сабан сойутабын. Апельсин оннугар атын фруктаны эбиэххэ сөп. Быһата, ханнык отону, фруктаны эбэҕин да, хомпуот ол амтанынан барар.
Курагалаах хомпуот
Кабачуоктары кыра соҕус куһуоктарга кырбаан, кураганы оргуйбут сөрүүн ууга сууйан баран, эрдэттэн бэлэмнээбит үс лиитэрэлээх бааҥкабар кутабын. Онно 250 грамм саахары уонна чаайынай ньуоска аҥара лимон кислотатын эбэбин уонна итии оргуйбут уу кутаат, тута хаппахтыыбын.
Таҥнары тутаат, пледынан сабабын. Сарсыныгар сөрүүн сиргэ таһааран уурабын. (Кураганы эрдэттэн үлүннэриллибэт, бааҥкаҕа бэйэтэ үллүөхтээх).
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru