Сүбэһит: Оҕуруот аһын кэнсиэрбэлээн хаһааныҥ

Ааптар: 
23.08.2021
Бөлөххө киир:
Variety of Jars of Preserved Vegetables, Freshly Pickled Pickles, Peppers, and Tomatoes on Wooden Table

Ньурба улууһун Антоновкатын олохтооҕо Агафья Тарасова оҕуруот аһын хайдах кэнсиэрбэлиирин туһунан кэпсиир.

Тууһаммыт оҕурсуу

Устатынан эбэтэр төгүрүктүү быһыллыбыт үс киилэ оҕурсууга түөрт остолобуой ньуоска тууһу, биэс остолобуой ньуоска саахары, икки лавровай сэбирдэҕи, биэрэһи, кырбаммыт чочунааҕы, биир кыра ньуоска укуруоп сиэмэтин, ыстакааны кыайбат мас арыытын, 9 %-наах уксууһу булкуйан, чаас аҥаара сытыарабын.

Симэһинин биэрбитин кэннэ бааҥкаларга кутан хаппахтыыбын. Сүүрбэ мүнүүтэ туруора түһэн баран, таас аҥаара ууга ууран, сүүрбэччэ мүнүүтэ устата оргутабын.

* * *

Оҕурсууну үс чаас устата тымныы ууга сытыарабын.
Үс лиитэрэлээх бааҥка түгэҕэр укуруоп зонтигын, аҕыйах устуука лавровай сэбирдэҕи, минньигэс биэрэһи, алта-сэттэ горошек биэрэһи, хрен сэбирдэҕин уонна икки өлүүскэ чочунааҕы аҥардаан угабын. Ол үрдүгэр уһуктара быһыллыбыт оҕурсууну уонна ортолуу буспут помидору, хайдыбатын наадатыгар икки сиринэн дьөлөн, угабын. Оргуйбут итии ууну кутабын уонна уонча мүнүүтэ туруора түһэн баран, ол ууну көстүрүүлэҕэ сүөкүүбүн. Онно икки остолобуой ньуоска тууһу, биир остолобуой ньуоска саахары кутан оргутабын уонна биир десертнай ньуоска убатыллыбыт уксууһу эбэбин. Итиилии бааҥкатыгар кутан, хаппахтыыбын.

Таҥнары ууран, халыҥ таҥаһынан сабабын. Сарсыныгар сөрүүн сиргэ таһаарабын. Балтараа сылы устата туох да буолбат, маҥхайбат, түллүбэт.

Маринада: үс лиитэрэ ууга икки остолобуой ньуоска туус, биир остолобуой ньуоска саахар, биир десертнэй ньуоска убатыллыбыт уксуус.

Ассорти

Үс лиитэрэлээх бааҥка түгэҕэр биир лавровай сэбирдэҕи, икки устуука минньигэс биэрэһи, сэттэ устуука хара горошегы, биир гвоздиканы, үс чочунаах өлүүскэтин, биир укуруоп зонтигын, петрушканы уонна кыра хрен сэбирдэҕин угабын. Онно синньигэс ына кырбаммыт хаппыыстаны, моркуобу, оҕурсууну, помидору угабын, үрдүгэр эмиэ укуруоп зонтигын уонна моонньоҕон сэбирдэҕин уурабын.

Оҕурсууну тууһуурбар туттар маринадпын кутабын. Хаппахтаан, таҥнары ууран сойутабын. Үрдүнэн халыҥ таҥаһынан (пледынан) бүрүйэбин. Сарсыныгар сөрүүн сиргэ уурабын. Кыһын биир бааҥкаттан араас элбэх оҕуруот аһын ылабын.

Раиса Сибирякова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0